Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 17
Балай да өр саҥата суох төттөрү-таары хаамыталаамахтаат, остуолун иннигэр кэлэн тохтуу түстэ. Үөрэнээччитин утары көрдө, киниэхэ эрэ туһаайардыы, сорунуулаахтык саҥаран барда:
– Миша, мин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан убайдарым кистээбит Ойуунускай кинигэлэрин ампаарбытыттан булан ааҕар, хоһооннорун нойосуус үөрэтэр этим. Бу мин тус бэйэм кистэлэҥим буоларын өйдүөх тустааххыт. Өскөтүн бүгүн аахпыт хоһооммут хаһыакка бэчээттэммэтэҕэ буоллар, мин маны эһиэхэ кэпсиэм суоҕа этэ.
Оҕолор өйдүүрдүү саҥата суох болҕойон истэ олороллоро. Бүгүҥҥү уруок былаана кэһиллэн, барыахтаах матырыйааллара тыытыллыбакка хаалбытын Гаврил Васильевич уруок түмүктэниитэ эрэ өйдөөбүтэ. Дьиэтээҕи үлэтин биэртэлээн бүтээтин кытта көрүдүөргэ чуораан тыаһа өрө кылыгырыы түспүтэ…
Эргитэ санаатахха
Оскуолатааҕы оҕо саас өлбөөдүйбэт өрдөөҕү түгэннэрэ Михаил Ефимович туоххаһыйбыт санаатыгар күн бэҕэһээҥҥи курдук элэҥнээн аастылар.
Оскуолалара эрэйдээх сэттэ уонус сыллар бүтэһиктэригэр диэри турбута. Оччолорго балай да улахан дьиэ этэ, көтүллүбүтэ бэлиэр үйэ чиэппэрэ буолан эрэр эбит. Билигин икки этээстээх, быйыл аҕай евро-өрөмүөнүнэн саҥардыллыбыт, аныгылыы толору тэриллээх, маллаах-саллаах бөһүөлэк ортотугар тутуллубут бэртээхэй оскуолалаахтар. Урукку кинилэр интэринээттэрэ уонна учууталлар олорбут биир уопсайдара билигин даҕаны ордон тураллар. Интэринээт оҕо музыкальнай тэрилтэтэ буолан кэм да туһалыы тураахтыыр эбит.
Михаил Ефимович дойдутугар кэллэр эрэ оскуолата турбут сирин, интэринээтин тиэргэнин быһа ааспат. Хайаан даҕаны кэлэ сырыттаҕына, сүүрбүт-көппүт, оонньообут-көрүлээбит оскуолатааҕы оҕо сааһын тэлгэһэтин көрдөҕүнэ, тула хаамтаҕына эрэ астынар.
Бу бүгүн эмиэ кэлэн эргийэ хааман, үгүһү-элбэҕи эргитэ санаата, уруккуну-билиҥҥини тэҥнии тута, уларыйыыны-тэлэрийиини көрө-истэ, инникини, кэскили түстээн иһигэр толкуйдуу, былаанныы истэ. Стрекаловка үрэх эниэ сыырын таҥнары хааман, үрэх төрдүнээҕи Эбэ хааһын кумах тумсугар тохтоон, хотуттан эҥсэр киэһээҥҥи сииктээх сиккиэри утары хайыһан, улуу өрүс уйаара-кэйээрэ көстүбэт киэҥ иэнин одуулуу турда.
Санаа… Сатаан сабаҕаламмат салаҥ күүс… Киһи аймах санаатын күүһүнэн Аан Ийэ Дойду айыллыытын историятыгар кылгас кэм иһигэр балысхан үүнүү-сайдыы суолун тутуһан кэллэҕэ, салгыы сайдар тэтимэ өссө киһи үөйбэтэх өттүнэн эбии улаатыа, күүһүрүө турдаҕа.
Санаа чаҕылҕан түгэнэ быралыйар былыргыны, быдан ырааҕы, үйэ күдэнигэр, күн-дьыл тумарыгар саспыт ааспыты эргитэн аҕалан хараҕыҥ иннигэр өрдөөҕү өбүгэлэрбит сирдэрин-уоттарын, олохторун-дьаһахтарын дьүһүннээн-бодолоон ойуулаан биэриэ, саҥардан-иҥэрдэн, иэтэн-туотан өйдөрүн-санааларын