Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 21

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

сылдьар, Сибиир нэһилиэнньэтигэр аналлаах сокуоннары ылыныыга кыттар буолбуттара. 1824 сыллаахха Бороҕон кулубата Уйбаан Мигээлкин, Хаҥалас кинээстэрэ Сэмэн Кирииллин, Ньукулай Ырыкыныап Иркутскайга тиийэн «О законах и обыкновений издревле существуемых у якутов Якутской области и округи» диэн сурук түһэрбиттэрэ кэлин бэйэни салайыныыга тирэх буолбута.

      Тус бэйэ дьолун-соргутун туһугар туох оҥоһуллубатаҕа баарай, оттон уопсай дьыала иһин бары күүһүн-күдэҕин биэрэн туран бэйэтин харыстаммакка үлэлиир-хамныыр киһи хаһан баҕарар дьон-сэргэ билиниитин, махталын үөһүгэр сылдьааччы. Соппуруон Сыраанап, Сэһэн Ардьакыап оннук дьон этилэр.

      Наполеон сэриитин кыайбыт, реформаторынан аатырбыт Александр I император дьаһалынан Сибиир үрдүнэн реформаны ыытыыны салайбыт Михаил Сперанскай хамыыһыйатын үлэтин түмүгүнэн 1827 сыллаахха тохсунньу 27 күнүгэр Дьокуускай уокурукка Степной Дуума тэриллибитэ.

      Дуумаҕа 15 киһи үлэлиирэ. 1830 сыллаахха от ыйын 3 күнүгэр Степной Дуума сэттэ улуус мунньаҕын ыыппыта. Барыта 482 киһи кыттыбыта. Аҕа ууһун баһылыктара, нэһилиэктэр кинээстэрэ, нэһилиэктэр аайыттан биирдии итэҕэллээх киһи, улуустар кулубалара бааллара.

      Степной Дуума бу мунньаҕын өйгө оҥорон көрдөххө, маннык хартыына тиллэн кэлэр.

      …Инники кэккэҕэ аатырбыт-сураҕырбыт уордаах Уот Ыстаарыһын, тойон-хаан көрүҥүн киллэринэн, бастыҥ олох уот өттүгэр сото кэбиһэн, мустубут дьону-сэргэни үрдүлэринэн өрө көрөн хоноллон олорор. Кини диэтэх киһи, мунньах дьонун ахсаанын чиэппэрин хабар саамай элбэх, 122 киһилээх Илин эҥээр Боотуруускай улууһун кулубата буоларынан, сүбэ кыттыылаахтарын барыларын баһылаан-көһүлээн киллэрэн, уҥа-хаҥас өттүнэн хас да кэккэни ылан, сугулаан иһин күөнтээн кэбиспит. Хас тыл-өс иһиллиитин, сүбэ-ама этиллиитин быһаарарга куолас холбооһунугар хотуулаах өттө кини диэки буолуох этэ буоллаҕа.

      Бары тыыммат кэриэтэ иһийэн олорон, устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах уһунньута, Пиэрибэй Малдьаҕар бастыҥ кинээһэ Ньукулай Ырыкыныап суруксут уоттаах-төлөннөөх этиитин истэллэр.

      – Күн ыраахтааҕыбыт Ньукулай Пиэрибэй Арассыыйа эбэ хотун бөрүстүөлүн үрдүк мындаатыгар олорбута бэлиэр хаһыс да сылыгар барда. Кини иннинэ олорбут Өлөксөөндүр Пиэрибэй саҕана биһиги, сахалар, олохпутун-дьаһахпытын куһаҕана суох оҥостон испиппит баара. «Сибиир омуктарын устааба» биһиги аҕаларбыт, эһэлэрбит төрүт үгэстэрин болҕомтоҕо ылан, бэйэлээх бэйэбит баҕабыт хоту Степной Дуума диэн Улуу Сүбэни тэринэргэ көҥүл ыламмыт бу бүгүн манна кэлэн мустан олоробут. Бэйэбитин көрүнэр-дьаһанар өттүгэр, кыра да соҕус буоллар, син ситиһиилэр баалларын билэбит. Түүлээҕинэн, этинэн-аһынан эргинэр бырааптаммыппыт, таһаҕаһы бэдэрээтинэн таһарга ылсыһан дьарыктаммыппыт хас да сыл буолла. Ити барыта урукку ыраахтааҕы саҕана этэ, оттон билигин мантан инньэ саҥа ыраахтааҕыбыт биһигини хайдах тутан-хабан киирэн барара биллибэт. Онон саҥа ыраахтааҕыбытын кытта хайаан даҕаны бэйэбит тиийэн сирэй көрсөн кэпсэттэхпитинэ эрэ сатаныах курдук буолла.

Скачать книгу