Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 25

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

ырыаһыт, сээркээн сэһэнньит быһыытынан норуотугар киэҥник биллибитэ.

      1912 сыллаахха Россияҕа Романовтар династияларын 300 сылын бэлиэтээһиҥҥэ Саха сирин делегациятыгар киирсэн Кулаковскай эмиэ сылдьыбыта. Съезкэ анаан дириҥ ис хоһоонноох тыл этиигэ бэлэмнэммитэ кыайан олоххо киирбэтэҕэ. Наар ыраахтааҕыны өрө тутуу, айхаллааһын, арбааһын сүпсүлгэнин сөбүлээминэ, тыл этиэхтээҕэр буолуох, кэлин өттүгэр төрүт даҕаны сылдьыбатаҕа. Өксөкүлээх ол бэлэмнэммит тыл этиитигэр Сибиир сүүсчэкэлии, тыһыынчалыы эрэ ахсааннаах хаалбыт кыра омуктарын ааттарын ааттаталаан туран, кинилэр эстэр суолга киирэн эрэр дьылҕаларын сүрүн төрүөттэрин быһааран биэрэр. Олор ахсааннарыгар сахалары киллэрэн туран, сүрүн төрүөтүнэн Сибииргэ нуучча бааһынайдарын көһөрүү долгуна олохтоох омуктартан сирдэрин былдьааһыҥҥа тириэрдэр диэн бэлиэтиир.

      Столыпин былаанын быһыытынан, Саха сиригэр икки мөлүйүөн нуучча бааһынайа көһөрүллэн кэлиэхтээҕэ, онуоха эбии саха тылдьытын ааптара Пекарскай, Россия географическай уопсастыбатыгар үлэлии олорон, сахалары Муустаах муора кытылыгар көһөртөөн баран, кинилэр оннуларыгар сиринэн сатаан дьарыктанар дьону олохтуохха диэбит сураҕа Кулаковскайы улаханнык дьиксиннэрбитэ биллэр. Ол эрээри куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат диэбиккэ дылы, Столыпин террористар дьайыыларыгар түбэһэн уонна Маҥнайгы аан дойду сэриитэ саҕаланан, ол былаан олоххо киирбэккэ хаалбыта.

      Өксөкүлээх элбэх өйү-санааны этэр, сүбэни-аманы биэрэр аакка-суолга киирбит айымньытынан, суруйуутунан «Ойуун түүлэ», «Интеллигенцияҕа сурук» буолаллар. Бу үлэлэригэр кини үөрэххэ сыстыбатах дьадаҥы дьон араҥата интеллигенция, киириилээх-тахсыылаах баай дьон көмөтө суох өрүттэр, сайдар кэскилэ суоҕун этэр. Үөрэх эрэ быыһыахтааҕын, атын омуктардыын тэҥҥэ туруулаһарга быһаарар күүс буолуохтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтиир. Сүөһү боруодатын тупсарыы, кымыһы дэлэтии, дьадаҥы дьоҥҥо кредит биэрии сөптөөҕүн, кулаагы кылаас быһыытынан эһии сыыһатын туһунан, о. д.а. үгүс сыаналаах этиилэрэ билиҥҥи олохпутугар сөп түбэһэр. Өксөкүлээх норуота сайдыан, барҕарыан олус баҕарара уонна эрэнэрэ. Олохпут бүгүн кини баҕатын, өйүн-санаатын хоту сайдар…

      Ыалдьыттар

      Улуус үбүлүөйүн бырааһынньыгар кэлбит ыалдьыттар, олохтоох салалта эрдэттэн тэрийбит былаанын быһыытынан, гостиницанан, ыалларынан тарҕанан, үс-түөрт хонук устата олорор сирдэрин буллулар.

      Эдэригэр уһук хоту оройуоттарга, ол иһигэр Эдьигээҥҥэ «Коммунизм уоттара» хаһыакка уһуннук корреспонденынан үлэлээбит, билигин сынньалаҥҥа олорор Дьөгүөр Маппыайабыс Бологуурап бөһүөлэк ыала бырааһынньыгынан сибээстээн туран биэрбит дьиэтигэр иккиэ буолан түстүлэр. Бииргэ олорооччута, уруккута Эдьигээн райпотугар биэс сыл үлэлии сылдьыбыт эргиэн үлэһитэ Бөтүрүөп Сэмэн Ыстапаанабыс, Сэрэх Сэмэн диэн хос аатынан биллэр биэнсийэлээх киһи, эмиэ Дьөгүөр курдук, тэрилтэтин үбүлүөйүгэр ыҥырыылаах

Скачать книгу