Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 24
Гавриил Васильевич Ксенофонтов 1888 сыллаахха төрөөбүтэ. Кини В. В.Никифоровтан 22 сыл балыс этэ. Төрөппүттэрэ, улахан уоллара Гавриилтан ураты, өссө биэс уоллаахтара, үс кыыстаахтара. Тыа начаалынай оскуолатын кэнниттэн Дьокуускайдааҕы реальнай училищены бүтэрбитэ. Онтон Томскайдааҕы университет юридическай факультетыгар, Иркутскайдааҕы университекка үөрэммитэ. Томскайдааҕы университеты бүтэрэн баран, 1912–1917 сылларга Дьокуускай адвокатуратыгар үлэлиир. Оччотооҕу дьон өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалбытынан, кини суут дьыалатын олус өйдөөхтүк, эппиэтинэстээхтик ыытар эбит. Дьоҥҥо үтүө санаатынан, уус тыллаах араатарынан биллэрэ.
Маҥнайгы аан дойду сэриитэ саҕаланыаҕыттан общественнай уонна политическай үлэнэн дьарыктанан барар. Сахалары аармыйаҕа хомууру тохтотторбут үтүөлээҕэ биллэр. Сэриигэ бааһырбыттарга уонна өлбүттээхтэр дьиэ кэргэттэригэр сиэртибэ хомуйуутун хампаанньата саҕаламмытыгар Г.Ксенофонтов Россия Кыһыл Кириэс уопсастыбатын Дьокуускайдааҕы салаатын салайбыта. Оттон ол уопсастыба олохтоох омуктарын салаатын В.Никифоров салайара. Онон кырдьаҕастаах эдэр икки политик, бу кэмҥэ көрсөн, бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн, биир идейнэй өйгө-санааҕа кэлбиттэрэ чуолкай.
Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ саха интеллигенциятын инники күөҥҥэ үтүрүйэн таһаарыыта – олох ирдэбилэ. Саха үөрэхтээхтэрэ олус аҕыйах буоланнар хас биирдиилэригэр элбэх эбээһинэс сүктэриллибитэ.
Г. В.Ксенофонтов, Саха сиринээҕи уопсастыбаҕа куттал
суох буолуутун кэмитиэтин чилиэнэ, Дьокуускайдааҕы уокурук суутун хамыһаара, олохтоох бааһынайдар хамыыһыйаларын салайан, саха омук култууратын тилиннэрии программатын оҥорор. 1917 сыллаахха кулун тутарга саха уонна нуучча бааһынайдарын холбоһуктаах съезтэрэ ыытыллар. Манна «Көҥүл» диэн саха интеллигенциятын түмэр федералистар холбоһуктара тэриллэр. Бу холбоһукка 400-тэн тахса саха бастыҥ интэлигиэнэ киирбитэ. Г.Ксенофонтов «Көҥүл» холбоһук салалтатын чилиэнинэн буолбута. Программаларын сүрүн ис хоһооно, сыала-соруга: омуктар бэйэлэрин дьаһанар, судаарыстыбаннастаах, бас билиилээх буолар бырааптарын билинэр, араас национальностар холбоһуктаах государстволарын федерацията. Федералистар Сибиир киэҥ, толору бырааптаах, Сибиир Дууматынан салаллар туһунан автономия буоларын модьуйсаллара. Г.Ксенофонтов Бүтүн Сибиир уонна Саха сирин икки ардыларыгар былааһы тыырсыы үлэтигэр этиилэри киллэриигэ көхтөөх кыттыыны ылар. Федералистар Бүтүн Россиятааҕы Учредительнай мунньах ыҥырылларыгар эрэллэрин сүтэрбэттэр. Онно депутакка кандидатынан Г.Ксенофонтовы аныыллар. Ону таһынан кини 1917 сыл иккис аҥаарыгар куорат Дууматын салайар. Бу кэмҥэ, бассабыыктар Саха сириттэн барбыттарын кэннэ, федералистар уонна эсердэр күүһүрбүттэрэ.