Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 22
Ыраахтааҕы чиновниктарыттан сахалар губернатор И.И.Крафт аатын саамай үрдүктүк туталлар. Кини алта сыл салайбытын устатыгар сэттэ начальнай училищены, Өлүөнэ трагын эҥээр 26 оскуоланы астарбыта. Ону таһынан И. Крафт дьаһалынан Казань, Петербург, Москва университеттарыгар, институттарыгар үөрэнэр уонтан тахса Саха сирин устудьуонугар стипендия анаммыта. Эмиэ кини көҕүлээһининэн музей уонна библиотека дьиэлэрин тутууга үп хомуллуутугар бэйэтэ 1500 солкуобайы сиэртибэлээбитэ. Ыраахтааҕы администрацията Саха сиригэр ыыппыт «культурнай политиката» төһө да дуона суоҕун иһин, ХIХ үйэ иккис аҥаарыгар саха норуотун сайдыытыгар ураты хоннохтоох хардыы оҥоһуллубута бэлиэтэниэхтээх. Чэ, баҕар, университеты, институту бүтэрбит саха ахсаана аҕыйах даҕаны буоллун, ол гынан баран кинилэр омуктарыгар төһөлөөх үтүөнү оҥорбуттарын санаан көрүҥ. Кинилэр бэйэлээх бэйэбит испититтэн тахсыбыт эрээри, букатын ураты, үрдүк сайдыылаах дойдуларынан сылдьыбыт, таһыччы киэҥ билиилээх-көрүүлээх дьон буолаллар эбээт!
ХIХ, ХХ-с үйэлэр ыпсыыларыгар олохтоох национальнай интеллигенция үүт үрүмэтин курдук чараас араҥата үөскээбитэ.
1883 сыллаахха Иркутскай түрмэтигэр саха биир бастакы үөрэхтээҕэ, маҥнайгы учуонайа, естественнэй наукаларга кандидат Константин Неустроев баара-суоҕа 25 сааһыгар ытыллан өлбүтэ. Бу чаҕылхай талааннаах, үөрэхтээх киһи революционнай өйдөөх-санаалаах хаайыылаахтары кытта кистэлэҥ суруйсууга уорбаланан хаайыллыбыта. Саҥардыы ситэн-хотон, сириэдийэн эрдэҕинэ, норуотугар туһалыыр кыах биэрбэккэ, олус эрдэ тыынын быспыттара.
Константин Неустроевтан аҕыс сыл балыс (1866 с.) Василий Никифоров, норуотун бары кыһалҕатыгар барытыгар күүс-көмө, өй-санаа буолбут дьиҥнээх интэлигиэн, оччотооҕу саха прогрессивнай өйдөөх-санаалаах бас-көс уонна үөрэхтээх дьонун лидердэрэ, патриот, киһи киэнэ кэрэмэһэ, омугун туһугар чаҕылхай олоҕу олорон ааспыта. Саха үөрэхтээхтэрэ барылара даҕаны сурукка-бичиккэ аан бастаан полит-сыылынайдартан үөрэммиттэрэ барыбытыгар биллэр суол. Василий Никифоровка быһаччы сабыдыаллаабыт дьонунан Константин Неустроев уонна кини Петербурдааҕы университекка бииргэ үөрэммит табаарыһа, университет кистэлэҥ куруһуогун сорудаҕынан үөрэх миниистирин Сабуровы дьон ортотугар сирэйгэ биэрэн саакка ыыппытын буруйугар Саха сиригэр сыылкаҕа ыытыллыбыт Папий Павлович Подбельскай буолаллар. Сыл кэнниттэн Иркутскайга кини холобурун Неустроев хатылаан ытылларга ууруллубут. Доҕордуулар биир дьыалаҕа түбэспиттэр эрээри, бириигэбэрдэрэ тус-туһунан буолбута.