Скачать книгу
сүрүн төрүөтү этиэххэ сөп. Ол нуучча хаһаахтара Саха сирин Тыгын тойон Улуу Или, билиҥҥинэн государственноһы, тэрийэр санаанан араас ньыманы туттан, ол иһигэр күүһүнэн дьарыйары, ардыгар үҥүүнү-батаһы туттары даҕаны кэрэйбэккэ, атын улуустары барыларын бииргэ түмэр күүһэ-күдэҕэ ситэ илик кэмигэр булбуттара буолар. Тус-туһунан ыһыллан олорор аҕа уустарын буорах саалаах аҕыйах да киһи оччотооҕу кэм сиэринэн бэриннэрэрэ уустуга суох дьыала этэ. Оттон Тыгын кэмигэр бэйэ-бэйэлэрин кытта иирсэ, кыргыһа олорбут, кыайан түмүллэ илик улахан уустар ис иирсээннэрин быһаарсалларыгар төттөрүтүн хаһаахтары бэйэлэрин диэки тарда сатыыр түбэлтэлэрэ тахсыталыыр эбит. Ордук бороҕоттор, намнар хаҥаластары кытта атааннаһыыларыгар оннук түгэннэр көстөллөр. Хаһаахтар ону таба туһанан, улахан уустар тойотторун бэйэ-бэйэлэригэр киксиһиннэрэн, утарыта туруортаан, өрө туруу көрдүгэнин, бастаанньалары олохтоохтору бэйэлэрин көмөлөһүннэрэн саба баттыыллара. Ол эрээри дьон улаҕалаах өйдөөхтөрө, эр сүрэхтээхтэрэ оччолорго даҕаны бааллара. Күүс, сэп-сэбиргэл өттүнэн быдан баһыйтарар тэҥэ суох балаһыанньатыгар киирсии, ол киирэн аҥаардастыы кыргыллыы көстөн турар алдьархайын өйдүүр дьон өттө көдьүүһэ суох хаан тохтуутун бохсор инниттэн дьоннорун-сэргэлэрин өлүү-сүтүү үксүү илигинэ өйдөтө-тохтото сатаан бэринэргэ ыҥыран тыл-өс эппит, бопсо-хаайса сатаабыт түбэлтэлэрэ даҕаны баар буоллахтара. Оннук өйүнэн-санаанан салайтаран Өйүк уонна Үөчэй аймахтарын малдьаҕардары буойа-бопсо сатаабыт буолуохтаахтар. Эмиэ оннук сыалы тутуһан Маһары Чуукалыын Индигиир олохтоохторун өйдөтөн тылларыгар киллэрдэхтэрэ. Улахан уустар тойотторо Лөгөй, Мымах билиҥҥи кэм кэрдиитин үрдүттэн көрүүгэ түмсүүлээх утарсыылар кэмнэригэр туора турар, туорайдаһар түбэлтэлэрэ таҥнаран биэрии курдук көстүбүтүн иһин, оччотооҕу уустук, халбархай кэмҥэ сөптөөх быһаарыныы быһыытынан билиниллиэн сөп. Дьиҥинэн, оччотооҕуга бу тоҕоостоох политика этэ. Сэп-сэбиргэл күүһүнэн тугу да ситиһэр кыах суох кэмигэр ньуолбар сыһыаны тутуһан, нуучча судаарыстыбатын билинэн, кини үрдүкү салалтатын көмөтүнэн олохтоох быһыыны-майгыны көннөрөр, омугу араҥаччылыыр суолу-ииһи тобулар өй-санаа бас-көс дьоҥҥо киирбит буолуохтаах. Олох-дьаһах ыараан, быһыы-майгы уларыйан истэҕин аайы Лөгөй курдук дьон тыла-өһө, дьайыыта табыгастааҕа өйдөнөн, сыыйа норуот өйүгэр-санаатыгар олохсуйан, кэлиҥҥи көлүөнэ дьон ол сөптөөх суолу тутуһан салгыы сайыннарбыттара биллэр. Оннук дьонтон биирдэстэринэн Маһары буолар. Кини өһү-сааһы ситиһэ барбакка, бойобуода былааһын билинэн күүс-көмө буолан, бииринэн, нуучча тойотторун, хаһаахтар харахтарыгар быраҕыллан, иккиһинэн, дьонун-сэргэтин быстах-быһымах быһыылартан араҥаччылаан, этэргэ дылы, икки куобаҕы өлөрөн, Хаҥалас улууһугар биллэр-көстөр бас-көс киһилэрэ буолар.
1669 сыллаахха улахан уустар баһылыктарын тэрээһининэн дьаһаах төлөөччүлэр ааттарыттан 110 киһи илии баттааһыннаах Алексей Михайлович ыраахтааҕы аатыгар көрдөһүү сурук ыыталлар. Онно киис быста эстибитинэн сибээстээн, дьаһаах
Скачать книгу