Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 15

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

чигдитийэ кытааппыт килэркэй суол устун харса суох тэбэн, үс биэрэстэ сири начаас элэҥнэттилэр. Бөһүөлэк кытыы дьиэлэрин кырыыһалара көстөр буолуута Миша, кэннин хайыһан көрөн баран, дьоно бары ситиһэллэрин курдук бытаарда.

      – Хайа, бары үчүгэйгит дуо?

      – Үчүгэйбиэт…

      – Мин хайыһарым быата холкутаата.

      – Оттон мин торуоскам хаалыга алдьанна, – Кеша Гоголев, күлэн мичилийээт, хаалыга суох торуоскатынан далбаатанна.

      – Дьэ мантан инньэ аргыый барыаҕыҥ. Улахан алдьаныыта, сүтүгэ суох үчүгэйдик сырыттыбыт, – Миша астыммыт быһыынан холкутук күлэн кэбистэ.

      – Улахан Күөлгэ хаһан барабыт?

      – Кэлэр өрөбүлгэ.

      – Каникулбут кэмигэр Баахынайга дуу, Кыстатыамҥа дуу баран кэлиэҕиҥ. Туох дии саныыгыт?

      – Эбэтэр Куонараҕа… – ким хантан сылдьарынан, бэйэтин дойдутун диэки иэҕэн тыл көтөхсүүтэ саҕаланна.

      – Ыраахтара бэрт, хайдах тиийээри…

      – Ортотугар дьаамҥа хонон тиийэр буоллахпыт дии.

      – Оҕолоор, Марианна Евгеньевна Кыстатыамҥа агитбригаданан баран концерт көрдөрөн кэлэр туһунан биллэрбитин истибиккит дуо? – Миша доҕотторун кэриччи көрүтэлээтэ.

      – Тыый, ол оччо ыраахха концерт малын, таҥаһын-сабын хайдах сүгэн бараары… – тохсуска үөрэнэр Проня Спиридонов сибилигин баран эрэрдии аймана түстэ. Атыттар даҕаны мунаарбыт көрүҥнэннилэр.

      – Табанан барыахпыт. Директорбыт кэпсэтиэх буолбут, – хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээрэ Миша Николаев оскуола олоҕун былааныттан сонун иһитиннэриитин бары сэргии түстүлэр. – Кыра кылаастары кытары илдьэ барыахпыт.

      – Ок-сиэ, дьэ ньиргиэр айан буолсу.

      – Оттон табалаахтар куотар буоллахтара дии.

      – Туох буолуой, дьаамҥа хонукпутугар ситиэхпит буоллаҕа.

      – Уу, үчүгэй да буолсу…

      Поход кыттыылаахтара, инники күүтэр көхтөөх тэрээһин сонунун истэн үөрэ-көтө аймалаһан, ким дьиэлээх дьиэтигэр, оттон үгүстэр тутуспутунан интэринээттэригэр бардылар.

      Ойуунускайы тоҕо билбэппитий?

      Саха тылын учуутала Гаврил Васильевич Попов онустарга киирэн кылаас сурунаалын арыйан, үөрэнээччилэрин кэриччи көрөн ким баарын-суоҕун быһааран бэлиэтии олордоҕуна, Миша Николаев туран кэллэ.

      – Гаврил Васильевич, Ойуунускай диэн поэт баара дуо?

      – Баара… – эдэр учуутал, соһуйбуттуу, үөрэнээччитин өрө көрөн таһаарда. Тоҕо ыйыппытын дьиибэргээн, утары ыйытардыы көрүтэлээтэ.

      – Ону биһиги тоҕо билбэппитий?..

      – Тоҕо үөрэппэппитий?..

      – «Норуот өстөөҕө» үһү буолбат дуо?..

      – Бээрэ, оҕолоор, ону эһиги тоҕо ыйыттыгыт? – оҕолор бары айдааран, күйгүөрэн барбыттарын дьиибэргээн, учууталлара буойардыы ыйытта.

      – Оттон хаһыакка суруйбуттар дии.

      – Тугу? Ханнык хаһыакка?.. – Гаврил Васильевич,

Скачать книгу