Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 11

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

аннынааҕы бааххыт тоҕуллубакка толору турар. Бэйэҕит оскуолаҕытыгар, дьиэҕитигэр куруук телогрейканан сылдьаргыт көрөргө үчүгэйэ суох.

      – Үлэбит элбэх…

      – Маспытын-уубутун бэлэмниибит.

      – Дьиэбит тымныы, – онтон-мантан симик саҥалар одоҥ-додоҥ иһилиннилэр.

      – Анастасия Яковлевна, эн хайдах тоҥмоккунуй? – тэлигириэйкэтин эҥээрин сөрүү туттан олорор Коля Софронов кэмчиэрийбиттии ыйытта.

      – Мин сарсыарда аайы эрдэ тураммын зарядкалыыбын, хайыһардыыбын уонна хайдах тоҥуохпунуй?

      Дьиҥинэн, кини оскуолаҕа барарыгар былаачыйатын иһинэн чараас куопта кэтэрэ. Хатыҥыр буолан онтукатын билиннэрбэт этэ, билигин онтун эмиэ кэтэн турара.

      – Тыый, хайдах онно барытыгар бириэмэҥ тиийэрий?..

      – Режими тутуһабын.

      – Оччоҕо хата режимҥин кэпсээ эрэ.

      – Только барытын, сарсыардааҥҥыттан саҕалаан… – сэргэҕэлиир саҥа-иҥэ арыый элбээн, кэпсэтии сүнньүн булуох курдук буолла.

      – Мин сарсыарда алта аҥаарга туран зарядкалыыбын уонна 15 мүнүүтэ устата хайыһардыыбын. Суунан, аһаан бараммын сэттэ аҥаарга оскуолаҕа баар буолабын. Эбиэккэ диэри эһиги сменаҕытыгар химияҕа, биологияҕа уруок биэрэбин. Эбиэттэн киэһэ иккис сменаҕа ботаниканы үөрэтэбин, юннаттар куруһуоктарын, агитационнай үлэ ыытабын. Нэдиэлэҕэ түөртэ киэһээҥҥи оскуолаҕа үөрэтэбин. Ол кэнниттэн дьиэбэр кэлэн сарсыҥҥы уруоктарбар бэлэмнэнэбин.

      – Уонна алта аҥаарга тураҕын?..

      – Туран.

      – Онно ууҥ ханар дуу?

      – Ханар. Урут студенныы сылдьан даҕаны хойукка диэри дьарыктанар, эрдэ турар этибит. Инньэ гынан үөрэнэн хаалбыппын.

      – Тыый, оччоҕо биһиги бириэмэбит үгүс өттүн утуйан тахсар эбиппит дии, – учууталларын кытта, уруккуларын курдук, кэмчиэрийэ, кыбыста тутталлара сыыйа симэлийэн, бэйэлэрин тэҥнээхтэрин курдук, сөҕөн-махтайан, бэркиһээн кэпсэтиигэ бары аһаҕастык кыттан бардылар.

      Анастасия Яковлевна бэйэтэ даҕаны, истиҥ сыһыан, чугасаһыы тыына үөскээбитин билинэн, иҥнигэһэ суох холкутук саҥаран-иҥэрэн салгыы кэпсээбитинэн барда:

      – Мин эмиэ, эһиги курдук, оскуоланы бүтэриэхпэр диэри интэринээккэ олорбутум. Онно бэйэбитин дьаһанар сэбиэттээх, бэрэссэдээтэллээх буолар этибит.

      – Ханнык оскуолаҕа үөрэммиккиний? Ол сэбиэттэри ким тэрийэр, туох үлэни ыытар этилэрий? – тэлигириэйкэлээх уолаттар ортолоругар соҕотоҕун толстовканан олорор, өрүкүйбүт хара куударалаах бастыҥ үөрэнээччи Миша Николаев эрилкэй киэҥ харахтарынан болҕомтолоохтук көрүтэлээтэ.

      – Дьокуускайга иккис оскуолаҕа үөрэммитим. Барытын үөрэнээччилэр бэйэбит испититтэн бэйэбит талан тэрийэрбит. Алталыы-сэттэлии киһилээх спортивнай, хаһаайыстыбаннай, санитарнай, культмаассабай сектордар сэбиэттэрин таларбыт. Өссө хаһыат таһаарар художниктардаах, редколлегиялаах буоларбыт. Олор салайар этилэр. Хостор аайы ыстаарыһалар баар буолаллара,

Скачать книгу