Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 9

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

баҕараллара. Ол эрээри дьоҥҥо барыларыгар үтүөнү оҥоруох баҕа санаа баһыйар буолара. Билигин дьон үксэ бэйэ эрэ интэриэһин көрүнэр өттүгэр оҕунна. Ону адьас куһаҕан диэххэ сатаммат эрээри, уопсастыба уонна бэйэ интэриэһин тэҥҥэ көрүллүөхтээх. Хайа эмэ өттүгэр кэлтэйдээһин таҕыстаҕына, уопсастыбаҕа да, бэйэҕэ да сүүйтэриилээх буолара чахчы. Оттон кини оҕо сылдьан дьоҥҥо барытыгар тугу баҕарар тэҥҥэ өлүүлээн, бэл охсуспут «өстөөхтөрүн» матарбакка, үллэрэр баҕа санаата хаһан даҕаны халбаҥнаабат этэ. Кырдьаҕастары, ыарыһахтары, инбэлииттэри бастатан туран өлүүлүүр өйү-санааны оччоттон этэ сатыырга холоммут эбит. Ол да иһин, ити баҕа санаатын оҕо эрдэҕиттэн иитиэхтээбит буолан, Россияҕа социализм идеята эстиитин олус ыарыылаахтык ылынан эрдэҕэ.

      Улахан убайа Ким Эдьигээҥҥэ кэлэн үлэлии олорон, Мишаны сэттис кылаас кэнниттэн бэйэтигэр ылан үөрэттэрбитэ. Биир сыл дьиэлэнэн үөрэммитин кэннэ убайын аармыйаҕа ылбыттара. Инньэ гынан орто оскуоланы Эдьигээҥҥэ интэринээккэ олорон бүтэрбитэ. Оччолорго саха оҕолоро Дьокуускайга киирэн, интэринээккэ олорон иккис оскуолаҕа үөрэнэллэрэ. Кини даҕаны онно киириэн сөп эбитэ буолуо да, тоҕо эрэ Эдьигээҥҥэ таласпыт. Бука, аҕата хаалбыт сирэ тардар, угуйар буолан тиийдэҕэ…

* * *

      Сөмөлүөт, дьигиһийбэхтээт, аллара ыһыктынан салгыҥҥа охсуллумахтаан ылла. Намтааһыҥҥа бардылар, ол аата, чугаһаан эрдэхтэрэ. Иллюминаторынан өҥөс гынна. Соҕордук, Өлүөнэ үрдүнэн көтөн иһэллэр. Аҕыйах дьиэлээх-уоттаах Бэстээх учаастагын ааһа охсубуттар, иннилэригэр Баахынай мыраана, онон-манан ордон хаалбыт хаарбах тутуулар, дуобат курдук, чочоруһан көстөллөр. Ок-сиэ, бу дойду ыһыллан-тоҕуллан бүппүт. Урут элбэх киһилээх-сүөһүлээх бөдөҥ учаастактар этилэр дии. Хомсомуолга үлэлиир эрдэҕинэ, хайыһарынан походтуу кэлэллэрэ, элбэх субуотунньуктары тэрийэллэрэ…

      Дьон-сэргэ ырыынак сыһыаныгар киириигэ бэлэмэ суох олорон биэрэн иэдэйдэ. Бэйэни салайыныы, көрүнүү боппуруоһун дэбигис ылынымаары гынна. Олус бытаарыы таҕыста, дьон өйө-санаата уларыйбата сүрдээх. Урут сопхуос саҕана наһаа бэлэмҥэ үөрэнэн, ким эрэ кэлэн дьаһайарын-тэрийэрин, хамнас биэрэрин кэтэһэ үөрэнэн хаалбыттар.

      Сөмөлүөт, сыыйа намтаан, Өлүөнэ хаҥас мыраанын үрдүнэн ыраах сырдаан көстөр бачымах курдук хойуу тутуулардаах Эдьигээн бөһүөлэгин туһаайбытынан супту сурулаан аллара диэки түһэн истэ. Мыраан үрдүнээҕи хардьаҥ тыа ньирээйи мастара киһи хараҕар чуолкайдык көстөр буоллулар. Ол Стрекаловка үрэх сүнньэ, сиэдэрэйдик иэҕиллэн, үрүҥ көмүс мөһүүрэлии күлүмүрдээн көһүннэ. Сөмөлүөт, бөһүөлэги үрдүнэн балай да ааһа көтөөт, уҥа өттүнэн өрө ханарыйан төттөрү эргилиннэ. Эбэ модьоҕо мыраанын үрдүнээҕи сэдэх тутуулардаах аэропорт хонуутугар түһэн, уһун бетон суол устун тилигирэйэ сүүрдэ.

      Эдэр учуутал

      Олунньу саҥатынааҕы сарсыардааҥҥы дьыбардаах халлаан үрүҥ былытынан сабыллан турбут чараас бүрүөтүн сэгэтэ тарпыт курдук, илин саҕах иитэ өрүс үрдүнэн

Скачать книгу