Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 5

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

тапта, куттарын тутта. Сиэрин ситэрэн, аны олохтоох бэчээт, киин хаһыат, сурунаал араас көрүҥүн эмиэ били тэлиэскэлэригэр киппэ муҥунан тиэйэн кэритэ сылдьан, ким тугу көрүөн, ааҕыан баҕарарынан тарҕатан биэрдилэр. Дьон хардарыта атастаһа сылдьан хаһыат сонунун көрөн, санаа үллэстэн суугунаһан-сааҕынаһан баран саҥардыы нам-нум буолан эрдэхтэринэ, эмиэ хордьугунас эрээри элэккэй куолас биллэрии иһитиннэрдэ:

      – Убаастабыллаах пассажирдар, кириэһилэлэргитин көннөрүнүҥ, остуолларгытын бэлэмнээҥ. Билигин сарсыардааҥҥы быстах аһылык бэриллиэ.

      Кыра-кыра салапаан бакыаттарга ас арааһа угуллубутун үөрэ-көтө аһааһын быыһыгар сөҕөн-махтайан, астынан күө-дьаа кэпсэтии күүгээнэ элбээтэ. Билигин, ыраах Москва да рейсигэр аһатар-аһаппат буолбут кэмнэригэр, республика иһинээҕи олохтоох линияҕа аһылык эрэйбэккэ испит айанньыттар соһуйуохтарын соһуйбуттара.

      Бу Эдьигээҥҥэ Саха сирэ Россия судаарыстыбатыгар холбоспута 370 сыла туолар үбүлүөйдээх Күннэрин ыытыыга кытта баран иһэр ыҥырыылаах ыалдьыттар, правительство чилиэттэрэ уонна Ил Түмэн депутаттара бары бииргэ айаннаан иһэр анал рейстэрэ этэ. Ыҥырыллыбыт дьон ортотугар араас кэмҥэ Эдьигээн сиригэр-уотугар уһуннук үлэлээбит быраастар, учууталлар, эргиэн үлэһиттэрэ бааллар. Үксэ аҕамсыйа барбыт саастаах дьон, ытык кырдьаҕастар. Дьон хараҕа инники эрээттэргэ олорор правительство чилиэттэриттэн, республика бастакы президенэ Михаил Николаевтан арахпат. Буолумуна, салалта түс-бас дьонун кытта бииргэ айанныыр түгэн үгүстэргэ маҥнай тосхойдоҕо…

      Михаил Ефимович, кэннигэр буолар сүпсүлгэни, аһылык күйгүөнүн аахайбакка, хаһыаттары көрүтэлээн баран, кириэһилэтигэр өйөнөн нухарыйардыы тиэрэ түһэн сыппахтаата.

      Эдьигээн… Элбэҕи иэйэр, сүрэҕи-быары сылаанньытар сылаас, кэрэ да тыл буоллаҕа. Эдьигээни санаатар эрэ, оҕо сааһын умнуллубат түгэннэрэ тыыннаах хартыына буолан иннигэр элэгэлдьиһэн ааһаллар. Бастатан туран, аҕатын туһунан өйдөбүл. Аҕата кини баара-суоҕа биэстээҕэр өлбүтэ. Онон аҕам дьүһүнэ-бодото маннык этэ диэн чуолкай этэр кыаҕа суох да буоллар, кини туһунан өйдөбүл саамай күндү, чугас киһи быһыытынан өйүгэр-санаатыгар кыра эрдэҕиттэн хаһан да умнуллубаттык иҥэн хаалбыт. Ол, бука, төрөппүт аҕа амарах сыһыанын, сүрэҕин сылааһын олус кылгас кэмҥэ билэн, сүрэҕэр-быарыгар ситэ иҥэриммэккэ туоххаһыйа санааһынтан буолуо. Аҕатын туһунан чуолаан үс эрэ түгэни чопчу өйдүүр, олор Эдьигээни кытта ситимнээхтэр…

* * *

      Тымныы хаҕыс тыал хотуттан сирилэччи үрэр. Ыаһырбыт хараҥа былыт халыҥ халҕаһата күнү-ыйы бүөлээн, хамныыры эрэ барытын саба баттыахтыы намыһаҕынан өрүс кыынньыбыт үрүҥ долгуннарын кытта силбэһэн, бииргэ устарга дылы.

      Үрдүк долгун өрөһөтө сымала сыттаах улахан оҥочону мас сыыһыныы өрүтэ быраҕаттыыр. Оҥочо тумсугар түөртээх уолчаан биттэх мастан тутуһан, тымныы уу сабыта ыһарыгар кыһамматах курдук сымыһаҕын быһа ытыран, аҕата эрдии салбаҕынан үөмэхтэс долгуну быһыта охсон холкутук эрдэрин тонолуппакка одуулаһар.

      – Тоойуом,

Скачать книгу