Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 23
В.Никифоров салайар тыа хаһаайыстыбатын уопсастыбата атын уопсастыбалары кытта бииргэ тэрээһин мунньаҕы (учредительное собрание) ыҥырыы туһунан модьуйсубуттара. Еврейдэр, инородецтар, иновердар тустарынан сэнэбиллээх, баттыгастаах сокуоннары суох оҥорорго туруорсубуттара. Дьокуускай ол күннэргэ, быһыты тоҕо аспыт халаан уутун курдук, өрө оргуйан олороро. Араас миитиннэр, собостуопкалар, учууталлар, атыыһыттар, үөрэнээччилэр, оспуоччуктар, бирикээсчиктэр сойуустара үрүт-үрдүгэр тэриллибиттэрэ. Сыылынайдар уонна кинилэри өйөөбүт Василий Никифоров баһылыктаах сахалар куорат Дууматын ыларга холонон көрбүттэрэ табыллыбатаҕа.
Сахалар сойуустара үрэллибитин кэннэ В.Никифоров хаайылла сытан Манчаары туһунан пьеса суруйар. Норуот геройунан сүрэҕэр-быарыгар мунньуллубут туох баар кыһыытын-абатын, сойууһа ыһыллыбытын, доҕотторо-атастара түһэн биэрбиттэрин, былааһы утары туруулаһыыга соҕотох хаалбытын суланан-суҥхаран этитэр. Пьеса былаһын тухары норуот туһугар охсуһуу идеятынан өрө күүрүү тэҥэ дьон-сэргэ биир санааҕа кыайан түмүллүбэтиттэн хомойуу, хоргутуу күүстээхтик бэриллэр. Бастаан утаа самодеятельнай куруһуоктарга пьеса сахалыы оонньонорун цензура көҥүллээбэтэҕэ. Ол иһин Пекарскай көмөтүнэн айымньы кырыытын-кылаанын нарылыы түһэн баран нууччалыы тылынан эрэ оонньоноро көҥүллэммитэ. Саха көрөөччүлэригэр балай да өр кэм ааспытын кэннэ көҥүллэнэн, улахан сөҕүүнү, биһирэбили ылбыта.
В.Никифоров кэлин публицистиканан хото дьарыктанар, олохтоох хаһыаттарга ыстатыйалара, суруйуулара ситимин быспакка тахсаллар, бэйэтэ сурунаал тэрийэн таһааттарар. Дьокуускайдааҕы географическай уопсастыба салаатын үлэтигэр кыттар, Кыһыл Кириэскэ үбү сиэртибэлээһини көҕүлээччи быһыытынан ылсан үлэлиир.
1917 сыллаахха олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэмигэр былаас Дьокуускайга Г.Д.Петровскай баһылыктаах сыылынайдар илиилэригэр киирбитэ. Кулун тутар саҥатыгар куоракка В.Никифоров бэрэссэдээтэллээх сахалар мунньахтара буолбута. Мунньах кыттыылаахтара ыраахтааҕы уһуллубутунан эҕэрдэлээн Петроградка телеграмма ыыппыттара.
Саха интеллигенциятын үгүс өттө олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэни үөрэ-көтө, элбэҕи эрэнэ көрсүбүт буоллахтарына, өктөөбүрдээҕи сабыытыйаларга сыһыаннара араас этэ. 1917 сыл от ыйын ортотугар Саха сирин үрдүнэн земство, ол аата бэйэни салайыныы былааһа, киирбитэ. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ В.Никифоровы уонна кини биир санаалаахтарын уйулҕаларын хамнаппыта. Сэтинньигэ уопсастыбаҕа Куттал суох буолуутун кэмитиэтин, куораттааҕы Дуума, байыаннайдар уонна бааһынайдар