Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 31

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

партия халыҥ кэккэтигэр харыыта суох халҕаһалыы анньан киирбиттэрэ. Арай Дьөгүөр эрэ үөлээннээхтэриттэн хаалан хаалбыта. Күннээҕи олох, үлэ-хамнас туһунан кылгас ыстатыйалары, фельетоннары олохтоох хаһыакка суруйан муунтуйбут санаатын сайҕанара. Сыыйа республика хаһыаттарыгар, киин сурунаалларга тиийэ критическэй ис хоһоонноох, олох проблемаларыгар аналлаах публицистическай ыстатыйалара бэчээттэнэр буолан барбыттара. Кэлин кэргэнэ Саха госуниверситетын медицинскэй факультетыгар үөрэнэ барарынан сибээстээн, Дьокуускайга көспүттэрэ. Лена үөрэҕин бүтэриэр диэри сэттэ сыл устата тематическай экспедицияҕа техника-экономика салаатын партиятыгар инженеринэн үлэлээбитэ. Бу сылларга суруналыыстыкаҕа сыстан, «Кыым» хаһыакка штаты таһынан корреспондент быһыытынан промышленность тиэмэтигэр сыһыаннаах араас иһитиннэриилэрэ, ыстатыйалара сотору-сотору тахсаллара. Кэргэнэ үөрэҕин бүтэрэн, хоту дойдуга бырааһынан ананан аны Эдьигээнниир буолбуттара. Бу дойдуга кэлэн үлэттэн уурайар сааһыгар диэри олохтоох хаһыакка корреспонденнаабыта. Кэргэнинээн иккиэн пиэнсийэҕэ тахсан баран Дьокуускайга төннөн олохсуйбуттара. Онтон уларыта тутуу кэмигэр тыа сиригэр уларыйыы-тэлэрийии, кредит биэрии, чааһынай бас билии көрүҥэ киириитин, былыргы НЭП саҕанааҕы курдук табыгастаах кэм эргиллибитин бэйэтэ тыаттан төрүттээх киһи буолан кэрэхсии, эҕэрдэлии көрсүбүтэ. Сотору тоҕоостоох түгэн тосхойбутунан туһанан, аны бэйэлэрэ тыаҕа тахсан, сүөһү-ас тэринэн, дьиҥнээх сахалыы олоххо көспүттэрэ.

      Киниэхэ холоотоххо, Сэмэн Ыстапаанабыһыҥ, хомуньуус бэрдэ буолан, кинитээҕэр быдан тахсыылаахтык үлэлээбит киһи. Продснаб тойоно, партбюро сэкирэтээрэ, Дьокуускайга тиийэн республика Госснабыгар тиийэ салайсыбыт киһи буоллаҕа. Өйдөөҕүн өйдөөх хата урукку систиэмэ эстэрин, партийнай идеология мөлтүүрүн саҕана партиятыттан аккаастанан, билиэтин остуолга ууран биэрбит сурахтааҕа. Дьөгүөр, ону өйдөөн, киһититтэн чуолкайдаһыах санаата киирдэ.

      – Арба даҕаны, Сэмээн, эйигин партийнай билиэтин бэйэтэ остуолга ууран биэрбит үһү диэни истибиттээҕим ээ. Ол кырдьык дуо?

      – Ээ, кирдиик буолумунаа, – Сэмэн төтөлө суох унаарытта.

      – Ол тутатыгар чэпчэкитэ суох дьыала буолуохтаах ээ. Туох санааттан оннукка соруммуккунуй?

      – Ээ, бэйэбиттэн бэйэм кэлэйээн. Сыллааҕы отчуот, квартаал аайы сымыйа сыыппараа, припиискэ бөҕөтөө. Надайыаллаан, тулуурбуттан ааһан ыксаан олордохпунаа, хата тоҕоостоох кэм бэйэтэ кэлбитээ.

      – Дьэ ханныгын да иһин интиҥ хорсун санааттан тахсар. Онно санамматах дьонуҥ билигин, партия дьиҥнээх патриоттара кинилэр буолан, эһигинниктэри таҥнарыахсыттарынан ааҕаллар ээ.

      – Ээ, һэ-һэ, эһэни көрөн баран суолун ирдээбиккэ дылы, сүтэрэрин сүтэрээн, эстэрин эстээн баран биһигинниктэринэн кыһыыларын-абаларын таһааран эрдэхтэрээ, – Сэмэн, кэлэйбиттии, эҕэлээхтик унаарытта.

      Дьөгүөр күлэ түстэ.

      – Дьэ,

Скачать книгу