Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 30

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

сүгүүн буолаллар ээ-э, уруккуларын курдук көҥүл айбардаары былаас былдьаһан Ньукулаайабы самнара сатыыллар буоллаҕаа.

      – Диэмэ даҕаны, чахчы омук дьолугар кэлбит киһини сордууллар. Ордук санааһын, бэрт былдьаһыы диэн баар быһыылаах бу орто дойдуга саамай куһаҕан кыдьык.

      – Һы, «омук дьолугар» ааттаах ээ. Ол үлүгэр тугу оҥордо? – Куодайыысап Дьөгүөрү эҕэлээхтик утары көрдө.

      Дьөгүөр абарбыт уоҕар оронугар олоро түстэ. Киһитин супту одуулаан дьиппиэн куолаһынан чиҥник этитэлээтэ:

      – Сүрүн, доҕор, көрөрүҥ-истэриҥ бүөлэнэн сылдьаҕын дуо? Сэбиэскэй былаас сэттэ уонтан тахса сылын устата оҥоһуллубутунааҕар уон сыл иһигэр элбэҕи оҥордо буолбат дуо? Үөрэхтээххин дии, ама олору ааттаталыыр наада буоллаҕай? Наһаалаан да эрэҕит, дьиҥ баары, кыларыйар кырдьыгы билиммэт диэн тугуй? Өбүгэлэрбит «аһыыр иһиккэ кулгуйуу» диэн итинниги этэн эрдэхтэрэ.

      – Наһаалааһына диэн онно тугуй? – Куодайыысап, өһүргэнэн өс-саҕа буолан өрө хадьыаланан, эмиэ оронугар олоро түспүтүн бэйэтэ даҕаны өйдүөмүнэ хаалла. – Хата эн наһаалаан миигин үөҕэн бараары гынныҥ дии!

      – Дьукаахпыт, култууралаах эдэр киһи, өһүргэһиҥ, күрүчүөктэһэ охсоруҥ түргэнэ бэрт эбит! – Дьөгүөр бэркиһээн ытыһын охсунан ылла. – Тоҕо тута баайсан бараҕын, доҕоор?

      – Оттон кулгуйар диэтиҥ дии, ол тугуҥ тылай?

      – Ок-сиэ, бу да киһини көр. Саатар ити өс хоһоонун билбэккин дуу? Аһыырын аһаан, сиирин сиэн баран махтаналларын умнубут дьону итинник этээччилэр, – Дьөгүөр киһитин, сиилээбиттии, супту одуулаан олордо.

      Куодайыысап, киһи эрэ буоллар син мух-мах баран, саҥата суох бүк түһэн олорбохтоото. Онтон эмискэ тура эккирээн, аан хоско сулбу хааман тахсан сонун сиирэ-халты кэтээт, таһырдьа тахсан барда.

      – Хайаа, доор, киһиҥ атахха биллэрдэ дии. Һэ-һэ-һэ-э, – аан сабыллар тыаһын кытта сэргэ Сэмэн Ыстапаанабыс холкутук күлэн эҥээриттэ.

      – Куотан көрдүн. Тугу даҕаны дэҥ истиэхтэрин баҕарбаттар, кэлтэй кинилэр эрэ холуннарар, үөхсэр бырааптаах курдук сананаллар.

      – Тыы-ый, оттоон урукку систиэмэҥ сүрүн куоһура оол буоллаҕа дии-и.

      – Сөпкө этэҕин. Үөхсүөхтээҕэр, холуннарыахтааҕар эрэ буолуох, тыыннаах муҥун ытатыы, саба баттыыр, өссө репрессиялаан симэлитэр да кырыгар кыйыттыбыт дьон этэ буоллаҕа. Ол кинилэр өйдөбүллэригэр сөп, нуорма. Оттон бэйэлэригэр биир эмэ хатыылаах тылы утары эттэххинэ, үөхсүү аатырар. Дьэ сүрдээх логика буолбат дуо?

      – Оттоон хабаххаа тыыннарыы кэмэ этэ буоллаҕаа.

      – Оннук-оннук, билигин баҕас тэҥҥэ аахсар инибит, атын кэмҥэ олоробут курдук дии.

      – Дьээ билигиин даҕаны сүгүүн бэриммэт дьон буолуохтараа. Ити репрессиялыыр, сиртэн симэлитэр диэн тылларгыын сөбүлүү истибэттэрэ чуолкаай, – Сэмэн Ыстапаанабыс, тэптэрэн биэрэрдии, аргыый сыыйда.

      – Сөбүлээбэтиннэр, доҕор. Урут Аммосов, Ойуунускай, Бараахап курдук бастыҥ, үтүө дьоммутун мэҥиэстэн баран, буолар буолуохтааҕын

Скачать книгу