Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 33

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

кытта уопсай тыл түргэнник булан, олус иллээхтик үөрэммиппит. Кини оҕоттон улахан туох да уратыта суоҕа. Үчүгэйдик үөрэнэрэ, оскуола уонна интэринээт олоҕор көхтөөхтүк кыттара. Мин өйдүүрбүнэн, кини ордук нуучча тылыгар биһигиттэн чорбойоро. Уус-уран литератураны үлүһүйэн туран ааҕара, мэлдьи кинигэ тутуурдаах сылдьар буолара. Аахпыт кинигэбит ис хоһоонун былдьаһа-тарыһа бэйэ-бэйэбитигэр кэпсиирбит, ол быыһыгар арыт мөккүһэн да ыларбыт. Хата киһибит, атыттар курдук, омуннуран-төлөннүрэн мөккүспэт этэ. Ол курдук оҕо эрдэҕиттэн холку, ыгылыйбат майгылааҕа, хас биирдии этиитин толкуйдаан, ыараҥнатан баран саҥарара. Уопсайынан, сахалыы мындыр өйдөөҕүн иһин биһиги кинини оонньоон «еврей курдук өйдөөх киһи» диирбит.

      – Һэ-һэ-һэ, оччоттон дуоспуруннаах эбит дии.

      – Ээ, оннук бөҕө буоллаҕа дии. Улахан киһи курдук, көссүө, боччумнаах баҕайытык туттан сылдьара.

      – Интэринээккэ бииргэ олорбуппут, онно бэрээдэги, режими көрөөччү, көҕүлээччи кини буолара.

      – Сөпкө этэҕит, Миша спордунан утумнаахтык дьарыктанара, күннээҕи режими кытаанахтык тутуһара, – Ньукулай ыалдьыттара бэлиэтээһиннэрин кытта сөпсөһөн, салгыы кэпсээбитинэн барда. – Ол дьарыгар бииргэ үөрэнэр оҕолорун эмиэ көҕүлүүрэ. Биһиги интэринээккэ сэттис хоско бииргэ олорбуппут. Учууталбыт Анастасия Яковлевна Александрова сүбэтинэн биир дьыл күһүнүттэн ыла эппитин-хааммытын эрчийбитинэн барбыппыт. Биһигини Мишабыт дьарыктааччы. Ол сыл кыһыныгар да, сааһыгар да бары ыалдьыбакка, биир да күнү көтүппэккэ үөрэхпитин түмүктээбиппит. Ону таһынан кини штанганан дьарыктанара.

      Эдэр дьон сиэринэн, оскуола, кулууп үҥкүүтүгэр сылдьарбыт. Мин да, кини да үҥкүүлээбэт этибит, ол оннугар маассабай оонньууларга үөрүүнэн кыттарбыт. Ол саҕана билиҥҥи курдук уот-күөс суоҕа. Ол да буоллар, санаабытын түһэрбэккэ, өрүс фарватерын көрдөрөр маяктар батареяларынан лаампа уматан, сороҕор чүмэчи уотугар гармошка, балалайка, гитара доҕуһуолунан үҥкүү, оонньуу тэрийэрбит.

      Икки сыл, интэринээккэ миэстэ суох буолан, мин Мишалыын Михаил Андреевич уонна Матрена Андреевна Солдатовтарга дьиэлэммиппит. Ол саҕана биһиги доҕордоһуубут өссө чиҥээбитэ. Оскуолаҕа аргыстаһан сылдьарбыт, уруокпутун бииргэ ааҕарбыт, оҕо буолан мэниктээн да ыларбыт. Ол быыһыгар мөккүһүү, тыл-тылга киирсибэккэ кыыһырсыы да ханна барыай. Олорор ыалбыт элбэх оҕолоохторо, ону таһынан өссө дьукаахтаахтара. Солдатовтар оҕолорун көрсөрбүт, дьиэ ис-тас үлэтигэр тэбис-тэҥҥэ сылдьарбыт. Хаһаайыммытын кытта эргэ баарсаны көтүрэн, маһын кумах биэрэги дабайан ыраах баҕайы сиргэ санныбытынан таспыппытын өйдүүбүн. Ол маһынан кэлин дьиэ туттубута.

      Интэринээттэн, таска олорорбут быһыытынан, иккиэн сухой паек ылар этибит. Завхозпут арыыбытын ыйыырыгар куруук балыйа сатыыра. Арыыны ыйааһыҥҥа үөһэттэн быраҕара, ыйааһын стрелката киилэтин көрдөрүөн иннинэ хаба тардан ылара уонна: «Чэ оҕолорбор арыый элбэх да буоллун, мэ, ылыҥ», – диирэ. Биһиги бэйэ-бэйэбитигэр имнэнсэн

Скачать книгу