Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 37
Наар былаанынан үлэлиирбит. Сэкирэтээрбит хаһан да кыыһырбата, мөхпөтө-эппэтэ, куруук күлэ-үөрэ сылдьара. Концертары, семинардары, конференциялары тэрийэрбит. Быыбардары ыытыы тэрээһинигэр сарсыарда 5 – 6 чаастан гармошкалаах кэлэрбит. Урут оройуоннары бөдөҥсүтүү кэмигэр конференцияҕа кытта Тиксииттэн Чилингаров кэлэр буолара.
Кэлин Дьокуускайга сельхозтехникаҕа ГСМ инженеринэн үлэлээбитим. Онно Михаил Ефимович миниистир эрдэҕинэ чох, горючай боппуруостарынан сибээстээн, куруук алтыһар, кэпсэтэр этибит. Былырыын Эдьигээҥҥэ кэлэ сылдьан, урут комсомолга бииргэ үлэлээбит дьонугар барыбытыгар анаан бэлэх туттартаабыта, наһаа үчүгэйдик кэпсэппитэ.
– Инньэ гынааччы ээ, урукку доҕотторун, бииргэ үлэлээбит дьонун умнааччыта суох, – сэһэргээччи тохтообутугар Ньукулай сэҥээрэн, кэпсэтиини салгыырыгар көрдөһөрдүү, утары олорор Мария Егоровна Федорова диэки көрдө. – Аны Маарыйаны истиэххэ, кини даҕаны балай да бииргэ үлэлээбит, алтыспыт буолуохтаах.
– Бииргэ үөрэнэрин үөрэммэтэҕим. Кини кэлэр сылыгар мин сэттиһи бүтэрбитим. Онтон атын сиргэ көһөн барбыппыт, – Мария Егоровна кэпсээнин улгумнук саҕалаата. – Көрөр этим, интэринээккэ олорон телогрейканан сылдьара. Баттаҕа хойуу, куудара бөҕө, бэргэһэ соччо кэппэт этэ. Оскуола чугас буолан кыһаллыбат быһыылааҕа. Суумката суох, кинигэлэрин кыбына сылдьааччы.
Үөрэнэн үлэһит буолан баран Өлөөҥҥө тиийэн үлэлээбитим. Биирдэ Дьокуускайга көрсөн үлэҕэ ыҥыран, комсомолга тыа хаһаайыстыбатын отделыгар киирбитим.
Ол саҕана сибиинньэҕэ бурдугу сиэтимэҥ диэн уураах тахсыбыта. Ыаллары кэрийэ сылдьан бурдугу, куруппаны сиэппэттэрин хонтуруоллуур этибит. Уопсайынан, киһи сиир бурдугун көҥүллээбэттэрэ. Урут Булуҥу, Өлөөнү, Анаабыры, Верхоянскайы, Эдьигээни холбоон, биир производственнай управление оҥоро сылдьыбыттара. Манна Эдьигээҥҥэ кииннэммиттэрэ. Элбэх специалист баара, кинилэр райкомол бюротугар киирэллэрэ. Олору кытта таба учаастактарыгар эҥин командировкаларга сылдьарбыт. 60-нус сыллар ортолоругар арыгы маассабайа суоҕа. Биир эмэ иһэр ыччакка наставник, кэпсэтэр, иитэр киһини аныыллара.
Кырдьык, куруук былаанынан үлэлиирбит. Нэдиэлэ аайы мунньахтаан, былаан туолуутун бэрэбиэркэлээһин буолара. Михаил Ефимович ону чопчу ирдиирэ.
Идэбинэн зоотехник этим. Хонтуораҕа олорорбун сөбүлээбэппин. Биирдэ управлениелар Москваҕа икки ыйдаах идэни үрдэтинэр курска направление биэрдилэр. Курспуттан кэлбитим, Верхоянскай оройуон арахсан хаалбыт, үлэм миэстэтэ хата баар эбит. Маннааҕы зверофермаҕа старшайынан үлэлээтим. 1964 сыллаахха кырса төрүөҕэр, тирии туттарыытыгар республикаҕа бастаан таҕыстыбыт. Таба иитиитигэр эмиэ бастаатыбыт. Инньэ гынан көтүөхпүтүн кыната эрэ суох сырыттыбыт. Эһиилигэр иккиһин