Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 41

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

style="font-size:15px;">      – Арба, Михаил Ефимович Бороҕоҥҥо кэлэ сылдьан паарка тутуутугар үлэлэспитин туһунан биир оҕонньор биһиги хаһыаппытыгар суруйан турардаах ээ. Ол хаһааҥҥыта этэй?

      – Төрдүс курс кэнниттэн производственнай практикаты-гар кэлэ сылдьыбыта. Онно, кырдьык, мас кэрдиитигэр үлэлэспитэ. Түөрт мөһөөххө иистэнэр массыына ылан бэлэхтээн турар ээ. Оччолорго сыаналаах бэлэх этэ.

      – Тыый, оннук буолумуна. Студент киһи холугар улахан бэлэх эбит.

      – Оннук ээ, – хаһаайка ыалдьыта сахалыы сиэринэн кыра кэһии аҕалбыт дьэдьэниттэн ньуоска төбөтүнэн ылан амсайан көрдө. – Бөдөҥ баҕайы эбит ээ. Бу Амма эҥээрин киэнэ буолан маннык дуу?

      – Кырдьык, Амма дьэдьэнэ бөдөҥ буолааччы. Онуоха эбии бу икки кэнники сылга Амма хаҥас эҥээр тыатын киэҥ баҕайы сиринэн маһын түүлээх үөн, шелкопряд, сиэн кэбиһэн, сииктээх почваҕа дьэдьэн наһаа үүннэ, – ыалдьыт сонунун ирэ-хоро кэпсээн барда. – Мин аймахтарбар тахса сылдьан хас да күн сылдьыһан, син балай да тииһинним. Дьон биэдэрэнэн, үүт кутар улахан бөтүөнүнэн коммерсаннарга, соҕотуопкаҕа туттараннар, харчы бөҕө өлөрүммүттэр үһү.

      – Ноо, сүрдээҕин да үүммүт эбит. Дьон туһаммыта үчүгэй. Ол үөн төһө киэҥ сири сиэбитий?

      – Тыый, баһаам киэҥ буоллаҕа дии. Таатта сириттэн Мындаҕаайыга диэри, кэтитэ Чурапчы үөһээ нэһилиэктэригэр тиийэ дииллэр. Наар тиит мас мутукчатын сиир эбит, инньэ гынан хара тыа маһа барыта хатан, хатырыгын тоҥсоҕой суллаан, көрөргө дьулаан хартыына диэтэҕиҥ.

      – Дьиибэ да буолар эбит, киһи истибэтэх суола, – Дора Никитична санаарҕабыллаахтык өрө тыынна, чэйиттэн сыпсырыйа түстэ. – Михаил манна баара буоллар, врачтар боптоллор даҕаны, бу дойдутун аһыттан былдьасыһан да туран амсайыа этэ. Киниэхэ саахардаах ас ханнык да көрүҥэ көҥүллэммэт ээ.

      – Даа? Ону билбит буоллар, саахара суох аҕалыахха баар эбит. Биһиги кинини олох муус доруобай киһи курдук саныыбыт ээ. Барара-кэлэрэ чаастата, үлэтин тэтимэ илистиилээҕэ сүрдээх дии, биирдэ даҕаны уоппуска ылан сынньаммыта иһиллибэт, – ыалдьыт чахчы соһуйа истибитин кистээбэтэ.

      – Ыалдьыбыта ыраатта ээ, өссө Үөһээ Бүлүүгэ олорор эрдэхпититтэн… Чэ бэйи, саас-сааһынан соҕус кэпсиэххэ. Бороҕонтон Эдьигээҥҥэ көһөн тиийдибит. Эдьигээнин олох туох эрэ ырай дойдутун курдук саныыр, кыратыгар, улаатан да иһэн олоро сылдьыбыт оҕо сааһын өйдөбүлүнэн буолуо уонна оттон аҕатын уҥуоҕа хаалбыт сирэ буоллаҕа дии. Аҕатын туһунан наһаа үчүгэй өйдөбүллээх, кини аатыгар сүгүрүйэн туран ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар. Онно түөрт сыл олорбуппут. Михаилы кылаабынай ветвраһынан аҕыйах ый үлэлэтэн баран райкомол бастакы секретарынан талан кэбистилэр. Оттон миигин, лаборатория үлэһитин, кини оннугар кылаабынайынан анаатылар. Түөрт сыл үлэлээбиппит кэннэ киһибин обкомолга ыланнар, 1965 сыллаахха Дьокуускайга көһөн кэлэбит.

      – Бу күннэргэ оруобуна Эдьигээн төрүттэммитэ 370 сылын үбүлүөйэ буола турар дии. Улахан тэрээһиннээхтик ыытыллар быһыылаах.

      – Тэрээһин

Скачать книгу