Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 45
Омскайга кэлэн баран, Сибнац суут үлэһитин Плич диэн табаарыһы кытта сүбэлэһэн баран (муус устар 9 күнүгэр этэ), табаарыстарбын Бараховы, Агеевы кытта сүбэ таһаардыбыт автономия кэлэрин туһунан. Бука барыбыт саха норуотугар автономия кэлэрэ сөп диэммит миигин дакылаат оҥорорго анаатыбыт. Онон муус устар 13 күнүгэр бу дакылааты суруйаммын Сибнацка биэрдим…»
Ахтыыны аахтаҕын аайы ол тыйыс дьыллардааҕы быһыы-майгы эйгэтигэр киирэн өйүгэр оҥорон көрдө…
…Түөрт күнү быһа түүннэри-күнүстэри үлэлээн, дакылаатын бүтэрэн сарсыарда Пличкэ илдьэн туттарбыта. Күн иккис аҥаарыгар Пличкэ иккиһин киирэн дакылаатын туһунан ыйыталаһа сылдьыбытын сөбүлээбит уонна өйөбүл бэлэмнии таарыйа Чуцкаевы кытта кэпсэппит буолан биэрбитэ. Онон сарсын иккиэн ол киһиэхэ тиийиэхтээхтэр. Дьэ туох диэн тыллаах-өстөөх киһи буолар…
Былатыан уйуһуйан хойукка диэри, уута кэлэн биэрбэккэ, оронугар эргичиҥнии сытта. Күн-дьыл ааһара түргэнэ сүрдээх, иэрэгэй ойуун курдук, эргичиҥнээн, элэҥнээн олорор.
Икки сыллааҕыта саас Казанка дэриэбинэтиттэн сыылкаттан Максимныын аргыстаһан кэлиэҕиттэн ыла үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Кэлэн иһэн аара Иркутскайга бэрт элбэхтэ мунньахтаабыттара. Сибиир ревкома Саха уобалаһын Иркутскай күбүөрүнэҕэ холбоон оройуон оҥорон кэбиспит этэ. Ону бырачыастаан, бу алҕас, сыыһа диэн мөккүөр буолбута.
Сибиир ревкомун ыйааҕынан Максим Аммосов Дьокуускайга бэрэстэбиитэл быһыытынан кэлбитэ. Кэлээт, уопсай салайыыны бэйэтин илиитигэр ылбыта, оттон киниэхэ уокуруктарга, улуустарга, нэһилиэктэргэ былааһы олохтооһуну, кинилэр үлэлэрин сүрүннээһини анаабыта. Ревкомнары тэрийии, продразверстка, сир түҥэтигин курдук уустук соруктары таһынан өссө саханы Бодойбо көмүһүн үлэтигэр тутан ыытыы курдук сыыһа дьаһал тахсан улахан бутууру үөскэппитэ.
Сайын биир сарсыарда Былатыан саҥардыы туран эрдэҕинэ түрмэттэн төлөпүөҥҥэ ыҥырбыттара. Кэпсэппитэ, Амма улууһун ревкомун бүтүннүү: Сэмэнэп-Дэхсилээхэби, Уйбаан Емельяновы, Мэхээлэ Дьоскуоскайы-Тыытыйбаҕы, Уйбаныап-Кралины – милииссийэ начаалынньыга Зедгенизов диэн киһи тутуталаан ылан хаайталаан кэбиспит эбит. Ревкомун дьонун босхолотон баран кэпсэтэн билбитэ, сир түҥэтигин сөбүлээминэ, Амма баайдара Ксенофонтов, Белолюбскай Зедгенизовы кигэннэр ревкомнары хаайтаран бараннар, бэйэлэрин дьоннорун Артемьевы уонна Божедоновы олордуталаабыттар. Баайдар бэйэлэрин сирдэрин охсуллубут оттору кытары төттөрү былдьаан ылбыттар. Туох буолтун миэстэтигэр быһаарса Аммаҕа тахсыбыта, Артемьев, Ксенофонтов,