Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 40

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

ордугунан Дора үөрэҕин бүтэрэн дипломун ылан, оттон Миша иккис курсу бүтэрэн, сайыныгар иккиэн бииргэ дойдулаабыттара. Өктөмҥө Миша дьонугар тахсаннар дьоллорун холбоон ыал буолбуттара. Дора Уус-Алдан оройуонугар ветеринарынан ананан Бороҕоҥҥо көспүтэ. Миша үөрэҕин салгыы Омскайыгар төннүбүтэ. Төрдүс курс кэнниттэн дойдутугар кэлэн производственнай практикатын кэргэнэ үлэлиир сиригэр барбыта. Үс ый ветеринардаан Уус-Алдан фермаларын, бэлэсипиэтинэн сылдьан, барыларын кэрийбитэ. Субуотунньуктарга кыттан Бороҕон пааркатын тутууга үлэлэспитэ. Түөрт сыл штанганан утумнаахтык дьарыктанан күүһүн-уоҕун үгэнигэр сылдьара. Охтубут тиити сүгэн баран талбыт сиригэр тэлэкэчитэн илдьэрин дьон сөҕө-махтайа көрөрө. Сорох уолаттар дьиибэлэнэн тиит төбөтүгэр ыйааһыннахтарына, билиммэккэ сүгэрин сөҕөн кэпсииллэрэ.

      Ол сайын Дьокуускайга республика норуоттарын фестивалыгар Дора оройуон самодеятельнай коллективыгар киирсэн кытайдыы үҥкүүнү толорон кыттыбыта. Оттон Михаил республика спартакиадатыгар штангаҕа күрэхтэһэн сахалартан спорт бу көрүҥэр бастакынан маастар буолбут Михаил Скрябин кэнниттэн иккис миэстэҕэ тахсыыта улахан ситиһии этэ. Ыраас таптал иэйиилээх, эдэрдии көрдөөх-нардаах үчүгэй да кэм ааспыта ол сайын.

      Нөҥүө сылыгар үөрэҕин бүтэрэн кэлиитигэр Дората кырачаан кыыстанан көрсүбүтэ. Соҕотох бэйэтэ үһүөлэһэн, ыал аҕата, бүтүн дьиэ кэргэн баһылыга буолар үрдүк чиэскэ, үөрүүгэ тиксэр дьол эмискэ түмүллэр өрөгөйдөөх үтүө кэмигэр сүбэлэһэн баран, аҕатын уҥуоҕа хаалбыт, оскуолатааҕы эдэр, оҕо сааһа ааспыт сиригэр Эдьигээҥҥэ 1961 сыл күһүнүгэр үлэлии кэлэн бу дьиэҕэ киирбиттэрэ.

      Дора Никитична

      Дора Никитична чэй кутарын быыһыгар номоҕон көрүҥнээх хаһыат үлэһитэ дьахтарга саас-сааһынан сиһилии кэпсии олордо. Кини, сайаҕас майгылаах аламаҕай саха дьахтарын сиэринэн, туох да кэтэмэҕэйдээһинэ, кистэлэ суох сэһэнэ истээччини эрэ абылыах истиҥ, судургу, ис-киирбэх буолан суруналыыс бэркэ сэҥээрэн истэр.

      – Аҕыс оҕо бары үрдүк үөрэхтээхпит. Ийэбит өҥөтө. Аҕабыт, былыргылыы түөрт кылаас үөрэхтээх киһи, потребобществоҕа бухгалтердыы олорон 52 сааһыгар, мин уон биирдээхпэр өлбүтэ. Өлүөн иннинэ ийэбитигэр: «Аныгы киһи баайа – үөрэх. Кытаатан оҕолоргун үөрэттэр», – диэн кэриэһин эппит. Ийэбит домохозяйка этэ, ол да буоллар, аҕабыт кэриэһин толорон, барыбытын үрдүк үөрэхтээн баран 79 сааһыгар күн сириттэн күрэммитэ. Аҕабыт суох буоларыгар кини сэттэ оҕолоох соҕотоҕун хаалбыта. Ахсыс оҕотун ыарахан этэ. Эбэм баар этэ оччолорго, сүөһүлээх буолан уонна ийэм учуутал балта көмөлөрүнэн дьон буолбуппут. Эбэбит бэйэтэ кыстыктаах, сайылыктаах, чэгиэн, хорсун эмээхсин этэ. 70-гар сылдьан оҕуһу миинэрэ, билиҥҥи кэм эбитэ буоллар, предприниматель бэрдэ буолуох эбит. Сайын ыһыахха оҕуһун көлүйэн сылабаарын тиэйэн баран, чэй өрөн, лэппиэскэ атыылаан хорчуопкалыыр этэ. 80-тан тахсан баран өлбүтэ. Уон алтата оҕоломмутуттан түөрдэ эрэ тыыннаах

Скачать книгу