Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 44

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

туһунан салгыы кэпсиир. Кини дьиэ кэргэттэрин, олоҕун туһунан истиҥ ахтыыта биһиги барыбыт олохпут, историябыт сорҕото. Бас-көс дьоммут дьиэ кэргэттэрин, хаан уруу аймахтарын бэйэбитигэр сыһыара, чугаһата тутан көрөрбүт биһиги дьиэтээҕи эйгэбит сыһыанын ситимниир, бөҕөргөтөр.

      – Улахан сиэммит уон аҕыһын туолан эрэр, 11-һи бүтэрдэ, үөрэххэ киирээри сылдьар. Орто сиэн пиэрибэйи бүтэрдэ, аҕыһа буолан эрэр. Кырабыт, уолбут оҕото, үһүгэр сылдьар. Уол, Михаил диэн ааттаах, – Дора Никитична тэтэрээтин арыйбахтыы, эмиэ да ытыһынан имэрийэ олордо.

      «Ыал ийэтинэн, эр киһи дьахтарынан» диэн сахалар мээнэҕэ этиллибэтэх, киэҥ өйдөбүллээх өс номохтоохпут. Өскөтүн биһиги бас-көс киһибит – бастакы президеммит холоонноох доҕорун, олоҕун аргыһын сахаттан атыны талбыта буоллар, кини норуотун дьиҥнээх уола, патриота буолуо этэ дуо диэн олохпут быһыытын-майгытын, омукпут иэрэҥ-саараҥ санаатын сиэрдээх ыйытыыта үөскүүр. Коммунистическай идеология, сэбиэскэй тутул ханнык да конституциятыгар, сокуоннарыгар суруллубатах национальнай республикалар бастакы сэкирэтээрдэрэ хайаан да улахан омуктан ойохтоох буолуохтаахтар диэн үһү-бадах курдук кистэлэҥ эрээри, олоххо бигэтик туттуллар үгэс үөскээн сылдьыбыта биллэр. Ону туоһулуур холобурдар ааспыт олохпутуттан көстөллөрө өртөн буолбатах.

      Ыал ийэтин итии чэйин астына иһэн, сахалыы сайаҕас кэпсээнин дуоһуйа истэн, ыалдьыт, бэйэтэ эмиэ ыал ийэтэ, бүгүҥҥү күннээҕи үгүһү билбитэ туохха түмүллүөн сөбүн иһигэр буһара, ырыта-сыымайдыы олордо.

      Кини иннигэр олорор саха ыалын көннөрү дьахтарыттан, ийэтиттэн, эбэтиттэн туох да атына суох, үүттээх итии чэйдээх, истиҥ, сылаас тыллаах-өстөөх, сахалыы быһыылаах-майгылаах, өйдөөх-санаалаах уонна саамай киһиэхэ чугаһа санаата-оноото, кыһалҕата эмиэ дьиэ иһинээҕи, оҕо-уруу, кэргэн, аймах-билэ, хаан уруу дьонун тула иэйэр-куойар, хоһоон айар аһаҕас куттаах-сүрдээх Дора Никитична киниэхэ, боростуой суруналыыска, итэҕэйбит олоҕун кэпсээнэ норуот духуобунай баайа-дуола, олох оскуолатыгар буһуу-хатыы чаҕылхай холобура буолар.

      Туох суоҕай кини олорон кэлбит чэпчэкитэ суох уустук, үрдүккэ дьулуурдаах, тулуурдаах олоҕун суолун сырдык, киэҥ аартыгар? Утуу-субуу үөрэхтэрин бүтэрэн, тапталларын, олохторун холбоон ыал буолан, үлэ үөһүгэр, олох муудараһыгар уһаарыллыы. Бу судургу ааттаталааһыннаах Дора Никитична биографиятыгар саамай уустук, ыарахан миэстэнэн, арааһа, олох оскуолатын муудараһын күннэтэ көрсөр ыарахаттарын чиэстээхтик туорааһын бүппэт-бараммат түбүктэрэ буолуохтаах. Бэйэтэ хоһоонугар хоһуйбутунуу, үлэттэн ордубакка дьиэтигэр көстүбэт кэргэнин, дьиэ-уот хаһаайынын эр киһи үлэтэ, оҕо иитиитэ барыта кини намчы санныгар сүктэриллибитэ. Маны барытын, бэйэтэ этэринии, «кириэпкэй соҕус», ол эбэтэр оҕо эрдэҕиттэн үлэҕэ-хамнаска эриллибит уонна спордунан дьарыктаммыт буолан тулуйбута. Бэйэтин тустаах үлэтэ, ону таһынан нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын быһаарсар ким да ыйааҕа-дьаһала суох киниэхэ соҥноммут эбээһинэһэ, дьон ордугургуур хатыылаах тыла-өһө, дьиэтээҕи үлэ, оҕо-уруу көрүүтэ-истиитэ – бу барыта мунньуллубут эт-хаан, өй-санаа, ньиэрбэ ыар сүгэһэрин уйуу диэн дьиҥнээх олох оскуолата, кытаанах экзамена, муудараһа буолбатах дуо?

      Кэргэннии, доҕордуу Дора, Михаил Николаевтар эт-хаан,

Скачать книгу