Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 38

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

Иннокентьевич диэн хирург куртах рага буолан, пенсияҕа тахсаат, өлбүтэ. Өлүөн биир сыл иннинэ Михаил Ефимович президеннээн олорон, командировкаҕа кэлэ сылдьан көрсөн кэпсэппит, эмкэ көмөлөһүөн хайыы-үйэҕэ кыаллыбат буолбут этэ. Ону Коля өлөрүгэр наһаа үчүгэйдик санаан барбыта. Ксенофонтовтар диэн бырааттыылары сураспыта. Олорго, элбэх оҕолоох, хаһаайыстыбалаах ыалларга, дьиэ тутуутугар матырыйаалынан көмөлөспүтэ.

      Михаил Ефимович дойдутун мэлдьи ахтар-саныыр. Хаһан эмэ кэллэҕинэ, кумахха балыктыыр, сынньанар. Саамай таптыыр миэстэтэ – оҕо сылдьан атах сыгынньах бадараанын кэһэн тиийэн күөгүлүүр сирэ, Уоттаах диэн. Биһиги хайабыт салгыыта, кумахтаах, хайалардаах, буруулардаах күөгүлэнэр сир. Онно тиийэн күөгүлээччи. Интэринээккэ иитиллибит, тулаайах аҥаардаах киһи буоллаҕа дии. Оскуола көлүнэр атын үөрэҕин быыһыгар көрөр-истэр, биэбэйдиир этэ. Тулаайах, эрэйи көрбүт киһи буолан, дьоҥҥо наһаа үчүгэй сыһыаннаах. Эдьигээҥҥэ көмөтө элбэх. Семейнэй экономиканы наһаа өйүүр, улууска сибиинньэни, кууруссаны дэлэччи ыыттарар. Кимиэхэ туох наадатын куруук ыйыталаһар.

      Бэйэтин курдук үлэһит, түүннэри-күнүстэри сылдьар дьону сөбүлүүр. Бытаан киһини сөбүлээбэт, оннуктары быһа-хото саҥаран даҕаны кэбиһиэн сөп. Уопсайынан, олус принципиальнай, справедливай киһи.

      Кэпсэтии киэһэ хойукка диэри уһаата. Дьөгүөр Бологуураптан уратылара олохтоох Эдьигээн дьоно, бары Михаил Ефимовиһы кытта биир көлүөнэ дьон, биир кэмҥэ үөрэммит, үлэлээбит, бииргэ алтыспыт доҕотторо, табаарыстара. Олох оҥоһуута, дьылҕа хаан ыйааҕа диэн дьикти баҕайы. Оҕо эрдэҕинээҕи, эдэр сааһыҥ кэминээҕи, бэйэҕиттэн соччо улахан уратыта суох курдук көстөр доҕоруҥ, үөлээннээҕиҥ кэлин улахан киһи, бүтүн норуот лидерэ, республика салайааччыта, президенэ буола үүнэрэ-улаатара олус үөрүүлээх, умсугутуулаах иэйиини, киэн туттунуулаах санааны үөскэтэрэ биллэр.

      Кылгас түгэҥҥэ дьиэ иһэ чуумпуран, дьон бэйэлэрин санааларыгар куустаран саҥата суох олорбохтоотулар. Бу олорооччу Эдьигээн олохтоохторо эдэр эрдэхтэринээҕи үөрэх, үлэ күүрээннээх кэмнэригэр Михаил Николаевы кытта алтыспыт умнуллубат үтүө өйдөбүллэрин иккистээн тилиннэрэн минньитэ саныы олорор буоллахтарына, Дьөгүөр Бологуурап өйө-санаата букатын атынтан иҥнэн, онтугар хоруй көрдүүрдүү, барыларыгар туһаайан ыйытта:

      – Киһи киһиттэн уратыта туохханый? Атыннык эттэххэ, оҕо эрдэхтэн биир кылааска үөрэммит, биир кэмҥэ студеннаабыт, биир коллективка үлэлээбит, этэргэ дылы, биир иһиттэн-хомуостан аһаспыт киһиҥ үрдээн, улаатан, республика салайааччытыгар тиийэ үүнэн тахсыытыгар туох төрүөт, күүс-көмө, өйөбүл буолуон сөбүй?

      – Ким билэр, оттон өй-талаан быһаарар ини.

      – Ген диэн баар дии, төрдө-ууһа быһаарара буолуо.

      – Ээ, Михаилы эттэххэ, төрүт оҕо эрдэҕиттэн киһиттэн эрэ ураты өйдөөх-санаалаах, бэрээдэктээх, аһыныгас майгылаах этэ, – Ньукулай, үөлээннээхтэрин этиилэрин биир санааҕа түмэрдии, күө-дьаа баһаарыйда. –

Скачать книгу