Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 40
Ону, биэс киһи тахсаннар, көнтөһүттэн ылан, сорохтор ойоҕоһуттан анньыалааннар, тэмтэритэн илдьэннэр остуолбаҕа баайан кэбиспиттэрэ. Туох баар миэстэтэ олох мас курдук буолан хаалбыттар этэ. Олох хамсаабат. Атахтара, сүнньэ эмиэ. Ол туран тиритии бөҕөнү тириппит. Сиргэ саккыраабыта сир харааран хаалбыт. Сайыны быһа оҕордук сыппыта. Баайтаһын сылгы. Олох төрөөбөтөх. Онтон, дьэ, ол Киргиэлэй үтүөрбүтүнэн барбыта, сайын оттообута. Харахтанан өлбүтэ. Сааһын моҕоон өлбүтэ.
Кындыраат ойуун ытык ыһарын мин бэйэм көрбүтүм. Кындырааты, бу былаас үөскээбитин кэннэ, куолаһын бэрдэрэн, колхуоска силиэнинэн ылбыппыт. Күөрэһэ диэн сайылыкка олордоҕуна. Хатыыр тууралааһына, хатыыр мундулааһына 3 диэн элбэх буоллаҕа дии.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
1 Сиикэй муруннаах – кыһыл дьүһүннээх муруннаах.
2 Сүллүүлээх сүрэҕэ – сүрэҕэ үөс тардарынан холбуу сылдьар.
3 Хатыыр мундулааһына – хатыыр төбөтө тостор. Ону хам тутан баран, тимири сыһыары тутан тоһоҕолуур. Икки баһынан үүттээн баран. Суухайар, таптайан кэбиһэр. Биитэ биитинэн хатыыр буолан хаалар.
Егор Иванович Колмогоров. Нам улууһа, Нам дэриэбинэтэ.
АЛГЫС
Миигин 105 саастаах Дьяконов Петр Семенович-Оҕонньор Оҕо 1971 дуу, 1972 дуу сыллаахха алҕаабыта. Нам, Түбэ нэһилиэгин оҕонньоро.
Бүлүү бэрдин курдук хорсун,
Чурапчы хотунун курдук өйдөөх,
Бороҕон бөҕөһүн курдук күүстээх,
Ньурба эмээхсинин курдук сайаҕас,
Амма кыыһын курдук нарын,
Дыгын Тойон курдук баай олохтоох,
кэнчээрилээх буол.
Онтон эппитэ: «Үйэм бүтэрэ кэллэ. Аныгыскы хаарга тиийбэтим буолуо. Онон мантан аллараа уста түһэн, отууланан олороор. Эбэҕин көрөөр. Бүтэһик тыыҥҥа тиийэ».
Ол кыһыныгар өлбүт.
Онтон ыла аллараа түһэн отууламмытым. Тоҕо аллараа түһэн олороор диэбитин билбэппин. Өлүөнэ биэрэгэр ити олоробут.
Василий Васильевич Замятин-Халчаак. Нам, II Хомустаах нэһилиэгэ. Муччуку аҕатын ууһа. 1996 с. 80 саастааҕа.
ТӨБӨ УУЛААН ТАХСАР
Торуой Хомустаах икки Көмөкөн икки ардыгар улахан хайа баар. Суулла турар кумах хайа. Аата Дьоккума диэн. Кырдьаҕастар бу Дьоккума Хайа үрдүгэр көмүллэ сытар оҕонньор төбөтө өрүстэн төкүнүйэн киирэн, уулаан таҕыста диэн кэпсииллэрин истэр этим.
Ити 34–35 сыллар диэки. Оҕонньор түҥүрэ тыаһыыр эҥин дииллэр этэ. Арааһа, сибиэннээх дьоннор быһыылаах. Сымыйанан кэпсиирим айыыта бэрт буолуо. Дьон кэпсиирин истибиппин кэпсиибин.
Миитэкэ Ньукулаайабыс Кырбыһааҥкын-Байыас. Нам, Таастаах нэһилиэгэ. Бухаайы аҕатын ууһа. 1995 с. 92 саастааҕа.
ОҔО