Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 44
Арай биирдэ саас кини бултуу тахсыбыт. Ол тахсан баран, биир кыталыгы хойумууннаабыт 1. Кыталыгын сырсан, билиҥҥи Акана анныгар тутан өлөрбүт уонна дьоннорун мунньан, бултаабытын малааһыннаабыт. Кини оннук кытыгырас киһи эбитэ үһү.
Ол кыталыгы туох баар дьоҥҥо үллэрбиттэрэ биирдии сап утаҕын курдук тиксибитэ эбитэ үһү.
Ойоҕос диэн киһи уҥуоҕа Дьөҥкүүдэ Эбэ Хаҥалаһын диэки өттүгэр баар. Кини уҥуоҕа, кырдьык, 2 миэтэрэ. Биһиги экскурсияҕа сылдьан көрбүппүт. Улаханнык эмэхсийэн эрэр этэ. Ол гынан баран, биһиги ону хостооботохпут. Учууталларбыт көҥүллээбэтэхтэрэ.
Тылы быһаарыы:
1 Хойумуун – табыллыбыт, бааһырбыт. Бүлүү дьонун түөлбэ тыллара.
Эбэҥки тылыгар гоевун – баас, бааһырбыт.
Евдокия Андреева. Ньурба, Өҥөлдьө. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
ӨҤӨЛДЬӨ
I. Былыргы абыычай быһыытынан, күтүөт уол туора сиртэн сүктэн кэлбит кийиит кыыһы сыбаайбалыар диэри көрүө суохтаах эбит.
Биир ыал уолларыгар кыыс сүгүннэрэн аҕалбыттар. Эдэр дьон дьоллорун холбуур барҕа-мааны малааһын тэрийэргэ быһаарбыттар. Ол үөрүүлээх-көтүүлээх түбүккэ сылдьан, уол наар кыыһын туһунан саныыр. «Төһө эрэ буспут моонньоҕоннуу өгүрүк-төгүрүк көрдө, төһө эрэ килбиэннээх киис түүтэ хаастаах буолла, төһө эрэ иирэ талах курдук имигэс буолла» диэн санаалар наар тэһитэ кэйэллэр эбит. Кэлэ-бара сылдьар дьон кыыс кэрэ дьүһүнүн сөҕөн кэпсэтэллэрин истэн, тулуйбакка, хаппахчы аанын сэгэтэн көрөн истэҕинэ, дьахталлар: «Өҥөйдө, өҥөйдө», – диэн аймалаһа түспүттэр.
Ити түбэлтэ биһиги сирбитигэр буолбута уонна сирбит аата онтон тахсыбыта диэн кэпсээн баар.
II. Былыр биһиги сирбитигэр, Эбэҕэ, сахалары кытта тоҥустар сэриилэспиттэр. Сахалар баһылыктара Өҥөлдьө диэн, тоҥустар баһылыктара Омолдоон диэн эбиттэрэ үһү.
Эбэ күөлүн уҥуор-маҥаар турар икки тумултан кыргыспыттара үһү. Үс түүннээх күнү быһа үөгүлүү-үөгүлүү өлөрсүбүттэр, биэс түүннээх күнү быһа кылана-кылана кыдыйсыбыттар. Тоҥус сэриилэрэ хотторон тахсыбыттар. Өҥөлдьө бэйэтэ күөл уҥуор, тумул үрдүгэр, мас быыһыгар турар Омолдоону аҥар хараҕын оҕунан тэһэ ытан кэбиспитэ үһү.
Итинтэн ыла Өҥөлдьө биһиэхэ олохсуйан, үс саханы үөдүтэн, түөрт саханы төрүттээн олорбута үһү диэн үһүйээн эмиэ баар.
Мария Иванова. Ньурба, Акана. 1970 с. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
ТААСТААХ
Бу сиргэ биир бухатыыр дьахтар Липпэ диэн сиртэн улахан тааһы көтөҕөн аҕалан бырахпыт үһү. Ону өссө да илдьиэн, сыппатын быата быстан, бырахпыт үһү. Кырдьаҕастар күүһүн холонон көртө буолуо дииллэр. Ол таас билигин да сытар. Ким да кыайан көтөхпөт, өндөппөт даҕаны. Урут нэһиилэ сыҕарыталлар эбит. Ол таас улахан, хара.