Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 46
Оноку Дьаарыны кытта сэриилэспит эбит. Ол манныктан буолбут. Арай биирдэ Оноку Дьаарыҥҥа, кинээһигэр, ыалдьыттыы барбыт. Ол олордоҕуна, Дьаарын киниэхэ биитин, Норгуону, үҥсэр: «Биигин буой. Маннааҕы уолаттар ууларын сэбин алдьатар, бэйэлэрин сынньыталыыр, тууларын уоран көрөр үһү», – диэн.
Онуоха Оноку: «Буруйдаах буоллаҕына, кинээс, эн бэйэҥ дьүүллээ. Мин бии киһини дьүүллээбэппин», – диэбит.
Дьаарын туран: «Мин эйиэхэ салайабын, кинээһим быһыытынан. Эн тарсыынаҕын», – диэбит.
Ол курдук оспуордаһаллар, этиһэллэр уонна, дьэ, үс хонон баран, сир ортотугар, Сэтиэнэх диэн сиргэ, сэриилэһиэх буолан болдьоспуттар.
Кэлэн убайыгар уорданар: «Иирээҥҥэ-иэдээҥҥэ тэптиҥ! Сэриилэһиэх буоллубут», – диэн.
Норгуо туран: «Сэриилэстэр да сэриилэһиллиэ. Үгүстэн үгүс охтуо, аҕыйахтан аҕыйах охтуо», – диэн хабаана суох тылласпыт.
Сарсыныгар, сарсыарда туран, Онохута: «Бэҕэһээ киэһэ хабаана суох тылласпытыҥ. Тахсан аһар эрэ», – диир.
Ыппытыгар, Норгуо саннын тоһуйан биэрэр. Ону Оноку саннын кырыытын мас оҕунан илдьи ытан кэбиһэр. «Ити эрээригин Өһөхтөргө бараары гыммытыҥ дуо!» – диэбит уонна мөҕөн биэрбит.
Сол киэһэ кыра уол, Дыыгыныыр, дьиэтигэр оноҕос кыстан барар. Онуоха убайа: «Нойоон, бу тугу оҥостоҕун?» – диир. Уола: «Оноҕос кыстабын. Өһөхтөр эйиигин хайдах ытыалаан өлөрөллөрүн баран көрөн туруом», – диэбит. Онтон Оноку: «Бу адьарай эмиэ убайын курдук Өһөхтөргө хаан таһаартараары тыллаһа олорор ээ», – диэбит.
Дыыгыныыр сэттэлээх уол. Оноку: «Сэттэ саа усталаах сиргэ тур», – диэбит Дыыгыныырга. Онуоха анарааҥыта: «Өһөхтөр эйиэхэ, оҕонньорго, сир кэмнии туруохтара дуо, чэ, ыт», – диэбит, итиннэ баран.
Ону Оноку мас оҕунан ыппыт. Ону Дыыгыныыр ырааҕар кыбытан ылбыт. Уолум аһарыыһы дии санаан, Оноку түөртэ ытан субуруппут. Ону Дыыгыныыр: «Сардаан бастаах оҕуҥ 1 кэллэ, сар түүтэ түүлээх оҕуҥ 2 кэллэ, тойон түүлээх оҕуҥ кэллэ, быыра оҕуҥ 3 кэллэ», – дии-дии хабан ылан испит.
Оноку ол кэнниттэн: «Чэ сөп, барыс», – диэбит.
Хонуктара туолан, дьэ, сэптэрин ыырдынан, барбыттар. Сэтиэнэх диэн сиргэ киирэн баран, Оноку эппит: «Болдьоспут сирбит кэллэ. Көрө-истэ ис, сэрэн. Өһөхтөр куруппааскы курдук, дэлбэритэ ытыалаан кэбиһээйэллэр», – диэн.
Утаакы буолаат, кураахтаах саа тыаһа «чаап-чууп» буола түспүт. Арай биирдэ өйдөөн көрбүтэ, уолун ата түҥнэри көтөн кэбиспит. Ат сыҥааҕар ох хорохолоно түспүт. Ат бэйдиэ сүүрбүтүгэр, сырсан, тутан ылбыт. Атын баайан, оноҕосторун көтөҕөн кэлэн иһэн көрбүтэ, уол таба саҥыйаҕын түүтэ бурҕаллыгас үлүгэр. Өһөхтөр ытыалаа да ытыалаа буолбуттар.
Оноку, дьэ, ытыалаһар. Саамай атамааннара, күүстээхтэрэ Өһөх Өргөдьөй диэн Оноку курдук киһи баар эбит. Бу маны туран Оноку ытан биирдэ да таппатах. Бэстилиэнэй биир оҕо хаалар. Мас быыһынан биир, атаҕын өрө көтөҕө-көтөҕө,