Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 49

Жанр:
Серия:
Издательство:
Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ

Скачать книгу

Биир атыыр иигин харыһыйаҕын – биир атыыр туран буоһаппытын харыһыйаҕын.

      ДЬААРЫН КЭБИН ТУОММУТА ҮҺҮ

      Дьаарын биир кыыһа хара ыалдьарга ыалдьыбыт. Ону кытта (хара ыарыы абааһытын, иччитин кытта), күөх эбириэн оҕус буолан, харсыбыт. Куттаан, өлөрсөн. Хоту Муустаах муораҕа кыйдыам диэн биитэр Хаҥас Диэкилэргэ (абааһылар бааллар эбит) илдьэн туттарыам диэн. Куттаан куоттаран.

      Бу Бүлүү төрдүгэр Нүдүлү диэн күөл баар эбит. Ол күөлгэ тиийбит. Абааһыта күөлгэ уртуус курдук ундьулус гынан хаалбыт.

      Онно Дьаарын кэбин туоммута үһү: «Ундьулус гынан хаалла. Кэнэҕэс эргиллэрэ буолуо. Кэннин хайыһан, чарапчыланан баран куотта», – диэн.

      ДЬААРЫН УОЛА ДЬАЛАҔАЙ КИИЛЭЭН

      Дьаарын Дьалаҕай Киилээн диэн хаччаҕайдыы маҕан сирэйдээх уоллаах эбит. Ол киһи сайын Бөтүрүөп саҕана, окко киириэх иннинэ, Дьокуускайга киирбит. Ол киирэн ыһыахтарыгар тиийбит. Онно Тыгын удьуора киһи Хара Бытык Маһары диэн баар эбит. Ол, ыраахтааҕыны көрсөн кэлэн баран, ыһыах уурдаран кэлэн олорбут. Хааннаах эһэ тириитэ олбохтонон, балааккатын иһигэр, ыраахтааҕыны көрсүбүт үөрүүтүгэр. Ол Маһары күтүөттээх эбит, бөҕө киһи. Ыһыахтарын кымыһын иһэн бүтэн баран: «Дьэ, көр буоллаҕа, мин күтүөппэр бөҕөтө киллэриҥ», – диэн буолбут. Онно: «Суох. Биһиэхэ бөҕө киһи суох», – диэбиттэр.

      Оччоҕо бу Бүлүүнү Бүлүү диэн ааттаабаттар. «Кыйаар киһитэ баар», – диэбиттэр. Маһары Киилээни ыҥыртаран ылан: «Мин күтүөппүн кытта тустан, холоһон көр. Эйиигин үчүгэй дииллэр. Көргүтүн көрдөрүҥ», – диир.

      Ону, сөп дэсиһэн, дьэ, тустабыт диэн тылын биэрбит. Онтон олохтоох киһини сарыынан бүрүйэн киллэртэр. Биһиги киһибитин ким бүрүйүөй. Былыргы киһи тустар сыалыйалаах буолар. Анал. Адьарай онтун илдьэ сылдьар эбит буоллаҕа. Билиҥҥи ити туох курдук, үөһэ өттө таҥаһа түнэ, үөһээ бүүрүгэ кыыл иҥииринэн хатыллар. Быһа тарпат гына. Ол сыалыйатын кэтэн киирэр.

      Сарыы бүрүөтүн быыһынан киһи илиитэ быкпыт. Ону лап гыннаран ылбыт уонна соҕотохто түөрэ холлоруктаан түһэрбит. Ол түөрэ быраҕан баран, кыһыыта кыһыылаах, үрдүнэн ойон ааспыт. Ол иһин кыыһыран: «Хаппыт оҕус тириитинэн өйдөтүөххэ», – диэбит бу Маһары. Мэник абааһы эбит, ама охтортун иһин диэн.

      Таҥаһын баран таҥнар. Ол олордоҕуна эппиттэр: «Эйигин таһыйтараары гынна. Хаппыт оҕус тириитин имитиэххэ диэтэ», – диэбиттэр.

      Атыгар сүүрэн барар, атын миинньэр. Батыйатын илдьэ сылдьар эбит. Маһарыга утары дьоруолатан кэлэр: «Дьэ, тутан имит эрэ», – дии-дии иннинэн быһа сүүрдэн ааһар.

      «Ити хара ыты тутан кэлиҥ», – диэн уонтан тахса киһи сырыһыннараллар. Хара Бытык Маһары хараҕыттан сүтүөр эрэ дылы сырыһыннартар уонна төннөн кэлтэр. «Куотан хаалла, ситтэрбэтэ», – диэннэр.

      Ол иһин кыһыныгар, саас кулун тутар ый саҕана Хара Бытык Маһары биир тойонноон, биир саамай улахан бөҕөтүн талан, Кыйаарга ыытар. Бу тойон Дьаарын таһыгар түһэр. Кинини ыҥыртарар: «Быһайын эн уолуҥ киирэн, Хара Бытык Маһары уолун

Скачать книгу