Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 53

Жанр:
Серия:
Издательство:
Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ

Скачать книгу

СЭРИИЛЭЭН ЫЛЫЫ

      Хаарыҥда. Эбэ диэн ааттыыр этибит. Омолдоон быраата өлбүт сирэ. Тоҥустары кытта сэриилэһэ сылдьан. Өҥөлдьөттөн үүттэлээри. Тоҥустары. Дьолуот диэн сиргэ сэриилэһэн хоппут. Маҥнай. Омолдоонуҥ хотор. Тоҥустары арҕаа үтэйэр. Уонна, Хаарыҥдаҕа киирэн, Дайыыла Тумула уонна Күүлэ Тумулга сытан, оҕунан ытыаласпыттар. Омолдоонуҥ быраата, ол тумулу (Күүлэ Тумулу) кэтэҕинэн эргийэн киирэн, ытыллан өлбүт. Омолдоон быраатын баһын төргү үлэнэн кэлбит. Онон Хааннаах Киһи Баһа Төргүүлээх Улуу Омолдоон диэн ааттаммыт.

      Баһа суох көхсүн ол Күүлэ Тумулга араҥастаабыта үһү. Ол иһин Күүлэ Тумул диэн билиҥҥэ диэри ааттанан турар ол сир.

      Ити, аахтахха, оруобуна аҕыс үйэ эбит.

      Хотторон киирэн баран, Аканаттан Саадьаҕай диэн киһиттэн көмө ылан таххыбыт. Аймаҕа үһү. Ол таххан, тоҥустары Өҥөлдьөттөн үүттэлээбит.

      Тоҥустар, маҕан Хайа дабаанынан түһэннэр, Чуукаар өттүнэн, Кукаакы нэһилиэгэ диэҥҥэ тиийбиттэр. Ол тийэннэр, Моҕулу диэн сиргэ олохсуйбуттар. Ону Омолдоон, иккиһин эккирэтэн, Саадьаҕайтан ылбыт хоһууннарынан уонна бэйэтин хоһууннарынан Моҕулуттан үүттэлээбит. Онно биир аҕа ууһун таһааран олордуталаан кэбиспит. Олор туймуулара 1 билигин элбэх киһи баар. Антипиннар диэн эҥин.

      Бэс Атах диэн сыһыы баар. Улахан оттонор ходуһалаах, аҥаара сайылык. Улахан сир. Онно Саадьаҕайыҥ көмүллэ сытар. Өссө киһилээх, аттаах көмүллүбүт киһи. Булгунньахха, илин кытыылыы соҕус. Ону хостоору гыммыттарын мин хостотторботоҕум. Төрүппүт буоларынан.

      Тылы быһаарыы:

       1 Туймуулара – сиэннэрэ, ыччаттара.

      Өҥөлдьө киниитин өҥөйөн көрбүтэ үһү. Төрөөбүтүгэр. Төрөөтүнэн киниитин өҥөйөн көрбүт тойоно. «Туох айылааҕы аҕалан, оҕом ытаатаҕай-соҥоотоҕой», – диэн баран.

      Былыргы киһи киниитин көрөр бырааба суох. Төрөөн сытар дьахтары.

      Прокопий Васильевич Филиппов-Көллүгэс Борокуоппай (1920). Ньурба, Малдьаҕар. 1986 с. суруйбутум.

      ЧЫКЫЙА ИИКТЭЭБИТ

      Чыкыйа Ииктээбит – маар. Тоһуукай оҕонньор, Дьокуускайга тохсуһун ыһыах уура киирэн иһэн, ол маарга, тоҕус үөрдээх атыыры киллэрэн иһэн, онно хоммут.

      Һол түүн ойоҕо оҕо куоппут. Ол иһин ааттаабыт. Былыр оҕо куоппутун чыкыйалаан төнүннүбүт дииллэр үһү. Ааттаах улахан баай тиити түөрт өттүнэн буруустуу һуорбут. Мантан чыкыйалаан төнүннүм диэн.

      Һитигирдик кэпсэтэллэр этэ кырдьаҕастар. Тоһуукайыҥ ойоҕо буоллаҕына Дьокуускай дьахтара үһү.

      Былыргы киһи айыымсах, быһа-хото һаҥарбат.

      Макар Васильевич Васильев-Уус Макаар. Ньурба, Акана нэһилиэгэ. 1987 с. 100 саастааҕа.

      ҺААЛГАТ ААТТААХ УЛУУ ОЙУУНА

      Һаалгакка олорбута үһү ааттаах улуу ойун. Ол олорон: «Ыалдьар, улахан ыалдьар ааста. Тоҥус сиригэр. Ол төннөрүгэр мин холоһон, баҕалаһан көрүөм этэ. Кини аддьаххайдаах өлүү. Ону мин кыайар-хотор буолуум, арай. Кэнэҕэһин кэнэҕэски диэри сүтүөх этэ кини», – диэбит үһү. «Онон төннөрүгэр мин тоһуйан көрүөм. Ону, оҕолорум эрэ буолларгыт, төһө даҕаны һаҥа, төһө

Скачать книгу