Кырыыстаах таас. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кырыыстаах таас - Тумарча страница 9

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Кырыыстаах таас - Тумарча

Скачать книгу

эрэ бэйэтин буруйдаах курдук сананна. Сатана тааһа оттон хантан ойо ыстанан кэлэн кини хараҕар көстүбүтэй? Туох барыта аргыстаах, үөрдээх-сүүрүктээх буоларга дылы этэ дии. Хайдах кини ала-чуо соҕотоҕун сыппытай? Аны атын сири көрдөрбүт диэн дьонум уорбалыыллара дуу? Лөкөй кыбыһынна. Мэктиэтигэр сүүһүн көлөһүнэ бычыгыраан тахсыбытын ытыһын тилэҕинэн туора соттон кэбистэ. Мух-мах баран, дьонун хараҕын таба көрбөккө олордо.

      Бу оҕолуу ыраас, көнө сүрэхтээх, бөҕө-таҕа көрүҥнээх киһини Бориска маҥнай билсиэҕиттэн сөбүлээбитэ. Кини сэмэй, холку көрүҥэ, олохтоох сымнаҕас тыла-өһө кинини уолуһуйбат, бэйэтигэр эрэмньилээх көрүҥнүүрэ. Ол бэйэтэ бу биһиги кыһалҕабытын үллэстэн, өссө бэйэтин сэмэлэнэ олордоҕо. Бориска ыалдьытын ис санаатын өтө көрөн аһына санаата.

      – Лөгөнтөөй, кыһыл көмүс үгүс сырата, өй-санаа алдьаныыта суох көстүбэт. Ону биһиги өйдүүбүт. Ити улахан үрэҕэр суоҕун иһин, кини салаа үрүйэлэригэр хайаан да баар буолуохтаах. Ону биирдэ таба тайанан булар кытаанах буолааччы. Билигин бу үүтээммит турар үрүйэтигэр үлэлиибит. Манна булбатахпытына уҥуоргу утары салааҕа тахсыахпыт. Онон тулуур, элбэх сыра эрэйиллэр.

      – Дьэ, буоллаҕа. Эһиги идэлээх дьон билэн эрдэххит. Туох үлүгэр суолталаах таас буолан, дьон-сэргэ көлөһүнэ итиччэ тохтон эрдэҕэ буолла?

      – Суолтата диэн баай, киэргэл эмэгэтэ ини. Атыттар көдьүүстэрэ кэм биллэр ээ. Тимиртэн холобур сүгэ, быһах, сэп-сэбиргэл оҥостоҕун. Алтаныҥ иһит-хомуос, боробулуоха буолар. Оттон көмүһүҥ диэн аҥаардас ымсыы, сор-муҥ, өлөрүү-алдьатыы эрэ эҥэрдээх баҕайы. Биһиги эмиэ киниттэн сылтаан тэлэһийэн сырыттахпыт эбээт, – Бориска күлэ-үөрэ олорбут бэйэтэ, өстөөҕүн санаабыттыы хаана-сиинэ ыараан, тыйыһыран барда. Ону көрөн Лөкөй ыйыппытын кэмсиннэ. Көрдөххө, кырдьык, күн сардаҥатыныы килбэчиҥнээн, сиэдэрэй таас киэргэлгэ туттуллумуна. Ол эрээри кини бу дьоҥҥо тоҕо сүрэх бааһа, олох эрэйэ буолан эҥэрдэспитин сатаан өйдөөбөтө.

      – Кырыыстаах таас сиэдэрэй өҥүнэн сиртэн хостонор баай хайа да көрүҥүнээҕэр урут дьон хараҕын абылаабыта, – Бориска Лөкөй санаатын таайбыттыы салгыы саҥарда. – Быдан былыргыта киһи аймах туттар сэбэ-сэбиргэлэ өссө таас эрдэҕинэ, кинини үрэхтэр кытыыларыттан, таас харгылартан үгүстүк булаллара үһү. Оччолорго сир үрдүгэр ыһылла сытар көмүс дэлэй буолуохтаах. Кинини бастаан сүөһү иитэр көс омуктар булбуттар. Ол өйдөнөр. Мэччирэҥнээх сирдэри батыһан, хочоттон хочоҕо, өрүстэн өрүскэ көһө сылдьан, кинилэр килбэчигэс кэрэ өҥүнэн оонньуур тааһы ылан киэргэлгэ тутталлара. Кэнники харчы оҥостор буолбуттар. Онон былыр үйэҕэ сир үрдүнээҕи кыһыл көмүс хомуллан бүппүт. Кэнники сир анныттан хостуур идэлэммиттэр. Нуучча сиригэр кинини хойут булбуттар. Маҥнайгы балысхан көмүһү биһиги төрөөбүт дойдубутуттан, Уралтан, хостообуттара. Билигин даҕаны хостууллар.

      Бориска тохтоон, сойбут куруускалаах чэйин биир тыынынан түһэрэн кэбистэ. Тыастаахтык өрүтэ тыыммахтаата. Ырбаахытын сиэҕинэн уоһун сотунна. Лөкөй Бориска номохтуҥу кэпсээнин

Скачать книгу