Кырыыстаах таас. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кырыыстаах таас - Тумарча страница 12

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Кырыыстаах таас - Тумарча

Скачать книгу

тэйиччи соҕус сырыттахха сатаныыһы, – Бориска бастаан кыһыйа санаабыта арыый уҕарыйарга дылы буолла. Миитэрэй оҕонньору эккирэтэн, атын миинэн, ойоҕоско тиҥилэхтээтэ.

10

      Сэйимчээн нэһилиэгин кинээһэ Сиидэр Мандыырап кэтэҕэриин ороҥҥо тиэрэ түһэн, быйылгы кытаанах дьыл эндирдэрин эргитэ саныы сытар. Быйыл кыһын куорат атыыһыттарыттан бу дойдуну ким да өҥөйбөтө. Былырыын баччаларга Кушнарев атыыһыт бирикээсчигэ Ыспаагы кытта болдьоһон турардаах. Кэлэр дьыл сааскытыгар диэри нэһилиэгин түүлээҕин хомуйан бэлэм олоруох буолбута. Сиидэр ону толорбот бэйэлээх буолуо дуо? Быһаас Ыспаак кыайан батарбатах табаарын тобоҕунан, Халыма икки эҥэрин түүлээҕин үксүн Ороһуоспа иннинэ хомуйан киллэрэн, ампаарыгар ыгыччы симэн туруорар. Оттон Ыспаак мэлийдэ. Сотору суол алдьаныа. Түүлээҕин ханна батарыай? Уолаҕа киллэрэн эмэрикээннэргэ былдьатыан кэрэйэр. Урут ону эт хараҕынан көрөн турардаах. Биирдэ саас Уолаҕа киирэ сылдьан, эмэрикээннэр пароходтара кэлбитин көрбүтэ. Пароходтан уонча киһилээх улахан оҥочо биэрэккэ тиксибитэ. Биэс-алта солоҥдо курдук сундулуспут дьон дэриэбинэҕэ тахсан, күөс быстыҥа тилийэ сүүрбүттэрэ. Көстүбүт түүлээҕи барытын имири хомуйан ылбыттара. Түүлээх туттарбыт дьоҥҥо чек диэн суруктаах кумааҕы лоскуйдарын биэрбиттэрэ. Сарсын чеккит быһыытынан барыгытыгар табаар түҥэтиэхпит, билигин хараҥаран хаалла диэн буолбута. Ол түүн пароход туох да тыаһа-ууһа суох тумаҥҥа куустаран хоммута. Сарсыарда турбуттара пароходтара ханна да суох этэ. Сиидэр ону санаатаҕына этэ тардар. Тугу гыныахха?! Сайыҥҥа тиэртэҕинэ түүлээҕэ сытыйар.

      Балаҕан кырыарбыт аана хаахынаан аһылынна. Тымныы салгын өрүһүспүттүү дьиэ иһигэр кутулунна. Будулҕан туманы бүрүнэн Тысхаан ойуун мааһалдьыйан киирдэ. Салгыннаабыт хараҕынан ол-бу диэки килээриччи көрүтэлээтэ. Мас кыстыыр сиргэ силлээн «палк» гыннарда. Үтүлүгүн, бэргэһэтин устан бытыгын кырыатын тоноомохтоото. Уҥа ороҥҥо кэлэн олорунаат, дьиэ иһин эмиэ сирийэн көрдө. Хараҕа сыыйа үөрэнэн барда. Дьиэлээх киһи сытарын барыгылдьытта. Сөҥ куолаһынан көбдьүөрдэ.

      – Хайа, бу кэпсээниҥ?

      – Суох! Эн кэпсээниҥ, кырдьаҕаас?

      – Киһи үөрэ-көтө кэпсиирэ суох. Арай бүгэн, бүөмнээн олорбуппут мантан инньэ бүтүүһүк быһыылаах, – оҕонньор сарыы саппыйатын таһааран табах уурунна. Били Сафейка испиискэтинэн уматынна.

      – Тыый, ол туох иирээни дуу, иэдээни дуу билгэлээтиҥ?

      – Бэҕэһээ эн сылгыһыт уолгунаан, Миитэрэйдиин, Сиридикээҥҥэ икки нууччаны көрүстүбүт.

      – Бай, ол тугу гына сылдьар дьонуй?

      – Үүтээн туттан кыстаабыттар. Муҥур үрүйэҕэ иин бөҕөнү хаһан тиэрэ сүргэйэн кэбиспиттэр. Кыһыл көмүс көрдүүллэр үһү.

      – Ноо, хантан кэлбиттэрий?

      – Эн сылгыһытыҥ билэттиир эбит. Былырыыҥҥы Ыспаак атыыһыт ындыыһыттара үһү. Сахалыы билэллэр эбит.

      – Ээ, били, татардар буоллахтара. Быһайын манна биир атыыһыты кытта Уолаттан тахса сылдьыбыттара. Оттон былырыын

Скачать книгу