Скачать книгу
ыгылыйда. Сирин аҥаарын холобурдааҕы барда да, туох да сибики биллибэтэ. Тула өттүн сирийэн көрө иһэр. Ханна кыра томтор, хаар чөмөхтөммүт сирин аайы тохтоон, тайах маһынан анньыалаан, бигээн көрөр. Онтукалара хаарынан тибиллибит чөҥөчөктөр, дулҕа төбөлөрө, охтубут мастар буолуталаан истилэр. Ол аайы чэпчии түһэргэ дылы гынар. Доҕоро өлүөр, тыыннаах буоларыгар эрэмньитэ күүһүрэн истэ. Итинник айаннаан күн киэһэриитэ эбээннэр олохторугар тиийдэ. Кураанах тэлгэһэни көрөн курус гына түстэ. Ураһа атах мастара чөмөх-чөмөх тииттэргэ өйөннөрүллүбүттэр. Сорохторун силлиэ түһэрбит. Көспүттэрэ ырааппыт быһыылаах. Сафейка баттаспатах эбит буоллаҕа. Оччоҕо тоҕо төннүбэтэ. Аһара эккирэтэн барбыта буолуо дуо? Ханна баалларын билэн мээнэ барыай? Бориска тугу гыныан билиминэ, тайаҕар өйөнөн, бытыгын кырыатын соттумахтыы турда. Өйдөөн көрбүтэ, тэлгэһэ илин кырыытын диэки тыа саҕатыгар туох эрэ томтойон көстөр баар. Онно барда. Ол иһэн эмискэ бачымах курдук хойуу суолу көрө биэрдэ. Сүрэҕэ биирдэ «парк» гына түстэ. Бөрөлөр… Бөлүүн… Өссө ол иннинэ сылдьыбыттар. Сорох суолларын хаар типпит. Били томтору хаспыттар. Туох эрэ уҥуохтарын хостоон көмүллээбиттэр. Онно-манна хаан симэһиннээх уҥуох бытархайдара көстөллөр. Эбээннэр күрдьүктэрин сүргэйбиттэр диэх курдук санаан иһэн, хардаҕас саҕа икки туох эрэ хаарынан бүрүллэн сыталларын көрдө. Тайах маһынан бигээн көрбүтэ, кытаанахтар. Дьиибэргээтэ. Хам тоҥмуттарын хоҥнорон эргитэ быраҕаттаабыта, арай хаатыҥка буоллулар. Сафейка мууһурбут хаатыҥкалара! Бориска сүрэххэ астарбыттыы ынчыктаан ылла. Түөһүн туттубутунан күрдьүк үрдүгэр олоро түстэ.
14 Бөлүүн, уһун түүнү быһа хараҕын симмэккэ кутаа оттунан бөрөлөрү кытта чуҥнаһан таҕыста. Эрдэттэн сэрэхэдийэн түүннэри айанныы сорумматаҕа. Аллараа мастаах сиргэ киирэн, улахан сыгынаҕы булан, ол хоонньугар уот оттунан хонорго быһаарыммыта. Сырдыкка түүн уматар маһын дэлэччи тиийэр гына бэлэмнэммитэ. Хаары уулаан чэй оргутунан, буспут хабдьы уонна тииҥ этин үссэнэн итии киллэриммитэ. Саатын ботуруоннарын бэлэмнэммитэ. Ботуруона уонча эрэ, онон ыксал тирээтэҕинэ туттар санаалаах. Бөрөлөр хайаан даҕаны кэлиэхтээхтэрин сэрэйэрэ. Ол иһин көмүскэнэргэ бэлэм олорбута. Сафейканы сиэбиккит курдук, ол аайы эһиги айаххытыгар киирэн биэриэм суоҕа. Кини даҕаны саалааҕа буоллар, тыынын көмүскэниэ этэ диэн иһигэр абара-сатара олорбута.
Күүппүтүн курдук, хараҥарыыта утуу-субуу тула өттүгэр бөрөлөр улуйсубуттара. Сотору мустан ырааҕынан кутааны тула сундулуспуттара. Киһи, куттаммыт санаатыгар, халлаан сулуһунуу элбэх уоттаах харахтар тыа иһиттэн кинини суптурута одуулуурга дылылара. Күөх толбонунан килбэчиҥнэһэр суостаах тымныы харахтар уоттарыттан этэ салаһан саатын кууспутунан сыгынаҕын улаҕатыгар эргичиҥнии олорбута. Сотору-сотору уотугар мас быраҕан күөдьүтэн биэрэрэ. Ол курдук түүн үөһүгэр диэри өрө мөхсө сылдьыбыта. Сороҕор суоһурҕанан уоттаах маһынан далбаатанара. Чугаһаатахтарына быраҕаттаан
Скачать книгу