Кырыыстаах таас. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кырыыстаах таас - Тумарча страница 13

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Кырыыстаах таас - Тумарча

Скачать книгу

буоллаҕа дии санаабыттара. Онтон сирийэн көрбүттэрэ, кэннилэриттэн икки-үс наарта суола барбыт этэ. Үөрэн утарыта көрсөн кэбиспиттэрэ. Бу түгэҥҥэ кинилэр иккиэн биири санаабыттара. Астара баранан быстарар кутталга киирбит кэмнэрэ этэ. Сүбэлэһэн бу күннэргэ Сэйимчээнниэх буола сылдьыбыттара. Бу күһүн Лөкөй Лөгөнтөй бэрсибит этигэр бултаан хаһааммыт-сүүсчэкэ кустарын эбэн баччаҕа тиийдилэр. Үлэлэрин быыһыгар чугастааҕы тыалары кэрийэн сороҕор тииҥ, сороҕор хабдьы киллэрэн эбинэллэр. Бурдуктарын наар хааһылаан сиэн бүтэрдилэр. Кыс ортотун саҕана Миитэрэй ойууннуун кэлэ сылдьыыларыгар, Сиридикээн баһыгар эбээннэр баар сурахтарын бэркэ сонургуу истибиттэрэ да, чуолкай хайа сиргэ баалларыи билбэт этилэр, онон барбатахтара. Соло да суох этэ. Кыһыны быһа тоҥ буору, тааһы кытта тиниктэһэн тахсыбыттара. Муҥур үрүйэҕэ уонча иини хаспыттара уонна соторутааҕыта Утары салааҕа көһөн үлэлии сылдьаллар.

      Сафейка сирин ортолоото бадахтаах. Аны көс кэриҥэ хаалбыт буолуохтаах. Кинилэр сабаҕалааһыннарынан, эбээннэр бу түүн Сиридикээн баһыгар тиийэн хайаан да хонуохтаахтар. Күн киэһэрэн, уота өһөн, сөрүүкээн барда. Хаар чаҕылыттан хараҕа саатара арыый буолла. Хаста даҕаны үөр хабдьылар көтөн тирилэһэн тахсан, иннигэр баран түһэллэр. Табалар ааспыт сирдэригэр хаар аннытан от сыата, тоҥ отон тахсыбытын сииллэр быһыылаах.

      Суол наар хочо уҥа өттүнэн хайа эҥэрин батыһа барар. Туора үрүйэлэр сүнньүлэрин тутуһан киирэр тумус тыалар суол икки өттүгэр силэллэн биэрэрдии арахсаллар. Баччааҥҥа диэри хочо хаҥас эҥэрин хайытан түспүт үрэх көҥүһэ эмискэ уҥа диэки хайысхаланна. Суолу быһа охсон, хайа туруору эмпэрэтин аннынан ааһар. Сафейка көҥүс хааһын үрдүгэр хорус гына түстэ. Көрбүтэ, үрэх мууһа тааҥнаабыт. Үрдүнээҕи хаара чэйинэн мэһиллибит убаҕас хааһылыы саһарымтыйан көстөр. Сорох сиринэн сүүрүгүрдэ сытар. Табалар суоллара тааҥы үрдүнэн туора бырдааттаһан ааспыттар. Тумнар сири көрдөөн Сафейка үрэҕи өрө-таҥнары хаамыталаан көрдө да, ханан даҕаны быстаҕаһы булбата. Хайдах даҕаны уҥуор туораатаҕына сатанар. Тугу гыныан мунааран турбахтаата. Туруору эмпэрэ сыыры сэрэнэн түстэ. Уу кытыытыгар киирдэ. Хайыһарын устара сатаныа суох. Уулаах хаарга батыллан хаалыыһы уонна муус хайдыбытыгар да түһүөн сөп. Синигэр түһэн, хайыһардыын киирдэ. Араҕас сиҥэни бокуойа суох кэһэн киллиргэттэ. Дириҥэ бэрбээкэйин ааһан сорох сиринэн сототун ортотунан буолла. Хаатыҥкалара ууну оборон атахтара соҕотохто ыарыы түстүлэр. Атаҕар ууну киллэримээри өрүсүһэн күүһүн муҥунан түһүөлээтэ. Охтубатах эрэ киһи диэн баҕалаах. Хаста даҕаны уу хайа охсубут куоһаахтарыгар түһэ сыста. Кутталыттан санаата тууйуллан, тыына кылгаан, сыыһа-халты туттунара элбээтэ. Халты-мүлчү тэбинэн, охтон иһэн өрүһүнэн ылаттаата. Сатаан бардахха, хайыһарын тумса хаар сиҥэни аннынан баран, кыайан салаллыбакка эрэйдээтэ. Айаҕалыы сатаан атаҕын өрүтэ көтөҕөлөөн, хайыһарын төбөтүн тааҥы үрдүнэн чолоҥнотон хааман баһыахтаата. Онтуката эбии ыараан олус сыралаах буолла. Санаатыгар наһаа уһуннук айаннаата. Хаатыҥкатын курдат уу өтөн тымныынан хаарыйталаата. Уҥуоргу биэрэк чугаһаата. Күүһүн мунньунан

Скачать книгу