Кырыыстаах таас. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кырыыстаах таас - Тумарча страница 18

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Кырыыстаах таас - Тумарча

Скачать книгу

уулара билигин ыраас, уу түгэҕэ курдаттыы дьэрэлийэн көстөр буолбут кэмэ. Миитэрэй мунааран турбахтыы түһээт, суолун салгыы батыста. Сотору, били, бу кыһын ойууннуун көрбүт ииннэригэр кэллэ. Сорохторо, намыһах сиргэ хаһыллыбыт өттүлэрэ, уунан туолбуттар. Атыттара син кураанах эрээри айахтара сиҥнэн түһүтэлээн эрэллэр. Миитэрэй биири атыҥырыы көрдө. Били, бугул-бугул саҕа хаарынан сабыллан сытар чөмөх буордара суох буолбуттар. Ханна гыммыттара буолуой? Соһуччу таабырынныы, саарбахтыыр санаан кини өйүгэр кылам гынна. Арба, былырыын кэпсээтилэр этэ дуу, көмүс сууйуутугар үлэлээбиппит, манна көмүс сууйсан көрүөхпүтүн баҕарабыт диэн. Ол аата били ииннэртэн хостоммут буордары сууйар эбит буоллахтара. Тууй-сиэ, хайдах мааҕыҥҥыттан таайбатаҕай? Бу кинилэр сууйбут буордарыттан үрүйэ уута будулуйбут эбит дии. Оксиэ, уу бачча киртийиэр диэри буору суурайар диэн, дэлэлээх элбэх үлэттэн тахсара буолуо дуо? Бээ, бээ, хата, баран көмүстэрэ диэни хайдах сууйалларын көрүөххэ. Аны хойутаан хаалыам диэбиттии, Миитэрэй тиэтэйэ быһыытыйда. Аарааҥҥа диэри уонча хаһыллыбыт иини аахта. Буордара сууйуллубут. Үрүйэ тоҕойун уҥуортан буруо унаарыйан көһүннэ. Миитэрэй өр гыммата. Тоҕойу эргийэ көттө. Үрүйэ кытыытыгар ыраастаммыт көнө сиргэ таас, кумах булкаастаах инчэҕэй буор чөмөхтөммүт. Ол таһыгар Борискалаах Сафейка кэккэлэһэ чохчоһон олороллор. Миитэрэй кэннилэриттэн чугаһаан кэлбитин көрбөтүлэр. Саҥата суох үлэлии олордулар. Миитэрэй көрдөҕүнэ, мас хорууданы ортотунан куоһаахтыы хаһыллыбыт дьоҕус иһиккэ толору кутуллубут буору ууга тимирчи олордон баран, кыра күрдьэхтии суоруллубут мастарынан, үтүктүспүт курдук иһиттээх буордарын түгэҕиттэн түөрэ эргитэн харса суох булкуйа олороллор эбит. Балайда булкуйан буорун, бадараанын суурайан баран, үрдүнээҕи бөдөҥ таастары хаһыйталаан кэбистилэр. Итинник хаста да хатылаатылар. Ол аайы анныларыттан болоорхой уу будулуйа сүүрдэр. Иһиттэрин ортотунан кумах былаастаах бытархай кырылас таас хаалбытын, дьон боччумуран олорон, хоруудаларын икки кырыытыттан тутан хардарыта иҥнэҥнэтэн, төттөрү-таары ууну сомсон эйэҥэлэтэн сууйан бардылар. Сотору-сотору мастарынан булкуйан түгэҕин көбүтэн биэрэллэр. Тоҥолохторугар диэри ньыппарыммыт илиилэрэ кытара тоҥмуттар. Онно кыһамматахтыы имигэстик бэгэччэктэрин эрэ хамсатан үлэлии олордулар. Тохтоло суох кыра-кыратык сомоон ылар ууларынан хачайдаамахтаат, долгун араҥатынан кумахтарын үрдүнээҕи таастары иһит таһыгар ыыталлар. Тиһэҕэр аҥаардас кумах сөҥөн хаалбытын сиксийэн иһиттэрин түгэҕин кичэһэн одууластылар. Онтон уларытыһа сылдьан көрбөхтөөтүлэр. Тугу эрэ ботур-ботур кэпсэттилэр. Кумахтарын барытын иһиттэриттэн сайҕаан кыракый ылтаһын хамыйахха сүөкээн ыллылар, уоттарыгар куурда уурдулар. Туран тыыллаҥнастылар, Миитэрэйи көрдүлэр.

17

      Сиридикээн баһа атырдьах салбаҕыныы туора арахсар кылгас салаатын сырыынньа хочотун устун, суол сыыйа сис хайаҕа дабайар. Айанньыттар субуруһан дабааны бытааннык өрө тахсан

Скачать книгу