Кырыыстаах таас. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кырыыстаах таас - Тумарча страница 22

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Кырыыстаах таас - Тумарча

Скачать книгу

Хайа өттүбүттэн түһэрэ биллибэт. Оттон миэхэ хаххаланарбар туох да мас-от суох. Сатаан бардахха, аһаҕас сир буолан, тыал суугуна тыас ылары мэһэйдиир. Бу түгэҥҥэ саба түһүөхтээҕин мин эппинэн-хааммынан сэрэйдим. Ону адьырҕам уодаһыннаах санаатыттан биллим. Миигин муннаран уонна уолутаары суолун хаста даҕаны төттөрү үктээн ааһыталаабыт. Тыҥааһын улаатта. Тымныы ууну испит курдук, уҥуоҕум салҕалас буолла. Оттон бэйэм тириттим. Быһахпын ылан тииспэр ытырдым. Бэркэ сэрэнэн иннибин-кэннибин кэтэнэн сөкүттэн тахса охсор баҕалаах баран истим. Туораатарбын эрэ тыа саҕатыгар тахсан уот оттунар санаалаахпын. Уот туһунан санаат, сөкүнү уматаары хатаппын ылан эрдэхпинэ, кэннибэр от кэһиллэр суугунас тыаһа иһилиннэ. Мин эмискэ эргиллэрбэр, атахпын окко эрийэ үктээн, тэмтэрийэн тиэрэ баран иһэн көрбүтүм, кэннибиттэн ойоҕолуу соҕус хара күлүк сөкү быыһынан көстөр халлаан лоскуйун сабардаан үрдүбэр түһэн эрэр эбит. Сатаатахха төттөрү өттүбүнэн эргиллэн, кыылым күлүгэ хаҥас өҥүс баһым туһаайыытынан буолла. Мин охтон иһэн иэҕиллэн, куһу күөрэтэр курдук иннинэн соҕус туһаайан чыыбыспын тардан кэбистим. Алыс иннинэн көрөн кэбиспиппин, сыыстым быһыылаах. Дьэ, өллөҕүм диэн санаа төбөбөр охсуллан ааста. Ол икки ардыгар сирэйим, куйахам биирдэ атый гынан, уҥуох алдьанар тыаһа «харк» гына түстэ, ханна да барбыппын билиминэ хааллым. Биирдэ өйдөнөн кэлбитим, хабыс-хараҥа. Сирэйим, куйахам уотунан аһыйар. Хаҥас илиим хамсаппат буолбут. Бастаан ханна баарбын, туох буолбуппун билбэтим. Онтон сыыйа барытын өйдөөн кэллим. Өндөйөн көрбүтүм, аттыбар хара күлүк тыыллан сытар. Сыыспатах эбиппин ээ диэн үөрэ санаатым. Онтон сэрэнэн олордум. Өлүөр илиибинэн төбөбүн туттубутум, балай да хаан бөлүөхсэн хаалбыт. Сирэйим уонна куйахам уотунан салаһар. Баабыр төбөбүн хадьырыйан эрэрин чуолкай өйдүүбүн. Туох эрэ алдьанар тыаһын истибитим ээ. Аҥаар харахпын хааным бүөлээбитин ыраастанным. Ырбаахым эҥэрин хайа тардан ылан сэрэнэн сирэйим, кэтэҕим хаанын соттубута буоллум. Хата, хараҕым дэҥнэммэтэҕиттэн үөрдүм. Сыылан тиийэн, кыылбын бигээн көрбүтүм, хамсаабат буола көһүйэн хаалбыт. Сирийэн көрүөхпүн хараҥата бэрт. Илиим иминэн харбыалаһан саабын буллум. Нэһиилэ атахпар туран тыа саҕатыгар таҕыстым. Күүспүн мунньунан мас, мутук хомуйан уот оттон итинним. Ол түүнү быһа хараҥаҕа харбыалаһан мас көрдөөн, уот оттор кыһалҕатыгар түстүм. Ол үрдүнэн олус тоҥнум. Күн тахсыбытыгар эрэ кыратык нуктуу түһэн ыллым. Уһуктубутум, баастарым көһүүкээн адьас хамсаппаттар. Сирэйим бүрүтэ тыытара сүрдээх. Туран кыылбын баран сырдыкка көрбүтүм, айаҕын аллаччы атан кэбиспит. Арай сыҥааҕын икки ардыгар тэптиргэ мас угуллубут. Дьиибэргээн харахпын соттумахтаатым. Ол-бу диэки көрүөлээтим. Ким угуон сөбүй? Онтон тутан көрбүтүм быһаҕым эбит. Тимирэ көстүбэт гына хаан буолбут. Уһугунан таҥалайыгар батары киирбит. Нэһиилэ арааран ыллым. Сирийэн көрбүтүм, буулдьам адьырҕа сыҥааҕын уҥуоҕун үлтү тэбэн, кэтэҕинэн тахсыбыт. Онно өйдөөтүм. Били мин төбөбүн хадьырыйарыгар, ытыра сылдьыбыт быһаҕым тэптиргэ буолбут, алдьаммыт

Скачать книгу