Кырыыстаах таас. Тумарча
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Кырыыстаах таас - Тумарча страница 24
– Санааҕын аһаҕастык эппитиҥ үчүгэй. Миигин даҕаны чуҥкуйбат диэтэҕиҥ дуу? Сафи, эн биһикки сааспыт тухары көмүс үлэһиттэрэбит. Көмүсчүттэр хайаан даҕаны эрэл сулустаах буолуохтаахтар. Биһиги сулуспут – Халыма. Манна хааллахпытына саллаакка ылыахтарын сөп. Сэриигэ баран өлүөхпүт кэриэтин, бэйэбит үүтээммитигэр бүгэн олорбуппут ордук буолаарай? Наадыйдахтарына биһигини киэҥ тайҕаттан көрдөөн ыллынар ээ.
Сафейка саҥата суох умса көрөн истэ. Кырдьык даҕаны, кини сэрии туһунан букатын умнан кэбиспит эбит. Мантан саллаакка кэбэҕэстик ылыахтарын сөп. Кини эмиэ Бориска курдук сэриигэ баран сэймэктэниэн баҕарбат. Сафейка сыыйа төбөтүн өрө көтөҕөн, доҕорун диэки сэмэйдик мичилийэн ылбытыгар, сирэйэ сырдыы түһэргэ дылы гынна.
Бориска махтаммыттыы кинини санныттан кууһан ылла.
Халыма кылгас сайынын оройо. От үлэтин үгэнэ. Борискалаах Сафи Миитэрэйи кытта Балыгычаан төрдүгэр биир отууга хоно сылдьан оттууллар. Быйыл сааскы өттө ардахтаах буолан, от үүнүүтэ өлгөм. Уонча хонук иһигэр үс сүүсчэкэ бугулу туруордулар. Бориска ыстаанын таһынан түһэрбит кыһыл ырбаахытын уолугун нэлэккэйдэнэн, көнөтүк хоноччу тутта сылдьан, кырыытынан кыараҕас-кыараҕастык хааман «битийэн» охсор. Сафейка Миитэрэйи үтүктэн, умса түһэн имиллэҥнээн бытааннык барар. Үһүөн дьүккүөрдээхтик илиилэрин араарбакка үлэлииллэр.
Уолаттар тойонноро санаа хоту табыгастаахтык эргинэн кэлэн, бэркэ көнньүөрэн сылдьар. Аҕыс акка ыҥырдан таһаарбыт табаарынан эргинэн, күн аайы дьиэтин таһыгар дьон бөҕө тоҕуоруйар. Кыһыны быһа чэйэ, табаҕа суох муунтуйбут дьон хабалаҕа киирэллэрин кэрэйбэттэр, иэс ылан бараллар.
Борискалаах хамнастарын аахсан, биир куул бурдугу, балайда чэй, табах, саахар, сэп-сэбиргэл, быа-туһах, таҥас ылынан, биир акка ыҥырдан, сорҕотун миинэр аттарыгар төргүүлээн таһаарбыттара. Сэйимчээнтэн тута төннөөрү санаммыттарын, кинээс хаайан туран көрдөспүтэ.
– Дьэ, ол Сиридикээн буора ханна да куотуо суоҕа. Күһүн сир ириитэ хаспыккыт ордук буолуоҕа. Билигин миэхэ окко үлэлэһэн барыҥ. Үчүгэйдик үлэлээтэххитинэ борооскулаах ынаҕы биэриэм. Оччоҕо баҕар Сэйимчээҥҥэ хаалан ойохто ылан ыал буолуҥ. Кыргыттары да булан биэриэм, – диэн барыны бары биэриэх буолан арахсыбакка хаайбыта.
Дьон били кыһын хостообут кумахтарын сууйан, түмүгүн билэ охсор баҕалаахтар этэ да, тойон тылын ылымматахха, ол кэлин иэстэбиллээх буолара чахчы. Хайыахтарай, буор аата буор, тойон этэринии күһүҥҥэ диэри күүтэригэр тиийэр, онон хааларга сөбүлэспиттэрэ.
Күнүскү омурҕан буолан отчуттар үрэх үрдүгэр ойуччу турар отууларын диэки хаамыстылар. Чаҕылхай күн уотунан сырайар. Кыра да салгына суох бүтэй куйаас бүрүүкээтэ. Бориска этэ көймөстөн суунаары быһа үрэххэ киирдэ. Үрэх төрдүгэр тумустаан турар эмпэрэ тааһы эргийэ хаамта. Бокуойа суох сототун ортотугар диэри ууга киирэн ыраас, тымныы уунан дуоһуйуор диэри, тыбыыра-тыбыыра суунан