Кырыыстаах таас. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кырыыстаах таас - Тумарча страница 25

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Кырыыстаах таас - Тумарча

Скачать книгу

төрдүнээҕи эмпэрэ анныттан. Туохха миигин уорбалаатыҥ, Миитэрээй?

      – Оттон бу кыһын Тысхаан ойуун тааһырдыбыт үөннэрэ үкчү манныктар этэ дии.

      – Тугу, тугу саҥараҕын, Миитэрээй? Киһи өйдүүр гына кэпсиэххин, – Бориска соһуйан өрүкүйэ түстэ.

      – Ээ… бу кыһын Сэйимчээҥҥэ биир киһи таарымталанан ыалдьыбыта. Ону ойуун эмтээбитэ.

      – Но, хайдах эмтээбитэй? – Сафейка сэргэҕэлээн ыйытта.

      Миитэрэй аны ким эмэ истиэ диэбиттии эргим-ургум көрүннэ. Сибигинэйэ былаастаан аргыый кэпсээн барда. Кини хараҕар кыһыҥҥы хараҥа киэһэ кыракый балаҕан иһигэр, лыык курдук мустубут дьон ортотугар Тысхаан ойуун кыыран дьуһүлэнэ турара бу баардыы көһүннэ. Кэтэҕэриин ороҥҥо ыарыһах киһи уһуутаан кэбиһэ-кэбиһэ, мөхсөн өрө эргичиҥнии сытар. Кыыран бүтэригэр ойуун үрдүгэр саба барыйан туран абааһыларын ыҥыран алҕаан, көрдөһөн баран чыпчырына-чыпчырына былаайаҕынан дүҥүрүн тоҥсуйбутугар, иһиттэн таас түһэн кэлбитэ. Ол тааһы үөрэн-көтөн ыарыһахха үҥүлүтэн көрдөрө-көрдөрө, кэһиэхтээх сөҥ куолаһынан кутуран ордоотуу, биир сиргэ бэдьэҥнии, битийэ турбута.

      Дьэ, нохойдоон,

      Тостубат тоноҕостоох,

      Тэстибэт үөстээх,

      Өлбөт оҥоһуулаах,

      Уһун үйэлээх

      Уол оҕо

      Одьунааһа эбиккин.

      Көр бу!

      Хайҕахтаах хара быаргар

      Хам хатанан

      Хара хааҥҥын

      Харса суох уулаабыт

      Хара куйукта үөннэри

      Биири да ордорбокко

      Суптурута оборон,

      Ылҕаан ыламмын,

      Хаһан даҕаны тиллибэт

      Хара бэлиэ буоллунар диэммин

      Сымара тааска

      Хам симэн

      Тааһырдан кэбистим.

      Онтон дьон диэки эргиллэн иччитэ суох дьэҥкир харахтарынан өһүөннээбиттии диэличчи көрүтэлээт, салгыы саҥаран барбыта.

      Бу тааһы

      Хаардаах уулаах

      Хаҥыл үрэх

      Халыан элбэх

      Хара тааһын

      Халыҥ дьапталҕатыгар

      Хаһан эмэ

      Көрөр буоллаххытына

      Халты хаамаарыҥ,

      Харбаан ыллаххытына

      Хаттаан эргийиэ.

      Ону оройдооҥ, одууласпат буолуҥ,

      Толкуйдааҥ, туппат буолуҥ, –

      диэн эҥсилгэннээхтик энэлийэн, суостаахтык суоһурҕанан олорор дьону өтөрүтэ көрүтэлээт, үөннээх тааһы көрдөрө-көрдөрө, эргиччи хаамыталаабыта.

      – Ол тааһа үөннүүн-күрдьэҕэлиин үкчү бу балар курдук этэ. Эн бостуой бу таастары ылбыккын, – Миитэрэй кыайан көннөрүллүбэт ыар алҕас тахсыбытыттан хараастан нэһиилэ саҥарда. – Өссө ким бу тааһы илиитигэр ылбыт, тарбахтара такыччы тардыа, үөннэрэ тиллэн бэйэтигэр көһүө, – диэн эппитэ.

      Борискалаах Сафейка бэркиһээбиттэрэ бэрдиттэн туох да диэн этиэхтэрин булбакка, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбистилэр. Саҥата суох аһыы олордулар. Миитэрэй айаҕар туох да куһуогун ылбакка кытыйалаах чэйин

Скачать книгу