Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара. Николай Николаев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев страница 10
Капиталистическай сыһыаннаһыылар олохсуйбатах, буржуазнай идеология тарҕамматах уонна сайдыбатах буолан, саха бастакы биллэр-көстөр суруйааччылара А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов, Н.Д. Неустроев олоҕу дьиҥнээҕинэн ойуулуур реалист-суруйааччылар, норуокка билиини-көрүүнү, сырдыгы, үөрэҕи тарҕатар сырдатааччылар (просветители), саха уус-уран литературатын бастакы улахан айымньыларын суруйан норуот уус-уран литературатын саҕалааччылар (зачинатели) уонна атын суруйааччыны кытта бииргэ төрүттээччилэр (основоположники) этилэр. Бэйэлэрин позицияларынан нэһилиэнньэ олоҕун таһыма намыһаҕынан, ас-таҥас тиийбэтинэн, кыһалҕалаах олохтооҕунан, үөрэх-билии суоҕунан бастакы суруйааччыларбыт норуот олоҕо-дьаһаҕа, билиитэ-көрүүтэ, өйө-санаата (о.а. духуобунай култуурата) тупсарын туһугар баҕарар, үлэлиир дьиҥнээх норуоттан, тыа сириттэн тахсыбыт демократтар (крестьянские демократы) этилэр. Оччотооҕу уопсастыба, өй-санаа сайдыытынан быһаардахха уонна ону кытта сибээстээтэххэ, кинилэр олоххо позициялара мантан атын буолара табыллыбат этэ. Кинилэри араас политическай платформаларга (партияларга) сыһыара уонна киллэрэ сатыыр, бассабыык оҥорор, кыһылга эбэтэр үрүҥҥэ холбуур, норуокка үтүөлэрин сэбиэскэй былааска сулууспалаабыттарынан уонна үтүөлэринэн эрэ быһаарар табыллыбат. Былаас түргэнник уларыйар, оттон өй-санаа уларыйыыта бытаан буолар. Арассыыйа (нуучча) интэлигиэнсийэтэ сүрүннээн 1927 сылтан эрэ саҕалаан сэбиэскэй былааһы букатыннаахтык билиммитэ, кини платформатыгар киирбитэ, киниэхэ сулууспалаабыта. 1960–1980 сс. сахалары национализмҥа буруйдааччылар нуучча интэлигиэнсийэтин сэбиэскэй былааска сыһыанын үөрэх оҥостубакка, төрүт «умнан» туран, саха бастакы суруйааччыларын араастаан үөҕэн, холуннаран, баһааҕырдан аҕай биэрбиттэрэ. Ол сыыһатын бириэмэ уонна история сууттара бэйэлэрэ быһаардылар уонна дакаастаатылар.
ХХ үйэ саҥатыгар Саха сиригэр промышленнай буржуазия уонна промышленнай пролетариат суоҕа. Тыа сиригэр баайдар уонна тойоттор нэһилиэнньэ араҥатын – 7%, орто бааһынайдар – 40%, дьадаҥылар – 42%, батараактар – 10% ылар этилэр. Ол эрээри бу араҥалар бэйэлэрэ эрэ туһанар оттуур уонна бурдук үүннэрэр өлбүгэ сирдээх, бас билэр хаһаайыстыбалаах этилэр. Хаһаайыстыбаларыгар бэйэлэрэ уонна кэргэттэрэ үлэлииллэрэ, сорохтор эбии дьону наймылаһан көмөлөһүннэрэллэрэ, үлэлэтэллэрэ.
Бу кылаастар уонна социальнай араҥалар ортолоругар 1917 сыллаахха диэри улахан кылаассабай, социальнай атааннаһыылар, утарсыылар, утарыта туран охсуһуулар суохтара (сорох сирдэргэ биирдиилээн мөккүөр, бырачыас, сууттаһыы уо.д.а. утарылаһыы көрүҥнэрэ бааллара). Ол эрээри тыа сиригэр ханнык да өлөрсүүлэр, хабарҕалаһыылар суохтара. Онон, 1921–1923 сс. Саха сиригэр күөдүпчүлэммит гражданскай сэрии буржуазияны, тыа