Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара. Николай Николаев

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев страница 7

Жанр:
Серия:
Издательство:
Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев

Скачать книгу

1921 с. – 34 оробуочай үлэлиирэ), пиибэ оҥорор «собуот» (1907 с. тутуллубута, хаһаайына – урбаанньыт И.Ф. Бартль) бааллара. Собуот пиибэни, уксууһу, кофены бэлэмниирэ, улахан дохуоттаах тэрилтэ этэ. 1915 с. бу собуокка 12 оробуочай үлэлээбитэ, кинилэр 13 тыһ. биэдэрэ бородууксуйаны оҥорон 71500 солк. киллэрбиттэрэ. Революция кэнниттэн собуокка 5–7 киһи хаалбыта [Макаров, 1979, С. 56].

      Тыа сиригэр баар тиэхиньикэ

      Тыа сиригэр сүрүннээн бурдугу үүннэриигэ уонна астааһыҥҥа саамай боростуой тиэхиньикэни тутталлара. 1917 с. биэрэпискэ бэлиэтэммитинэн, Саха сирин үс киин уокуругар – Дьокуускай уокуругар, Бүлүүгэ уонна Өлүөхүмэҕэ – барыта бурдугу үүннэриигэ уонна хомуйууга туһаныллар 640 араас тиэхиньикэ баара. Кинилэр ортолоругар бааллара: бурдугу олордор (ыһар) массыыналар (сеялки) – 74 устуука, от охсор массыыналар (косилки) – 42 устуука, бурдугу быһар массыыналар (жнейки) – 108 устуука, бурдугу сынньар малатыылкалар (молотилки) – 71 устуука, бурдугу көтүтэр массыыналар (веялки) – 345 устуука. Маны таһынан 1149 биирдии уллуҥахтаах (лемехтээх), 254 элбэх уллуҥахтаах булууктар бааллара. Ол эрээри, биэрэпис көрдөрөрүнэн, учуоттаммыт хаһаайыстыба ахсаана 51 850 буоллаҕына, кинилэртэн маннык тиэхиньикэлээх хаһаайыстыба ахсаана баар-суоҕа 1521 (ол аата хаһаайыстыбалар 3% эрэ тиэхиньикэлээх эбит), атыттар бары – 50 329 хаһаайыстыба (97%) туох да тиэхиньикэлэрэ суох этэ. Мантан көстөрүнэн, кыахтаахтык, сэниэтик олорор нуучча бааһынайдара, тойоттор, атыыһыттар, атын да сэниэ ыаллар эрэ маннык тиэхиньикэлээхтэр этэ.

      Транспорт уонна айан суолларын туруга

      Киин Арассыыйаҕа сайдар капиталистическай сыһыаннаһыылар сабыдыаллара Саха сиригэр баарын да үрдүнэн, манна транспорт уонна суол-иис сайдыыта бытаан этэ. Сайын Өлүөнэ, Бүлүү, Алдан уонна Маайа өрүстэринэн борохуоттар таһаҕаһы уонна пассажирдары таһаллара. Маҥнайгы борохуоттар Өлүөнэнэн – 1856 сылтан, Алданынан уонна Маайанан – 1884 с., Бүлүүнэн – 1895 с. устубуттара. Саамай элбэх сырыы Өлүөнэ эбэҕэ этэ. Манна 1900 сылтан – 27, 1911 сылтан – 32, 1917 сылтан – 38 борохуот устубута. 1917 с. борохуот барыта мастан оҥоһуллубут 83, тимиртэн оҥоһуллубут 30 баарсаны соһон, 21 тыһ. туонна таһаҕаһы анаммыт сирдэригэр тиэрдибиттэрэ. Таһаҕаһы таһааччыларынан чааһынай «Товарищество Н.Н.К. Глотовых», «Байкальское пароходство», «Наследники А.И. Громовой и К», «П.А. Кушнарев» уо.д.а. фирмалар этилэр. Маайа өрүһүн өксөйөн үөһээ Ньылхаҥҥа тиийэллэрэ, онно муоранан кэлэн мунньуллубут чэйи, табаҕы, куруппаны, саахары уо.д.а. табаары тиэнэн, Дьокуускайга кэлэллэрэ. Борохуоттары бас билэр фирмалар хонтуоралара уонна хаһаайыннара Өлүөнэ баһыгар уонна Дьокуускайга бааллара.

      Маны таһынан, ХХ үйэ саҥатыгар Саха сиригэр хааһынаттан үбүлэнэр барыта 5 улахан буоста суола (тракт) баара. Саамай биллибит уонна элбэх сырыылааҕынан Иркутскай – Дьокуускай суола буолара. Бу суол уһуна 2450 км этэ, онтон 1358 км Саха уобалаһыгар баара. Суолга барыта 49 дьаам дьиэтэ (ыстаансыйа) баара. Мантан ураты Дьокуускай – Охотскай (1038 км усталаах, онно барыта 25 дьаам дьиэ баара), Дьокуускай – Аян (Айаан), Дьокуускай – Бүлүү (600 км,

Скачать книгу