Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара. Николай Николаев

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев страница 2

Жанр:
Серия:
Издательство:
Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев

Скачать книгу

кэриэтэ этэ, Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатын биир хаалыылаах, кытыы сирэ-уота этэ диэн бигэргэтэллэрэ.

      Бэйэлэрин сабаҕалааһыннарын төрүттээн уонна олохтоон, А.И. Новгородов уонна З.В. Гоголев түөрэ-таары эргийэ сылдьан, араас дааннайдары уонна чахчылары аҕалаллара, кинилэри биир сиргэ чохчолоон, чөмөхтөөн баран, бу буржуазнай сайдыы көстүүлэрэ, туоһулара дииллэрэ. Үрдүнэн-аннынан К. Маркс, Ф. Энгельс уонна В. Ленин суруйууларыгар сигэнэллэрэ.

      Бу сабаҕалааһыны утаран, Г.П. Башарин, Г.Г. Макаров, Е.Е. Алексеев уо.д.а. элбэх научнай үлэни суруйбуттара уонна 1917 с. диэри Саха сиригэр феодальнай-патриархальнай тутул баһылыырын, сабардаабытын, капитализм араскылара саҥа үүнэн эрэллэрин эмиэ дааннайдары, чахчылары аҕалан, бэйэлэрин сабаҕалааһыннарын көмүскүүллэрэ, бигэргэтэллэрэ.

      Кэлин уһугар тиийэн, 1980-с сыллар бүтүүлэриттэн Г.П. Башарин, Г.Г. Макаров, Е.Е. Алексеев этэр сабаҕалааһыннарын элбэх историк, политолог, философ, социолог өйөөбүтэ уонна билиммитэ. Билигин научнай үлэһиттэр ортолоругар улахан мөккүһүү (дискуссия) суох. Биирдиилээн сөбүлэспэт дьон баар да, кинилэр наукаҕа уонна уопсастыбаҕа баһылыыр-көһүлүүр оруоллара суох. Онон бириэмэ уонна история сууттара ким кырдьыктааҕын, сөптөөх позицияны көмүскээбитин бэйэлэрэ быһаарбыттара. Ол түмүгэр киэн туттар суруйааччыларбыт А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов уонна Н.Д. Неустроев уопсастыбаҕа уонна историяҕа бэйэлэрин миэстэлэрин дьиҥнээхтик булбуттара, саха национальнай интэлигиэнсийэтин бэрэстэбиитэллэрэ буржуазнай националистар буолбатахтара быһаарыллыбыта.

      1921–1923 сс. буолбут гражданскай сэрии биир сүрүн биричиинэтинэн хаҥастыйыы бэлиитикэтин олус күүскэ уонна кытаанахтык ыытыы буолбута дакаастаммыта, сахалары омук быһыытынан национализмҥа буруйдааһын тохтообута. Саха сирэ аптаныамынай өрөспүүбүлүкэ ыстаатыһын ылыытыгар уонна 1922 с. кулун тутартан саҕаламмыт тупсуу, эйэлэһии туһугар ыытыллыбыт саҥа байыаннай-политическай куурус олоххо дьиҥнээхтик киириитигэр нуучча норуотун бастыҥ бэрэстэбиитэллэрэ олус бэриниилээхтик, актыыбынайдык үлэлээбиттэрэ өссө төгүл дакаастаммыта уонна билиниллибитэ.

      Капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыыларын хайдах быһаарыахха сөбүй?

      Бу ыйытыыга чуолкай эппиэти Арҕаа Европаҕа уонна Арассыыйаҕа капитализм сайдыытын дириҥник үөрэппит марксизм-ленинизм классиктара К. Маркс, Ф. Энгельс уонна В. Ленин биэрбиттэрэ. Кинилэр айымньыларыгар үлэҕэ (производствоҕа) капиталистическай көстүүлэр (элементы) сайдыылара, саҥа кылаастар үөскээһиннэрэ, кинилэр утарсыылара чуолкайдык быһаарыллар. Онон, бэрт кылгастык, ааҕааччыларга сорох балаһыанньаны быһаарабыт:

      Аан маҥнай үлэҕэ (производствоҕа) үлэһит бэйэтэ айан, илиинэн толорор үлэтин көрүҥэ – ремесло (идэ) киирбитэ уонна сайдыбыта. Ремесло сүрүннээн капитализм иннинээҕи уопсастыбаларга сайдыбыта. Арҕаа Европаҕа, холобур, Германияҕа олус күүскэ сайдыбыта. Манна

Скачать книгу