Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара. Николай Николаев

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев страница 4

Жанр:
Серия:
Издательство:
Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев

Скачать книгу

style="font-size:15px;">      Пролетариат капиталистическай производство сайдыытын түмүгэр үөскээбит кылаас буолар. Промышленность сайдарын тухары ахсаана эбиллэ, сайда, бөҕөргүү турар, производствоҕа уонна уопсастыбаҕа миэстэтэ, оруола улаатар. Кини үлэлиир сирдэригэр – баабырыкаҕа, собуокка, шахтаҕа, рудникка – элбэх оробуочай, массыына, араас тиэхиньикэ уонна туттар тэрил баар. Бу мантан кылаас быһыытынан сүрүн ураты хаачыстыбалара үөскээн тахсаллар.

      – Пролетарий хайаан да ханнык эрэ таһымнаах билиилээх-көрүүлээх, үөрэхтээх буолар эбээһинэстээх уонна аналлаах. Тугу да билбэт, сатаабат киһи массыынаны, уустук механизмы сатаан үлэлэппэт. Тиэхиньикэ сайыннаҕын аайы оробуочай кылаас билиитин-көрүүтүн эмиэ үрдэтэр, үөрэхтэнэр аналлаах.

      – Пролетарий хайаан да бэрээдэктээх, дьиссипилиинэлээх буолар. Кини улахан кэлэктиипкэ үлэлиир. Үлэтигэр хойутаатаҕына, суох буоллаҕына производственнай тиһилик үлэтэ барыта тохтуон сөп. Үлэтигэр кыһамньылаах буолуохтаах. Кини дьалаҕайыттан үлэлии турар массыына алдьаныан, үлэ барыта тохтуон сөп. Онон массыынаны, тиэхиньикэни кытта үлэ пролетарий хайаан даҕаны бэрээдэктээх, дьиссипилиинэлээх буоларын ирдиир, модьуйар.

      – Улахан тэрилтэлэргэ сүүһүнэн-тыһыынчанан киһи үлэлиир. Бары биир, тустаах үлэни толороллор. Араас омук оробуочайа бары бииргэ үлэлиир, аһыыр, сынньанар, үгүстэрэ биир дьиэҕэ олорор, биир сиртэн хамнас ылар. Ол иһин пролетарийдар ортолоругар омугунан атааннаһыы, арахсыы суох буолар. Пролетарскай интернационализм (сомоҕолоһуу) хаачыстыбаларын оробуочайдарга баабырыка (собуот) бэйэтэ үөрэтэр. Кинилэр бары биир өлүүгэ сылдьар дьон.

      – Тэрилтэҕэ саахал, алдьаныы-кээһэнии таҕыстаҕына оробуочай барыта үлэтэ уонна хамнаһа суох хаалар. Ол иһин хас биирдии оробуочай, кэлэктиип (тэрилтэ) үчүгэйдик үлэлииргэ кыһаллар, биир эмэ сыахха саахал буоллаҕына бары көмөлөһөллөр. Олохторо социальнай хааччыллыылаах буоларын иһин бары бииргэ туруулаһаллар. Ол иһин оробуочайдарга өйдөһүү, бииргэ буолуу – коллективизм санаата үөскүүр. Оробуочайдар атын тэрилтэ (паабырыка, собуот) үлэһиттэрин, кинилэр туруорсууларын хаһан баҕарар өйдөөччүлэр уонна өйөөччүлэр, кинилэри кытта биир санаалаах (пролетарская солидарность) буолааччылар.

      – Оробуочай кылаас производствоҕа улахан миэстэни ылар, сүдү кыахтаах. Ол иһин кинини кытта тэрилтэ салайааччылара, хаһаайыннар биир тылы буларга кыһаналлар. Хаһаайыннар кыһарыйар, тапсыбат, үүрэр-түрүйэр түбэлтэлэригэр оробуочайдар собостуопка (стачка) биллэрэн баран, холобура, электростанция үлэһиттэрэ кыһын эбэтэр сайын уоту быһа баттыахтарын сөп, оччоҕуна кыһын тоҥобут, сайын үлэбит барыта тохтор. Онон оробуочай кылаас производствоҕа уонна олоххо быһаарар оруолун уонна миэстэтин суударыстыбаннай былаас уруккуттан билиҥҥэ диэри өйдүүр.

      Онон, оробуочай кылаас капиталистическай уопсастыбаҕа оруола улахан этэ, улахан быһаарыылаах күүс буолбута, ханнык

Скачать книгу