Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара. Николай Николаев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев страница 5
Г.П. Башарин бигэргэтиитэ
З.В. Гоголев түмүктэрин, бигэргэтиилэрин сыыһанан ааҕан, Георгий Прокопьевич Башарин «Социально-экономические отношения в Якутии второй половины XIX—начала ХХ века. (По поводу книги З.В. Гоголева «Якутия на рубеже XIX–ХХ вв.»)» диэн кинигэни суруйбута. Манна 1917 с. диэри Саха сиригэр феодальнай-патриархальнай сыһыаннаһыылар сабардыыллара, быһаарар оруоллара, капиталистическай сыһыаннаһыылар араскылара эрэ баара (Г.П. Башарин кап.кооперация баара, мануфактура, баабырыка, собуот суохтара диирэ. – Н.Н.), торговай капитал сайдыыта саҕаламмыта диэн ылыннарыылаахтык уонна итэҕэтиилээхтик суруйбута.
Г.П. Башарин кинигэтэ тахсан, улахан айдаан буолбута. Онон сибээстээн, академик А.П. Окладников бэйэтэ салайар ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын Историяҕа, тылга уонна философияҕа институтун аналлаах хамыыһыйатын тэрийэн, бэйэтин үлэһитин З.В. Гоголевы көмүскүү сатаабыта. Ол эрээри хамыыһыйа ылбат-биэрбэт түмүгү оҥорбута: 1917 с. диэри Саха сиригэр капитализм сайдыбыта, онон З.В. Гоголев бигэргэтиитэ сөп, оттон Г.П. Башарин бигэргэтиитэ сыыһа, кириитикэтэ олоҕо суох уонна сымыйа диэн түмүк ыспыраапкаҕа суох. Кэлин Г.П. Башарин бу бигэргэтиитин бэрэбиэркэлээн, Томскайдааҕы судаарыстыбаннай университет ССКП историятын кафедрата бэлэмнээбит ыспыраапкатыгар (05.01.1993 с.) А.П. Окладников хамыыһыйатын түмүгэ сүрүннээн хатыланар. Саха сиригэр капитализм баара дуу, суоҕа дуу диэн чопчу ыйытыыга эмиэ быһаарыылаах, ылыннарыылаах эппиэт суох. Тоҕо диэтэххэ, бу кэмҥэ научнай тэрилтэлэр бары Арассыыйаҕа капитализм баара, Өктөөп революциятын оробуочай кылаас уонна бааһынайдар оҥорбуттара, гражданскай сэрии оробуочайдар, бааһынайдар буржуазияны уонна помещиктары утары кылаассабай охсуһууларын салгыыта этэ диэн теориянан, бириинсибинэн салайтараллара. Ким да мантан туораан, партия уонна судаарыстыба ыытар идеологиятын, бэлиитикэтин утарыан уонна буруйга-сэмэҕэ тиксиэн баҕарбат кэмэ этэ.
ХХ үйэ саҥатыгар Саха сиригэр промышленность сайдыытын туһунан сибидиэнньэлэр
Ханнык баҕарар дойдуга уонна региоҥҥа капитализм сайдыытын быһаарарга К. Маркс, Ф. Энгельс уонна В. Ленин олохтообут теорияларын уонна методологическай бириинсиптэрин туһаныахха сөп.
1. Ремесло уонна мануфактура капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыыларын туоһулара уонна мэктиэлэрэ буолбатах. Бу промышленность сайдыытын кэрдиистэрэ, кэрчик кэмнэрэ эрэ, капитализм көстүүтэ буолбат.
2. Капитализм сайдыытын быһаарыыга уонна билиниигэ хайаан даҕаны сырьену таҥастыыр, байытар, оҥоһукка кубулутар (обработка и переработка сырья) уонна бородууксуйаны оҥорон таһаарар тэрилтэлэр – баабырыкалар уонна собуоттар баар буолуохтаахтар. Бу тэрилтэлэри быһаарарга, үлэлэрин хааччыйарга хайаан да илии үлэтин солбуйар массыыналар, механизмнар,