Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара. Николай Николаев

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев страница 3

Жанр:
Серия:
Издательство:
Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев

Скачать книгу

Үлэ маннык көрүҥүн Арассыыйаҕа дьиэтээҕи промышленность (домашняя, т.е. кустарная промышленность) дииллэрэ. Манна оҥорон таһаарааччылар (үксүгэр бэйэлэрэ бас билэр сырьеларыттан уонна илиинэн үлэлээн) хамнас аахсаллар этэ, ол иһин кинилэри оробуочайдар диэччилэр. Ол эрээри кинилэр дьиҥнээх капиталистическай производство (үлэ) оробуочайдара буолбаттар, кинилэри пролетариакка (фабрично-заводские рабочие, индустриальный пролетариат) киллэрэр сыыһа, төрүт табыллыбат (А.И. Новгородов, З.В. Гоголев киллэрэн капитализм сайдыытын дакаастаан муҥнаналлара).

      Мануфактура кэмэ (от лат. manus – рука, facere – делать) – капиталистическай промышленность сайдыытын иккис кэрдиис кэмэ. Арҕаа Европаҕа XVI–ХIX үйэлэргэ сайдыбыта. Мануфактураҕа үлэни барытын илии күүһүнэн оҥороллоро, ол эрээри көрүҥнэринэн (салааларынан) араарыы баара. Манна сырьену (матырыйаалы) эмиэ хаһаайын булара, биэрэрэ, үлэ түмүгүн (табаары) эмиэ хаһаайын (капиталист) бас билэрэ уонна ырыынакка атыылыыра.

      Үгүс дойдуга уонна региоҥҥа мануфактура тарҕаммыт көрүҥнэринэн таҥаһы тигии, тирииттэн оҥоһуктары, атах таҥаһын, дьиэ малын-салын оҥоруу, үлэ уо.д.а. көрүҥнэрэ буолаллар. Холобура, таҥаһы тигиигэ (швейное производство) научнай худуоһунньук-дизайнер баар сырьену хайдах туһанары уруһуйдаан, халыыбын оҥорон биэрэрэ, ол кэнниттэн сырьену халыыбынан быһааччылар (закройщики) бэрийэллэрэ, кинилэр кэннилэриттэн иистэнньэҥнэр (швеи) үлэлииллэрэ, онтон бэрэбиэркэлээччилэр, табаары атыыга бэлэмнээччилэр үлэлэрэ кэлэрэ. Тирииттэн таҥаһы тигии үлэтэ эмиэ араас көрүҥүнэн толоруллара. Дизайнер, кырыйааччы, тигээччи, ситэрээччи үлэ биир эрэ көрүҥүн толороллоро, сатабыллара, маастарыстыбалара үрдүүрэ. Ол иһин кэлин үлэ биир, быстах уонна боростуой түһүмэҕин киһи оннугар массыына, механизм, двигатель толорор кыахтаммыта. Мануфактуралары сотору кэминэн баабырыка, собуот солбуйбута.

      Мануфактура миэстэтэ маннык: Мануфактура сайдыыта дьиҥнээх капиталистическай сайдыы кэмэ буолбатах, оччолорго массыына, тиэхиньикэ суоҕа, мануфактура сайдыыта капитализмҥа киириигэ тиэрдэр эбэһээтэлинэй кэрдиис кэм (переходнай период). Бу кэнниттэн дьиҥнээх промышленнай капитализм кэмэ кэлэр. Мануфактура үлэһиттэрэ пролетариат араҥата буолбатахтар, кинилэр пролетариат иннинээҕи оробуочайдар этилэр (Ф. Энгельс кинилэри «предшественники современного пролетариата», сэбиэскэй учуонайдар «предпролетариат» диэн ааттаабыттара).

      ХХ үйэ саҥатыгар Саха сиригэр промышленнай сайдыы мануфактура таһымыгар тиийбэтэҕэ, бэрт аҕыйах тэрилтэни улаханнык өрө тардан, мануфактура дииллэр быһыылаах – бу олоҕо суох бигэргэтии.

      Машиннай производство (машинное производство) кэмэ – мануфактура кэнниттэн кэлэр промышленность үһүс кэрдиис кэмэ. Капитализм бу эрэ кэмтэн саҕаланар, машиннай производствота суох капитализм суох. Мануфактура сайдыытын түмүгэр, табаары оҥорууга илии үлэтин массыыналарынан солбуйуу уопсастыба

Скачать книгу