Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит. Василий Яковлев

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит - Василий Яковлев страница 3

Жанр:
Серия:
Издательство:
Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит - Василий Яковлев

Скачать книгу

хайа-хайа үөдэн буолтуй, оҕолоор? – дии-дии, эмээхсин аанын хатаан халыгыратта.

* * *

      Сарсыныгар Микииппэр оҕонньор эрдэ турда. Аанньа утуйбакка эт-этэ бүтүннүү көһүйбүт, төбөтө дьалкыҥнас. Уотун оттон, чэйин өрөн баран, тахсан хонук маһын эрбээтэ. Тымныы күүһүрбүт, тыас-уус уорааннаммыт. Сулустар дьиримнэстэр. Халлаан сырдыыра буолбут, Үргэл apҕaa тыа төбөтүгэр санньыйбыт. Ити аата бу унньуктаах, аҕыс ыйдаах кыһыҥҥы хонуктан эмиэ биир хонугу көҕүрэттэхтэрэ. Ол устатын тухары эмиэ хонук ааҕан кылахтаһар, ыйы, сулуһу кэтиир-маныыр дьарыгар түһүөхтэрэ буоллаҕа. Ыарыыга-сүтүүгэ, ол-бу дьаллыкка ылларбакка, быйыл кыһыны этэҥҥэ туорууллара буоллар…

      Баҕайы кыыл бөлүүн ханна эмит дьүгэлийдэ буолла, суоҕа буолла?..

      Оҕонньор, хонук маһын салааскаҕа соһон аҕалан, балаҕанын аанын тэлэччи аһан туран, иһирдьэ тамнааттаата. Дьиэ иһэ туман оргуйда. Эмээхсин, туран тэмтэриҥнээн кэлэн, ол хардаҕастары ohox кэннигэр кыстаста.

      Суунан-тараанан, хаһан аһаан-сиэн бүтүөхтэригэр диэри, халлаан күндээриччи сырдаата. Caҥa xaap түһэн, бу тыа ыалыгар caҥa түбүгү-садьыгы үөскэттэ. Оҕонньор отун-маһын тиэйиэ, сохсотун туруоруо, туһахтарын бэрийиэ, эмээхсин хотонун сыбыахтааҕа. Онтон да атын, син тус-туһугар үлэ-хамнас тиһигэ суох күөдьүйэн тахса турдаҕа эбээт, бачча кыстык кээлтин кэннэ таах олорор диэн кэлиэ баара дуо?

      Оҕонньор таһырдьа тиитин көрбүтүнэн тахсыбыта, кыыла олорор. Туох сатананый, доҕоор! Баатыгарын итиннэ олорон эрэ чөккүйэн хаалбыт буоллаҕа дуу? Чуҥнаан, били бэҕэһээ идэһэлэрин куһаҕанын быраҕаттаабыт чөмөҕүн тиийэн көрбүтэ, туох да суох гына имири сотон кэбиспит. Суолуттан көрдөххө, сарсыарда дьаһайбытыгар сөп. Баһырҕас эрэйдээх онно чугаһаабатах даҕаны.

      Собо уола оҕонньор ону көрөн бу кыыл кини ордуутун барбат гына булбутун биллэ.

      Далыгар тиийэн, сүөһүлэригэр от тарҕатан баран, оҕонньор, дараҕар муостаах ала оҕуһун миинэн, мас тиэйэ таҕыста. Кэнниттэн Баһырҕаһа батыста, иллэҥ кыайар тугу гыныай? Балаҕана, күрүөтэ-хаһаата көстүбэт буолтун кэннэ, сол курдук тиитэ барахсан куолутунан сайыһа, атаара хаалаахтаата.

      Ити курдук бу Микииппэр оҕонньор киһини билэр буолуоҕуттан сэттэ уончата буолуор диэри, кинини хас төгүллээн атаарбыта, эҕэрдэлии көрсүбүтэ буолуой, ол баараҕай улахан тэҥкэ тиит? Ол тухары сааһырбыта, кэхтэ барбыта биллибэт. Син биир чэбдигин курдук чэбдик, кэрэтин курдук кэрэ.

      Бу лиҥкир сис ортотугар соҕотоҕун үөскээбит, соҕотоҕун киһи-хара буолбут кырдьаҕас киһи аата-ахса суох элбэх тииттэртэн ол соҕотох тиити таптыы, доҕор тутта үөрэнэн хаалбыт. Урут, эдэр кэмигэр, ыраах нэһилиэккэ, айаҥҥа эҥин сылдьан, уһаан-тардыллан баран, төннөн иһэн аан бастаан ол маһын көрдөҕүнэ, чэпчии, сүргэтэ сылаанньыйа түһэрэ: ол аата дьиэтэ-уота, кэргэнэ бары этэҥҥэ буоллахтара, этэҥҥэ олордохторо. Ол туһунан ыраахтан далбаатыы, үөрэ кэпсиир курдуга тиитэ барахсан. Туохтан эмэ хараастар, мунчаарар күннээх буоллаҕына, санаатыгар, тиитигэр үҥсэрэ, аһыытын-абатын суланара. Оччоҕо кэҥээн, сэргэхсийэн кэлэрэ.

Скачать книгу