Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит. Василий Яковлев

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит - Василий Яковлев страница 7

Жанр:
Серия:
Издательство:
Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит - Василий Яковлев

Скачать книгу

таҥнары, мас тиэйбит суолун устун, айаннатан курулата турда.

      Ол суола сотору туоруур, онтон ыла икки-үс көс курдугу бу кыс хаарга саҥа суол таһаарыахтаах. Дьон сылдьыталаатылар ини. Халлаан сырдыа билигин да балачча быһыылаах, хараҥата сүр. Сырдыга эбитэ буоллар, билигин кэннин хайыһан, тиитин көрөн хаалыа этэ. Ол тумус сыыр эргиириттэн ыла көстүбэт буолар. Онтугар билигин баараҕай лабааларын быыһыгар, тымныыттан саһан, туора дойду кыыла «дьиэ» оҥостон олордоҕо.

      Систэри быһыталаан, тыаттан киирэн истэххэ, оо, тэҥкэ тиит барахсан ыраахтан да көстөөхтүүрэ. Оол курдук сис оройуттан одуулаатахха, үрэх тардыытыгар, бары тииттэртэн чорбойон, соҕотоҕун кини дьыраллан турар буолара. Сарсыарда тахсар күн аан бастаан кини нуоҕай төбөтүгэр оонньоон тахсара, киирэр күн, саһан баран, саамай кэнникинэн кини чыпчаалын кытардан симэлийэрэ.

      Саас көҕөрдөҕүнэ көрүөҥ! Быһата, ийэ хатыҥ курдук лаглайара. Чугастан көрдөххө, бу киистэтэ уһунун, бөдөҥүн! Үтүө үүнүүлээх бурдук киистэтин курдук буолара. Аны сайыныгар туораах анньыа турар. Бу элбэҕин көрүөҥ этэ, тэтэрэн түһэн – дьэдьэни саба ыһан кэбиспит курдук.

      Кыһынын хаар хатаҕалаан, кинини ордук үллүйбүт курдук буолара. Аны сааскы, күһүҥҥү тыалларга бу суугунун оҕотун! Сир-дойду кини суугуна буолан дуорайан иһиллэргэ дылыта.

      Оҕонньору оҕо эрдэҕиттэн билиҥҥэ диэри, хараҕын саба баайан баран, хара тыа бары да маһын аайы тохтотон ыйыталлара буоллар, кини суугунун, чыпчылыйыы да түгэнэ мунааран көрбөккө таайыа этэ.

      Ол курдук, сылтан сыл аайы. Микииппэр оҕонньор өйдүөҕүттэн күн бүгүнүгэр диэри. Кини аҕатын, эһэтин, баҕар, хос эһэтин саҕана кытары буолуоҕа. Тэҥкэ тиит бу күн сиригэр төһө сыл-хонук үүнэн силигилээн турарын ким да билбэт.

      Араас сир силигэ чыычаахтара, мас көтөрдөрө – саадьаҕай тоҥсоҕойуттан хара уларыгар тиийэ, туох куртуйахтары, курупааскылары этэ да барбакка – бары тэҥкэ тиити быһа ааспат буолаллара, тохтоон, сынньанан, таалалыы, оонньуу-көрүлүү түһэн ааһаллара. Иэгэйэр икки атахтаахтан бу эҥээрдээҕи баай хара тыа соҕотох баһылыга буолбут, эдэр сааһыттан эмэҕириэр диэри ааттаах сааһыт аатырбыт Собо уола Микииппэр тэҥкэ тииккэ кэлэн түспүт биир эмэ тылбыйар кынаттаахха, төһө да биирдэ айахха угар эт наада буолбут кэмэ буолтун иннигэр, саатын уоһун туһаайбытын өйдөөбөт. Көр, ол курдук ытыктыыра бу сир үрдүгэр тэҥҥэ үөскээн ааһан эрэр тэҥкэ тиитин.

      Арай оҕонньор бачча сааһыгар диэри урукку өттүгэр тэҥкэ тиитигэр тылбыйар кынаттаах бииһин ууһуттан тойон кыыл кэлэн түспүтүн өйдөөбөт. Дьэ, онто ити быйыл кэлэн түстэҕэ. Түһээри түһэн арахсыбат гына түстэ. Тэҥкэ тиитин ол кыылга былдьатта оҕонньор аны!

      Бу төһө даҕаны тиитэ барахсан туһунан уйаҕас, истиҥ ахтыынан иэйэ ахта истэр, дууһатын түгэҕэр тыбыс-тымныынан атын санаа хаарыйар: ол онно билигин хотой олордоҕо диэн санаа.

      Саҥа хаары тыыран, сыарҕата тыаһа-сыма суох ньылбырыйар. Оҕонньор атын тиэтэппэт. Иннигэр түөрт көстөн ордуктаах, күннүктээх айан тоһуйа сыттаҕа.

* * *

      Нөҥүө

Скачать книгу