Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит. Василий Яковлев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит - Василий Яковлев страница 8
Онтон өй ыламмын, били иллэрээ киэһэ ириэрэ киллэрбит куобахпыттан бысталаан, араас истээн-үөстээн, хобордооххо уган бараммын, олбуорум ааныгар илдьэн уурбуппун, кэннибиттэн кэлэн, начаас икки ардыгар уҥуохтары-байдары охсон кэбиспит этэ. Дьэ, бөҕө куртахтаах кыыл быһыылаах. Бүгүн, таһааран иһэрбин көрөөт, уун-утары көтөн сабдыйан кэллэ эбээт! Уолуйаммын тугу гыныахпын булбакка турдахпына, өйдөнүөм икки ардыгар уонча хаамыы кэлэн, хаарга олорунан кэбистэ. Мин, хобордоохпун сиргэ быраҕаат, төттөрү тэбинним. Дьиэбэр киирэн иһэн, кэннибин хайыһан көрбүтүм, ээ, кэлэн, хайыы үйэҕэ тоҥсуйан эрэр. Дьэ, көр оннук! Саҥарыан тыла эрэ суох дууһа сылдьар быһыылаах. Көрдөрбүтүнэн туран, куттаан, туохпутун барытын былдьаан-талаан ыллаҕына, көҥүлэ буолсу.
– Онон дьэ, Көстөкүүн кырдьаҕас, туох сүбэ-таҥха, күүс-көмө буолаҕын? Абыраа! Көрдөһөбүт-ааттаһабыт! – Оппуос эмээхсин, кэлин тылларын этэригэр куолаһа титирэстээн, ытамньыйан ылла.
Көстөкүүн кырдьаҕас, ити кэпсээни истэн баран, салгыы оҕонньордоох эмээхсинтэн хотойдорун туһунан атын тугу билбиттэрин-көрбүттэрин барытын ыйыталаста. Оҕонньортон бу эргин уйалаах кыыл баарын дуу, суоҕун дуу, ону аан бастаан хас сыллааҕыта көрбүтүн, төһө сотору буола-буола көрөрүн, саамай кэлин хаһан көрбүтүн, туох бэлиэ хамсаныылаахтарын, кини көрөрүгэр тугу гына сылдьар буолалларын эҥин сиһилии сураһан дэлби кэпсэтиннэрдэ. Онно сыһыаннаах урут бэйэтэ билбитин-көрбүтүн эмиэ кэпсээтэ.
Киэһэни онон, ирэ-хоро кэпсэтэн, билбэккэ атаардылар. Көстөкүүн кырдьаҕас, сир ыраах, суол да куһаҕан диэн уонна төннөрүгэр үөлээннээҕин, бэйэтэ да моһуокка ылларбыт киһини, хос-хос түбүгүрдүмээри бэйэтин атынан кэлбитэ. Онон утуйалларыгар Микииппэр оҕонньор, икки аты илдьэн аһатан баран, таарыччы xoнoho утуйар таҥаһын кытта хааһахтаах малын кыбынан киллэрдэ. Xaahaxтaax малын кырдьаҕас ohox кэннигэр уурдарда. Утуйар таҥаһын сылыттаран, yҥa ороҥҥо кыл сөрүө үрдүгэр, дьиэлээхтэртэн эһэ тэллэх эбии уурдаран, сылаас, сымнаҕас таҥаска тиэрэ түстэ да, утуйан хаһыҥыраан хаалла.
Сарсыныгар Ньахсаан ойуун, соччолоох кэпсэппэккэ-хайаабакка кэтэҕиттэн тардыстан баран, күннүктээн, уҥа ороҥҥо тиэрэ түһэн сытан таҕыста. Таһырдьа кыһалҕатыгар