Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит. Василий Яковлев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит - Василий Яковлев страница 4
Киэһэ күөс буһарын күүтэ, уотун иннигэр саҥата суох аргынньахтыы олорбохтоон баран, эмээхсинэ хотонуттан ынаҕын ыан тахсыбытыгар, көхсүн этиппэхтээн баран, сөҥ куолаһынан:
– Эмээхсиэн, тугу билэн-көрөн олороҕун? – диэтэ.
– Суох! Атын күтүр! – диэн эмээхсинэ соһуйан татыаккалыы түстэ. – Тугу биллэрээри-көрдөрөөрү гынныҥ? Бу күтүр хайдах-хайдах буолар, оҕолоор! Хата, киһини куттаатаҕа үһү! Туох буолан дэлбэритэ ыстана олорор?
– Ити кыбыыҥ кэтэҕэр баар улахан тиити өйдөөн көрөҕүн дуо?
Эмээхсин, оҕонньорун дьиктиргээн, балачча саҥарбакка гынан баран, оонньуу оҥостубатын билэн, хоруйдаата:
– Билэн. Онно туох баарый?
– Тойон кыыл арахпат буолла ээ, эмээхсиэн, онтон.
– Тойон кыыл да? – эмээхсин, эмиэ соһуйан, хаһыытыы түстэ.
– Кэлэн олорбута бүгүн төрдүс күнэ бүттэ.
– Бу симиэт оҕонньоро уон араас буолан эрдэҕин көр эрэ! Иирээри гыммыт дуу, киһинэн оонньуур дуу? Бу бачча кыс хаар ортото ол хантан кэлбит кыыл олорбут үhүө?! – эмээхсин, оҕонньорун мөҕөн кутаалаамахтаан баран, кэлин сымнаата. – Сорох күнү быһа киирэр-тахсар да, суох, көрбөппүн дии. Хайа, хараҕыҥ иирэрэ буолаарай?
Оҕонньор эмээхсинэ этэрин истибэт курдук кэпсии олордо:
– Барбат кыыл булбут быһыылаах. Санаа-оноо бөҕөҕө баттаттым. Түүн аанньа утуйбат буоллум. Түүл-бит да бөрөкүтэ суох. Хайдах-хайдах кыстаан туораахтыырбыт буолла быйыл?
– Айыыны caҥapбa, күтүөр! Эн биһигиттэн, аны кэлэн, туохпутун булан сиэри манаан олорор үһүө? Барардаах-кэлэрдээх буоллаҕына, бараа-кэлээ ини.
Онтон киэһэ оҕонньор муннунан да, айаҕынан да тыыммата. Арай утуйарыгар таһыттан Баһырҕаһын ыҥыран киллэрдэ. Аанын хатыы туран:
– Күнүс киһи cyoҕap, сэрэнэн, далгар хараххын быраҕа сылдьыаҥ этэ. Ытыҥ хааллаҕына, ыккын эмиэ көрө сырыт, – диэтэ. – Уонна, бaҕap, түбэстэххинэ, куттуу, дьаҕарыйа, боотурҕаһа сылдьаайаҕын… Бу икки атахтан кини күлүгүн быһа хаампыт суох буолуо. Дэлэҕэ көтөр кынаттаахтар ыраахтааҕыларынан аатырыа дуо? Сырыттын талбытынан. Биһигини бэйэбитин эрэ тыыппатын. Сүөһүбүтүн-аспытын аймаабата буоллар абырыа этэ.
Сарсыныгар Микииппэр оҕонньор эрдэлээн, атах тардыстаары, атын көлүнэн, сохсо туруора тахсан баран, хараҥа буолтун кэннэ ыкса киэһэ киирдэ. Өссө тыа быыһынан балаҕана элэҥнээн көстөр сиригэр кэлээтин оһоҕун үөлэһин одуулуу сатаата да, тоҕо эрэ кыым кытыастыбат. Түннүккэ даҕаны уот-күөс баар сибикитэ биллибэт. Ону төһө да атыҥырыы санаатар, сыарҕатын туруохтаах сиригэр, кыбыытын айаҕар аҕалан тартарда. Атын сыбыдахтаата, тиистээх кымньыытынан кырыатын соппохтоото. Ол туран тиитин көрбөхтөөтө да, xapaҥa буолан, хараҕа тугу да быһааран араарбата.
Дэлби дьагдьайан, тиэтэйэ-саарайа дьиэтин ааныгар тиийэн, үгэһинэн кырыатын илбиммэхтээн, ыт үтүлүгүнэн сыарҕаҕа кэтэр сылгы тыһа этэрбэһин тэбэммэхтээн,