Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит. Василий Яковлев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит - Василий Яковлев страница 5
Уот тигинэччи умайбытын кэннэ, эмээхсин нэһиилэ саллаҥнаан туран, ынахтарын сыппайа таҕыста. Урут тымтыгын бэйэтэ уматан киллэрэн, хотон тулааһынын хайа барбытыгар кыбытан, сырдатынар буолара. Бу сырыыга оҕонньоро, батыһан киирэн, тутан биэрдэ.
– Ыл эрэ, оҕонньоор, өйдөөбүччэ, ити Салбырҕаскын бигээн көр эрэ. Өрүү иэппэт буолан хаалла. Уолаары гынна дуу, хайа үөдэн, – диэтэ, бастакы ынаҕын ыан бүтэрэн, иккиһигэр көһөрүгэр. – Мин күн аайы талкыйабын да, өрүү билиннэрбэт. Тыыллан да биэрэр кутайан, эмээхсин киэнэ матаҕата да улахана бэрт.
Оҕонньор, тымтыгын баҕанаҕа кыбытан, саҥата суох ыаммыт ынах иһин, тиийэн, бигээмэхтээн көрдө.
– Һa! Бүөрдээбит дии.
– Э‑һээ! Айылааҕа оннук буоллун. Ол иһин быйыл эрдэ соҕус буолуохтаах этэ, – эмээхсин үөрэ түстэ, чэпчээбит курдук буолла. – Соморойуҥ, дэлби кылгыахтаан, аанньа уулаабат. Apaaha, тииһэ кылыа буолбут дуу ханнык эрэ. Көрөн, аалан биэриэҥ этэ.
– Ээ, ол былырыыҥҥыттан кыайан уулаабат. Оҕонньор кырдьаахтаатаҕа даҕаны. Аны саас арыый кыайар-хотор эрдэххэ, кунаны айааһаныллыа этэ. Оччоҕо үйэбитигэр тиийэр оҕустаныа этибит.
– Маҥаас кунанчааны дуо? Маҥаас кунанчаан, дьэ, оҕус бөҕө буолан тахсыа, доҕор!
– Соморойу аны сайыҥҥыттан кур ыытыахпыт. Дьыл-уот үчүгэй буоллаҕына, икки-хас сыл уотуохпут.
Ити курдук ону-маны баллыгыраһан, киирэн чэйдээтилэр. Бүгүн ньыха киэһэ – эт сиэбэт киэһэлэрэ.
Эмээхсин, оҕонньоро кэлэрин кытта балачча кэҥээн, дьэгдьийэн, тыл-өс киһитэ буола түстэ. Аны хотон иһинээҕи кэпсэтиилэрин салҕаан, аттарын сааһын, ыттарын сааһын ырыттылар, быһаарыстылар.
Түмүгэр, саҥата суох олорбохтоон баран, эмээхсин үөһэ тыынан ылла:
– Эрэйдээхтэр бааллара төһө сылга-хонукка бараарыбыт, баайбыт-дуолбут сыыһын барытын ырыттахпыт үhү. Киһи да күлэр ээ. Бүгүн оттон ити биир кыыл дьүһүнүн көрөөрү, сиргэ охто сыстым буолбат дуо, мин. Уонна баран ханна уһун уоппун оттуох баҕайыбыный бу?
– Чэ, бээ, алыс айманыма! – оҕонньор эмээхсини намыратардыы оргууйдук саҥарар. – Кини даҕаны айыы кыыла ини, баҕар айыынан арахсыаҕа. Таҥара да кыыла