Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит. Василий Яковлев

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит - Василий Яковлев страница 9

Жанр:
Серия:
Издательство:
Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит - Василий Яковлев

Скачать книгу

супту сурулаан таҕыста, онтон салгыы, моонньугар мойбордоох мохсоҕол кыыл буолан, кыырай халлааҥҥа кылыбырайа көтө турда, ол көтөн, сүүрэр атахтаахтар, көтөр кынаттаахтар айбыт аҕаларыгар, үҥэр таҥараларыгар, үрдүк сууттарыгар Үрдүк Айыы тойоҥҥо тиийэн, үҥcүү түһэрдэ, көрдөһүү киллэрдэ, ааттаһыы ааттаста. Анараа оҕонньор туох диэбитин, туох дьүүлү-дьүһүнү түһэрбитин уоһунан эппэтэ, «истэрбин иһиттим, ситиһэрбин ситистим» диэтэ да, сир ийэтигэр, силлиэҕэ оҕустарбыт сэбирдэх курдук, тэлбээрэн кэлэн, тэлгэһэтин иһигэр дэгдэс гына олоро түстэ да, yҥa диэки ортоку түннүгүнэн дьиэҕэ ньим гынан хаалла.

      Ойуун бэйэтэ бэйэтинэн буолан баран, бу курдук диэн киһилии саҥаран оҥсолуйда.

      – Үөдэн көтөрүн кытары өксөкү кыыл буоламмын өлөрсө тахсаары гыммытым кыаллыбата. Үрдүк Айыы тойон, умса көрөн олорор буолан, хотоҕойбун хомунаары хамсаатарбын эрэ көхсүм тэһиинэ көтүрү бараары гынар. «Айыы аймаҕын абааһы бииһиттэн араҥаччылыах буолан, ап-хомуһун ылан, алгыс тылбын истэн бараҥҥын, аны айыы көтөрүн араабылаары гынныҥ дуо, анаҕас баара!» – диэн анараа оҕонньор дьаҕарыйда.

      Онон суолум аанын суор кыыл буолан тыыран бараммын, мохсоҕол көтөр буоламмын муҥурун нэһиилэ буллум.

      Дьэ, убайдаатар убайым, доҕордоотор доҕорум! Бииргэ үөскээбит үөлээннээҕим! Үрдүк Айыы тойон оҕонньор эйиэхэ кырыктаах олорор эбит. Оҕо сылдьаҥҥын оту-маһы кумалыыр, оттомо суох оонньуулаах эбитиҥ үһү. Сир-дойду иччилэрэ инньэ диэн үҥсэллэрэ эбитэ үһү. Эдэр сылдьаҥҥын, эргэнэ хара тыаҕын кэрийдэххинэ, икки атахтаахтан иннибэр түһүөх ким баар буолуой диэн элэк-күлүү тыллаах буолар эбитиҥ үhү. Ону Үрдүк Айыы тойон бэйэтэ истэрэ үhү. «Бэйиккэй!» – диэн сааммыта өр буолта үhү. Быйыл буоллаҕына, бу маннааҕы уйалаах көтөрдөр, сүбэлэһэн баран, эмиэ киниэхэ тиийбиттэр. Кыра сылдьаҥҥын уйаларын тыытаҥҥын, онтукаларын алын өттө халтаҥ буолан хаалан, сылын аайы иккилии-үстүү сымыыты баттыыллар үhү да, кэлиҥҥи кэмнэргэ наар биирдии эрэ оҕону көтүтэр буолтар үhү.

      Онон Үрдүк Айыы тойон, буруйгун-сэмэҕин мунньан муунталаан, ити эйиэхэ соруйан ыыппыт кыыла сылдьар үһү.

      Конец ознакомительного фрагмента.

      Текст предоставлен ООО «ЛитРес».

      Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.

      Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.

      Примечания

      1

      Мааска – куоска.

/9j/4AAQSkZJRgABAQEASABIAAD/2wBDABALDA4MChAODQ4SERATGCgaGBYWGDEjJR0oOjM9PDkzODdASFxOQERXRTc4UG1RV19iZ2hnPk1xeXBkeFxlZ2P/2wBDARESEhgVGC8aGi9jQjhCY2NjY2NjY2NjY2NjY2NjY2NjY2NjY2NjY2NjY2NjY2NjY2NjY2NjY2NjY2NjY2NjY2P/wgARCAk0BcYDASIAAhEBAxEB/8QAGgAAAwEBAQEAAAAAAAAAAAAAAAECAwQFBv/EABkBAQEBAQEBAAAAAAAAAAAAAAABAgMEBf/aAAwDAQACEAMQAAAB8suNQYAJiaYhVABQhxLBQQjEDQ1T1yRgCKmVNMQAFITVE2nZLBdCNEympNYOs5CpAAGhUqCSgSvM2maRDRcASAtFJAQDKNMmgQEk0MYOQNM2gcMdZhpNZFywpBRJUMAdQqtSRUPSsmawZyAFkisU0jSAoTQ9caAJpMcSVIxVUuogaolgaQIWsFOURpmaVmXMC2yp3M2AVLA6IodKWQm2Q9ctSktjITByDJZrldS5g7Et5rK5cB1ZVkVEUqgl7Yy9AEZZsjSEAAIAGBpkMTCGkDGqC5JH2Rw0mAwU3CsEVIQ1U0UbpgVINMctF565iuQCpCpompAZVQNQkUrTETAQ0TSpU4pKQDG6g0zggSmjaJa5VUm0YvQrKLIjSHThuJqbItBNklaYdJkmVpk+g5FZBNb1gtIEtsgJI6MltZlOsWprSMx1SnTOAABqlcqNZSsNMqVLfApyVc0klNypgXkBblUDQVIXKYF52UlUCKtVSItsdAJdZ0yItKU0yZSTsudM7BXK7RIRrnuYGsFYaRi9RQcYKGVIIIYFCCBp0BMMVADACl1cwIEUNFRUAqUomo2ydWIKJ1yAZpWTFCmoXSHSJpFCBiBtIcDCgLzqKouIHFiz0QRQJplCRWe2dAqgqpp6ZI06OZUUlCVUTOucZ1VVmrmHUzVxcCuNBMQAE1GhpmKmCgm4KmriKya0N

Скачать книгу