Номох буолбут кэпсээннэр. Евсей Лугинов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Номох буолбут кэпсээннэр - Евсей Лугинов страница 3

Жанр:
Серия:
Издательство:
Номох буолбут кэпсээннэр - Евсей Лугинов

Скачать книгу

эппитим курдук, суол былаһын тухары дьону кытта кэпсэтэн, ааһа турар гына аттарда бэлэмнэт. Эн кэлиэххэр диэри эмээхсиҥҥэ доҕор буолан олоруом, көстүбэти хайдах гынан суох оҥорору тобулуом, – диэтэ.

      Нөҥүө күнүгэр оҕонньор кыһыны туоруур чэй, табах, бурдук була улуус киинигэр аттанна. Уонча хонон баран, биир ат сэтиилээх, култайбыт бэрэмэдэйдээх төннөн кэллэ. Ойуун кини туттуутуттан-хаптыытыттан барыта бэлэм буолбутун өйдөөтө, онон, дьиэлээхтэргэ тыл көтөхтө:

      – Ытык кырдьаҕастар, Добдурҕа ыйа буолла, эт ирбэт кэмэ кэллэ. Манна хонон-өрөөн барбытым бэлиэтигэр тиҥэһэҕитин хастаан, чоҕочута сиэх.

      Оҕонньордоох уһата-кэҥэтэ барбакка, сүөһүнү сүүскэ охсон тэс гыннардылар да, иһиттэн, этиттэн ботуччу буһаран бурулаттылар. Көбүө сүөһүнү астыы сүпсүлгэнигэр сылдьан Көрбүөтүн сирэйин-хараҕын кэтии сырытта. Күөс оргуйа турар кэмигэр таһырдьа утуу-субуу таҕыстылар.

      – Хайа, өссө туох тэрээһин нааданый? Туох албаһынан кыйдыыр буоллуҥ? – диэн дьиэлээх ыйытта.

      – Ол нэмэ олох судургу эбит. Этитиилээх оруоһунан кыайдахпытына кыайабыт. Утуйар кэм чугаһыгар тахсан аккын ыҥыырдаар. Бэйэҕит томмот гына оҥостон, ампааргытыгар тахсаарыҥ. Сарсыарда халлаан сырдыар диэри онтон быгымаарыҥ, – диэтэ Ойуун.

      Күөстэрин хоторон, аһаан, бэркэ астынан, тиҥэһэлэрэ куҥ-нааҕын хайҕаатылар. Эмээхсин иһити-хомуоһу хомуйуор, өлүү ас ууруор диэри Көрбүө көмүлүөк иннигэр олорон:

      – Саам буораҕа сиигирэн, сүгүн-саҕын тэппэт буолан хаалла. Бу оруос сиэмэтин сииги тартара таарыйа симиэххэ эрэ, – дии-дии, ылахтаһар быһыынан саа уоһугар туорааҕы чуумпуурунан симтэ.

      Көбүө оҕонньор ити кэмҥэ тахсан сэтиилэммит атын ыҥыырдаан кэбистэ. Үлэспиттэрин курдук, эмээхсинин киирэн соруйда:

      – Истиэ, дьиэбит иһэ оргуйан сылааһа бэрт буолсу, киэһэнэн халлааммыт сылыйбыт курдук буолбут. Бүгүн тахсан ампаарбытыгар утуйуох.

      Эмээхсин тугу да саҥарбакка, таҥас таһаарар түбүгэр түстэ. Ол курдук тахсан ампаардарыгар киирэн, ааннарын олуйан баран, чохороон сыыһын туппутунан, суос-суостарыгар бигэнэн хороһон олордулар. Сотору соҕус саа тыаһа ньиргийэ түстэ да, киһи сүүрэн тибигирэйэн ааста. Өтөр аты самыыга охсор тыас уонна соруйар саҥа иһилиннэ. Ону кытта ат туйаҕын тыаһа тус арҕаа битигирэйэ турда… Оҕонньордоох эмээхсин кулгаах-харах иччитэ буолан, бэрт кутталынан, титирэстээһин бөҕөнөн уһун түүнү атаардылар. Халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ, харса суохтарын киллэрэн ампаардарыттан таҕыстылар. Сарсыардааҥҥы кырыаҕа туох да суолун булбатылар. Арай далга турар сылгылара от көрдөөн иҥэрсийдэ. Дьиэ аанын айаҕар кэлбиттэрэ, аан тэлэччи аһыллан турар эбит. Иһирдьэ аан модьоҕотун атыллаан киирбиттэрэ: остуол, кытыйа тус-туһунан иҥнэһэн сыталлар. Сандалы туһунан буорга үөс курдук хара хаан халыйбыт. Хааны батыһа көрбүттэрэ: улахан баҕайы хааннаах ытыс суола аан холуодатыгар бэллэччи олорон хаалбыт. Итини барытын Көбүөлээх Истиэ чуҥнаан үөрэтэ турдахтарына, соһуччу тымныы

Скачать книгу