Номох буолбут кэпсээннэр. Евсей Лугинов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Номох буолбут кэпсээннэр - Евсей Лугинов страница 6
Уоһук тиэтэйбэккэ эрэ атыырын көнтөһүн сүөрэн, бүтэй ааныгар чугаһатта, туора тардыллан турар сүллүгэстэр аттыларыгар туран ат баһын быатын дэгин өттүттэн холбуу тутта. Атыыр, тулуйбатахтыы-тэһийбэтэхтии, тэпсэҥэлээн ылла. Сылгыһыттар сүллүгэһи сулбурута тардалларын кытта, атыыр бөтөрөҥ ойуунан таҕыста. Ону кытта бэдэр бэргэһэлээх, тииҥ кутуруга нээлбилээх, бүүчээн тириитэ сарын таҥас нээлбиктээх, бөрө үтүлүктээх, таба саҕынньахтаах, таба тыһа күрүмүлээх киһи атыыр ойоҕоһунан сүүрэн тэлэкэчийэн иһэн, ыарҕаттан көтөн тахсыбыт хабдьы курдук салгыҥҥа дайаат, лөглөс гына олоро түһэн быраһаайдаһан, уҥа илиитин өрө көтөҕөн кэннин хайыһан көрбөккө эрэ, ат туйаҕынан чигди хаары көҥү тэптэрэ уу дьоруонан битигиччитэ турда. Ону көрөн туран дойдулаах тойон:
– Оо, тэгил дойдуттан тэҥнээҕэ, хол дойдуттан холооннооҕо кэлбит эбит. Манна сылдьан дьон оттоох күрүөтүн алдьатан дьылга ыытыаҕынааҕар, атын үөр атыырдарын аймыаҕынааҕар, туора дойдуга баран туйгун атыыр буоллун, атын сиргэ баран ааттаах ат буоллун! – диэн ботуччу да соҕус сыанаҕа атыылаабытын бэркэ астынан туран алҕаата.
Уоһук күҥҥэ уоннуу көһү түһэн нөҥүө күнүгэр киэһэ хонугар өтөҕүн булла. Тымныы күн-дьыл ыган иһэр буолан, өр таалалыы сыппакка, суол-иис көрө таарыйа өтөҕүн таһынааҕы үрүйэлэри сыыйда, харыстыы соҕус дулҕалаах маардаах хочолору устатынан-туоратынан оймоото. Ол тухары ат улаханнык илистибитэ көстүбэтэ, сымнаҕас систээҕэ, дул-ҕаһыт-дьаппаһыт дьоҕурдааҕа билиннэ. Онтон дьэ ыырын кэҥэтэн ааттаах Ааллаах өрүс үрэхтэринэн, Аллан эбэ хаҥас кытылларын от үрүйэлэринэн тайааталаата. Ол аайы атыырын бииртэн биир дьоҕурун таһааран, майгытын билэн истэ. Сөхпүтэ диэн баар: биирдэ саһылы эккирэтэн ситэн тайаҕынан охсон бултуоҕуттан, сылгыта бэйэтэ иччитигэр оҕустарар түгэн биэрбэккэ илин туйаҕынан табыйан эбэтэр таптарбатаҕына тииһинэн түһэн моонньун булгу хадьырыйан бултаан биэрэр буолла. Хайа да бэйэлээх тайаҕы атахтаах оҥорбокко ситэн тиийэн, тойонугар тайыынан өтөрү түһэртэрэн бултатан абыраата. Онон, атыырын эллээн баран, Хардааччы диэн соргулаах ааты иҥэрдэ. Ол да буоллар тыа да талыы кыылларыгар уҥмат тыҥалаах, быстыбат бырталаах лөкөйдөр баар буолар эбиттэр.
Биирдэ Уоһук Эбэ мууһа турбутун кэннэ Кээлбик диэн от үрэххэ тайахтыы таҕыста. Ол күн бу соторутааҕыта кэлэн ааспыт лөкөй суолун көрөн үөрдэ, хайаан да эккирэтэн ситэн бултуурга сананан атын суолу батыһыннаран тиҥилэхтээтэ. Улгум бэйэлээх Дьөһөгөй оҕото ону эрэ кэтэспиттии, бугуһуйбут курдук иннин диэки түһүнэн кэбистэ. Арай кыыллара, бөрө курдук, барбыт тосхолун уларыппакка арҕаа диэки айанныы турбут. Уоһук ыраатаары гынныбыт ээ диэн ытырыктата санаан баран атыырыгар эрэнэн – эккирэппиччэ эккирэтиэххэ диэн атын айанын быспакка, тула өттүн көрө-истэ истэ. Күн