Номох буолбут кэпсээннэр. Евсей Лугинов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Номох буолбут кэпсээннэр - Евсей Лугинов страница 5
Улуу ойууну бары сиэри-туому тутуһан араҥастаан кэбиһэллэр, уол онуоха-маныаха диэри соҕотоҕун олорор. Онтон сотору сыарҕа хаара түһэр, ону кытта тэҥҥэ били тойон баар буола түһэр.
Ол кэлэн, аны бу сир-дойду миэнэ, бас билиим буолар, оккун-маскын барытын ылабын диэн туран, аттаах-оҕустаах дьонугар дьаһал биэрэн, көрөн туран кэбиһиилээх отун тиэйтэрэн, дьонун иннигэр түһэн айаннаабытынан барар.
Уол эрэйдээх атаҕастатан, икки иэдэһинэн хараҕын уута субуруйа сүүрэ, сарылаабытынан, били удьаа хамыйаҕын харбаабытынан, аҕатын уҥуоҕар сүүрэр. Ол тиийэн ытыы-ытыы, аҕатын араҥаһын таптайан табырҕатар итиэннэ:
– Ыы-ый-ыыйбыа-ан! Аа-ай аайбыан! Бу күрүлүүр күнүс талаан бардахтарыа-ан. Көмөлөһүөх буолан баран, көмөлөспөтүҥ! Харыстыах буолан баран, харыстаа-батыҥ! – диэн аймаммыт.
Ону кытта, хантан кэлбитэ биллибэтэх, чугуун тыаһын курдук тыас иһиллибит да, арҕааттан хара холорук хаары ытыйбытынан, сир-халлаан силбэһиитэ ханан да көстүбэт ала буркунун түһэрэн, барбыт дьон туһаайыыларынан айанныы турбут.
Сотору соҕус дьон уолуйбут хаһыыта, ат кистээһинэ бөҕө дуораһыйан иһиллибит да, сыарҕалаах оттор өрө ытыллан тахсан алааһы биир гына ыһыллыбыттар. Өр дуу, өтөр дуу буолан баран, күүстээх тыал эмискэ уостан хаалбыт. Уол балаҕанын таһыттан көрө турдаҕына, онно-манна үрэллибит дьон бэрт түргэнник хомуллан, кэлбит сирдэрин диэки харбыалаһа турбуттар.
Тойон ол алаастан барыаҕыттан балаҕаныгар тиийбэтэх, аҕыйах чаҕар дьонун кытта үөр буолан, Бахсы тойоно аатыра сылдьыбыт. Хойутаан хараҥалаппыт айанньыттарга, эргэ быраҕыллыбыт өтөхтөргө көстөр буолбут.
Урааҥхай удьуора, түҥ уус төрүөҕэ, Маайыскай тоҥуһа, Эдьээн нэһилиэгин төрүт-уус киһитэ Уоһук Сахаарап бултууругар, атах тардыстан айанныырыгар үчүгэй аҕай сэниэлээх сылгыта суох буолан эрэйдэннэ. Булда уот кыһыл да, кырымахтаах хара да саһыл буоллун, адаар муостаах тайах да буоллун – кини миҥэ гына миинэ сылдьар соноҕосторо көлөөктөрүттэн, иҥиирдэрин сындааһына сымнаҕаһыттан, көрдөрбүтүнэн туран таһы сыа хаарга уйдаран, халыҥ хаары күрдүргэччи кэһэн куотан хаалан үгүстүк сииккэ сиэллэрэн, хаарга хаамтаран абартылар. Дьэ саҥа эккирэтэн бөтөрүҥнэтэн иһэн маар дулҕатыттан иҥнэн, батырчахтаа-бытынан умса тобуктуу түһэллэрэ ол суох, тоҥуу хаары оймоон баран иһэн, сотору соҕус уҥан, көлөһүннэрэ сарт түһэн, көбүөхтүү иннилэринэн да, кэннилэринэн да барар кыахтара суох буолан, хаарга сытынан эбэтэр кэннилэринэн чинэрийэн иччилэрин баттыы сыһан иттэни түһэллэрэ ол суох. Хаһан сылгы хаарга таалан сытан баран, оронон туран уоскуйуор диэри бултарын суола сойор, ардылара атан ыраатар. Онон, тута бултаммакка, атын туох эмэ албаһынан бултуохха диэри көччүйэллэригэр тиийэллэр. Уоһук бэйэтин сылгыларыттан биир эмэ үчүгэй уҥмат тыҥалаах, быстыбат быртылаах сылгы үөскүүрүн кэтэһэ сатаан кэбистэ да: биир кини санаатын толорор сылгы үөскээбэтэ,