Номох буолбут кэпсээннэр. Евсей Лугинов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Номох буолбут кэпсээннэр - Евсей Лугинов страница 7
Сылы-хонугу кытта Уоһук бэйэтэ кырдьа быһыытыйда, аһыыра-сиирэ мөлтөөтө. Эти сиэтэҕинэ, куртаҕа дэлби аалларан ыалдьар, ол иһин аһын уларытан хаан буһартаран сиир, бурдук дэлэй соҕустук көһүннэҕинэ судурааннаан, оргуйбут ууга суурайан убаҕас хааһы гына оҥорторон үссэнэр. Оччоҕуна, хайдах эрэ куртаҕа сынньаммыт, ыарыыта аматыйбыт курдук буолар.
Дьылдьыттар сабаҕалыылларынан, быйыл угут дьыл буолуох курдук, ол гынан баран саас үллүктээбит хаар муус устар ортотугар уостан, сир хайыы-үйэҕэ элэмэс таба курдук дьүһүннэннэ. Саас уһаары гыммыт сибикилээх, күн эмиэ да чэмэличчи тыгар курдук да, хатааһына диэн сүрдээх. Сүгүн-саҕын мууһун ууллартарбат. Былырыын күһүн күөллэр, үрэхтэр тот сытан тоҥмуттара. Сэтинньи ортотуттан саҕалаан олунньуга диэри хастыы эмэ күннээх сэргэ баһа сэтэриччи тоҥор тымныылара түһүтэлии сылдьыбыттара. Ол да иһин буоллаҕа, муус быйыл аһара халыҥ. Онон, өрүс үрдүгэр олорооччулар сүрүннээн сэргэҕэлиир сонуннара өрүс быйыл хайдах эстиэн, былыргыны – аныгыны санатыһан, күнү-дьылы сылыктаһыы буолла.
Ыам ыйын ортото, кэтэһиннэрэн-кэтэһиннэрэн, күүтүүлээх кэмнэрэ дьэ кэллэ. Күндэ үрэх үрдүк мырааннарыгар олорор аҕа уустара сэрэхтээх өттүлэрэ ынахтарын-сылгыларын хаайталаатылар. Арай Тараах эрэ оҕонньор наҕылыйан олорон баран, дьон олус аймаммытын иһин, үрэҕи туораан уонча сылгытын хочоттон сатыы үүрэн кэлэн иһэн сынньана түһэн, чэй иһээри амынньыары тоһута сылдьан, дулҕа быыһын көрбүтэ: уу күрүлгэннии күллүгүрээн, көрдөрбүтүнэн туран сүүрүгүрбүнэн барда. «Арааһа, өрүс эһиннэ, хочону уу толоро илигинэ тэскилии охсуохха, сылгылар бэйэлэрэ да батыһан тиийээ инилэр», – дии санаат, солуурчаҕын тоҕо сүөкээт, үс биттэхтээх үрүмэччи тыытыгар харбыаласта. Маар быыһыгар уу туолбута сүрдээх. Ууну-сииги кэспитинэн үрэх үрдүн кырдалыгар тиийбитэ, маарыын үөһэ тардыбыт тыыта субу устан барыахтыы, биэтэҥнии-күөгэҥнии турар эбит. Хата, талахха баайбыта абыраабыт. Сүөрэн, бэйэтигэр тарда охсон, киирэн олорон баран, мыраанын диэки сыыйылыннарда. Аартыгар тиксэн баран, били кырдалын көрбүтэ: уу үрдүнэн таһыйа охсон эрэрэ.
Аллан