Номох буолбут кэпсээннэр. Евсей Лугинов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Номох буолбут кэпсээннэр - Евсей Лугинов страница 4

Жанр:
Серия:
Издательство:
Номох буолбут кэпсээннэр - Евсей Лугинов

Скачать книгу

дуу?» – диэн аргыһыгар туһаайан эппит. Онуоха аргыһа өҥөйөн көрөн баран: «Па, оҕото бэрт эбит. Олорбохтуу түстүн», – диэн хардарбыт. Харата турбахтыы түһэн баран: «Нохоо, биһиги сотору төннүөхпүт. Ол төннөрбүтүгэр манна суох буолуохтааххын», – диэбит.

      Уол уһукта биэрэн, дьон барбыт сирдэрин диэки өҥөйөн көрбүтэ: сыыры таҥнары икки ат самыыта туртайан көстөн иһэн симэлийэн хаалбыт. Уол бэрт суһаллык хомунан, ыллыгынан ойуур быыһыгар түһэн айанын салҕаабыт.

      Хойут, уонча сыл буолан баран, ол уол кэргэнэ түһээн үүт-маас ол дьону көрбүт. Ол күн бастакы оҕолоро күөлгэ ууга түһэн өлбүт.

      Ол киһи кэлин сааһыран баран Күп нэһилиэгин Маарыла Төрдө үрэҕэр бултуу дуу, туох соругунан дуу тахсан баран, былыргы ыллык ойоҕоһугар балаакка тардынан утуйа сыппыт. Арай ол сыттаҕына, ыта үрэн тоҕо барбыт. Олоро биэрэн аанын быыһын сэгэтэн көрбүтэ: борук-сорукка биир дьуп-дьулугур синньигэс тэтиҥ ыты таба охсоору сабыы, курбуулана аҕай турар үһү. Ымыылаах ыт ол тэтиҥи, аһаран биэрэ-биэрэ, балааккаҕа чугаһаппакка үрэ сылдьыбыт. Бэрт өр оннук киирсэн баран, ыт саҥата, ханна эрэ ыраах иһиллэ-иһиллэ, сүтэн хаалбыт. Сарсыарда туран айаннаары гыммыта ыта кэлбэтэх, устунан оннук сүппүт.

      Кэлин ити түбэлтэни дьоҥҥо кэпсээбитигэр, кырдьаҕастар «суол иччитэ моһуоктаабыта буолуо» дэспиттэр.

Бахсы Тойонун туһунан номохтон

      Былыр-былыргыттан Боотур Уус ыччаттара ханна тиийбэтэхтэрэ баарай?! Удьуор утумун салҕаары, кэнчээри ыччаты тэнитээри, киһи-хара буолаары, хара тыаны батан бултаан-алтаан, иитэр-аһатар Иһэҕэйдэрин, Дьөһөгөйдөрүн оҕолорун ииттинээри үрэҕи-маары баһылаан, араас кыһалҕалары ааһан, модун санааларын булгуруппакка, өркөн өйдөрүн өһүлбэккэ, «Һай-һат» диэн саха буолан сандаарыйан, урааҥхай буолан ууһаан, тоҥус буолан туругуран баччаҕа диэри үүнэн-сайдан кэллэхтэрэ. Ол былаһын тухары кэккэ сылдьар дьонноругар, оҕолоругар сайыҥҥы буһук куйаас күннэргэ от үлэтин кэннэ киэһээҥҥи сынньалаҥҥа, кыһыҥҥы умайык тымныыга дьиэ ис-тас үлэтин кэннэ уһун түүннэргэ, дойду оҥостубут сирдэригэр, көмүлүөктэрин суоһугар сыралла төрөөбүт түөлбэлэрин сэһэнин сэһэргииллэрэ.

      Былыр арҕаа улуус аата-суола биллибэт биир улахан алааһыгар ааттаах-күүстээх ойуун олорбута үһү. Бу ойуун алааһа өҥ-быйаҥ буолан сылын аайы ботуччу от кэбиһиитин ылар эбит. Ол сураҕа ол эргин олорбут биир баай, тойон киһини утуппат буолбут. Хайдах гынан ол ойуун сирин-уотун бэйэтигэр ылар толкуйугар түспүт. Араас аатырбыт-сураҕырбыт ойууттары ыҥыртаран ылан абынан-хомуһунунан өлөртөрө, үтүрүйтэрэ сатаабыт да, кыайбатах.

      Сааһыары биир күн тоҕус ойууну мунньан күндүлээн-маанылаан, аһатан туран ойуун кэбирэх сирин булан, өлөр нэмин билэргэ дьаһайан кыырдарбыт. Ойууттара үс түүннээх күн кыыран баран, биир күн улуулара сууллан түспүт:

      – Бу ойуун көннөрү апка-хомуһуҥҥа өлбөт үөстээх эбит. Арай икки тарбыйаҕы төрөөбүт ынах сыатын сиэтэҕинэ, өлөр ыйаахтаах эбит. Оннук ынах субу сотору кэминэн бу сиртэн ырааҕа суох

Скачать книгу